700-тэн тахса оҕолоох Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар Саҥа дьыллааҕы утренниктар саҕаланнылар. Бастакынан оскуола 1-гы уонна 2-с кылаастарын үөрэнээччилэригэр Саҥа дьыллааҕы бырааһынньык тэрилиннэ.
Кыраһыабайдык симэммит саалаҕа кырачааннар, учууталлар, төрөппүттэр тоҕуоруһа муһуннулар. Тымныы Оҕонньор Хаарчаанатынаан оҕолору эҕэрдэлээтилэр. Саҥа дьыллааҕы представлениелар, куонкурустар түмүктэринэн кыайыылаахтар бэлиэтэннилэр. Бииртэн биир үчүгэй маскарааттар Саҥа дьыллааҕы утреннигы тупсаран, киэргэтэн биэрдилэр. Араас дьүһүннээх Луо харыйа тула бүгүн манна муһунна.
Ангелина Парникова (2-с «б» кыл.), Давид Мальчекитов (1-кы «а» кыл.), Айна Оленова (2-с «б» кыл.), Саян Соколов (1-кы «б» кыл.), кыайыылаах Дыгын Шелковников (2-с «в» кыл) Луо маскарааттарынан сөхтөрдүлэр. Кинилэри хоруол (Дамир Сивцев, 2-с «в» кыл.) сэргэхтик «хонтуруоллаата». Оттон 1-кы «а» кылаас үөрэнээччилэрэ (кыл. сал. Елена Атласова) «Мулан» диэн кытай мультигынан маскараат оҥостоннор представлениеҕа кыайдылар. Оҕо аймах үөрүүтүнэн арыаллаах утренниктар салҕаналлар.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.