Мүрү 1-гы №-дээх орто оскуолатыгар саха тылын нэдиэлэтигэр интэриэһинэй күрэхтэһиилэр ыытылыннылар

Мүрү маҥнайгы нүөмэрдээх орто оскуолатыгар Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах «Төрөөбүт тылым – барҕа баайым» нэдиэлэ биллэриллэн, библиотекардар Люция Бурцева, Диана Гаврильева, учууталлар тэрийиилэринэн интэриэһинэй күрэхтэһиилэр ыытылыннылар.

Ол курдук, нэдиэлэ бастакы күнүгэр «Ийэ тылым – көтөр кынатым» кинигэ быыстапката турда. 9–11 кылаастарга «Толкуйдаа, оонньоо, кыай» өй оонньуутугар кыайыылааҕынан 11 «а» кылаас таҕыста (кыл. сал. В.Н. Афанасьева).

Сэрэдэҕэ улуустааҕы оҕо бибилэтиэкэтин кытары икки былаһаакканан 3–6 кылаастар үөрэнээччилэригэр «Таптыыр сахам тылынан» өрөспүүбүлүкэтээҕи дьыктаан суруйуута ыытылынна, барыта 58 оҕо кытынна. Түмүккэ 3–4 кылаастарга 1-кы миэстэ – Айаана Жиркова (4 «б» кылаас, сал. С.С. Бурнашева); 5–6  кылаастарга 1-кы миэстэ – Лиля Алексеева (5 «а» кылаас, сал. С.А. Федорова) ааттаннылар.

Чэппиэргэ сарсыардаттан сүүрүү-көтүү, бэлэмнэнии саҕаланан, саамай минньигэс түһүлгэ тэрилиннэ. 8–10 кылаастарга «Тарбаахаптыы астыахха» асчыт уолаттар күрэхтэһиилэрэ ыытылынна. Уолаттар шашлык, салаат, иэдьэгэйтэн минньигэс астаатылар, от-мас эбиликтээх сыттыын дыргыйар чэй оҥордулар. Муҥутуур кыайыылааҕынан 9 «б» кылаас үөрэнээччитэ Эрсан Готовцев буолла, 2-с миэстэ – Новомир Сивцев (8 «в» кыл.), киниэхэ «Ураты амтаннаах ас» анал аат иҥэрилиннэ, 3-с миэстэ – Айхал Неустроев (8 «а» кыл.), Айхал «Кэскиллээх асчыт» анал аакка тигистэ. «Төрүт саха аһа» анал аат 10 «а» кыл. үөрэнээччитигэр Юра Прибылыхха иҥэрилиннэ.

Бу  түһүлгэни технология учуутала Лариса Жиркова  тэрийсэн ыытта, кыттааччыларга бириистэри кинини сэргэ дьүүллүүр сүбэ  туруорда.

Төрөөбүт тылбытыгар норуоппут олоҕо, мындыр өйө-санаата, төрүт үгэһэ, аһа-үөлэ барыта тиһиллэ сылдьарын ыытыллыбыт нэдиэлэ өссө төгүл чиҥэтэн биэрдэ.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.