Мүрү 1 нүөмэрдээх орто оскуолатыгар кулун тутар ылааҥы күнүгэр самаан сайыны саната сибэкки баала буолла. Сонун тэрээһини естественнэй биридимиэттэр «Эдельвейс» мэтэдьиичэскэй холбоһуга (сал. Евдокия Шахурдина) иилээн ыытта. Алын сүһүөх кылаастартан барыта 11 кылаас кэлэктиибэ биирдии сибэккини талан көрдөрдүлэр. Бэйэлэрэ сибэкки тэҥэ кэрэчээн кыргыттар Саха сиригэр үүнэр нарын-намчы сибэккини уобарастаан көстүүм кэтэн сибэкки туһунан сиһилии билиһиннэрдилэр.
I-II кылаастарга I миэстэ – баҕа батаһа (2 «а», кыл.сал. Ирина Габышева), II м. – таҥара кийиитэ (2 «б», кыл.сал. Александра Оконешникова), III м. – ньээм-ньээм (2 «в», кыл.сал. Евдокия Васильева), III-IV кылаастарга I м. – дөлүһүөн сибэккитэ (4 «а», кыл.сал. Евдокия Ноговицына), II м. – ньургуһун (3 «в», кыл.сал. Ольга Пестрякова), III м. – сардаана (4 «в», кыл.сал. Валентина Пермякова) ыллылар.
Маны тэҥэ сиэдэрэйдик симэнэн кэлбит кылаастар анал номинациянан бэлиэтэннилэр. Мүрүтээҕи эдэр натуралистар станцияларын педагога Алексей Винокуров кылгас сайыннаах Сахабыт сиригэр үүнэр сибэккилэр туһунан сырдатан оҕолор билиилэрин хаҥатта.
Сибэкки баала хараҕы сымнатта, санааны көнньүөртэ.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.