Муҥха – саха омук мындыр өйүнэн айан таһаарбыт мууһу аннынан балыктааһын норуокка киэҥник тарҕаммыт, элбэх киһини түмэр биһирэммит көрүҥэ буолар.
Баай Байанай ыйын өрөбүлүгэр Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатын үлэһиттэрэ оскуола дириэктэрэ Игорь Сивцев салалтатынан Хоро нэһилиэгэр тиийэн «Арыыга буһарбыт» сиргэ муҥхалаан кэллилэр. Хоро нэһилиэгин баһылыга Алексей Ушницкай муҥханы салайар, көмөлөһөр дьону түмэн, олохтоохтор оскуола үлэһиттэрин үөрэ-көтө көрүстүлэр.
Муҥханы Афанасий Бурцев, киниэхэ көмөлөһөн Прокопий Трулин салайдылар, балай да ахсааннаах дьону сөпкө сааһылаан үлэҕэ аттаран туруордулар. Мустубут дьон сибиэһэй салгыҥҥа үлэҕэ көхтөөхтүк туруннулар. Күнүскү аһылыкка майаҕастар идэһэ ынах сүөһү этинэн миини биэдэрэлэргэ быргыччы буһаран, үлэ дьонун күндүлээтилэр. Күн устата муҥхаһыттар итии аһы астына аһаан сырыттылар.
Эбэ барахсан иччитэ Күөх Боллох Тойон көмүс хатырыктааҕынан дэлэйдик күндүлээтэ, муҥхаһыттар кыстык аһылыгы хааччынан үөрүүлэрэ үксээтэ, остуолларыгар собо миинэ, ыһаарыыламмыта хото тардыллыаҕа, кыһыҥҥы тымныы күннэргэ дьиэ дьонун сандалы тула түмүөҕэ.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.