Мындаабалар оскуола саҥа дьиэлэнэрин эрэнэ күүтэллэр

Үгүс спортсмены, чемпиону иитэн таһаарбыт Мындааба спортивнай хайысхалаах орто оскуолатын дьиэтэ эргэтэ, билиҥҥи үйэ, үөрэхтээһин ирдэбилигэр эппиэттээбэтэ биллэр. Бу кыһалҕа турбута ыраатта. Оскуола буолан турар дьиэ кулууп, оҕо саада, «Сельхозтехника» хонтуората, кэлин оскуола дьиэтигэр уларытыллан үлэлии турар.

Оҕо үөрэнэр, инернакка олорор, эдэр дьон үлэлиир усулуобуйалара суоҕуттан Мындаабаттан сүүсчэкэ оҕо Бороҕон, Чараҥ оскуолаларыгар үөрэнэрин уонна атын сиртэн кэлии аччыырын тустаахтар бэлиэтииллэр. Онон оскуола дьиэтэ сотору кэминэн хайаатар да тутулларыгар туруорсаллар.

Эмиэ хаһыс да сылын туруорсубут процедурнай кабинеттара олоххо киирбэт туруктааҕыттан хомойоллорун эттилэр.

Уопсай баанньык үлэлииригэр баҕалаахтар. Билиҥҥи туругунан, оскуола балансатыгар турар дьиэни көрөр-истэр, ититиитин уйунар ыарахаттардааҕынан үлэтэ тохтоон турар. Хаһаайына уларыйдаҕына, үлэлиир кыахтааҕа билиннэ.

Оҕо саас, Дьиэ кэргэн сыллара биллэриллибитинэн, «Күнчээнэ», «Кэнчээри» оҕо тэрилтэлэригэр аныгылыы тупсаҕай оҕо оонньуур былаһааккатын туруорсаллар.

Дачнай, Олимпийскай уулуссалар олохтоохторо ититии ситимэ быйыл киирэрин, хочуолунай кыамтата онно тиийэрин туоһуластылар. Быйыл киириэ, кыамтата кыайар диэн хоруйу ыллылар.

«Оскуола аттыгар түспүт таас тирэхтэри туһаныахха сөп дуо? Мындааба – Бороҕон хайысханан автобус хаһан сүүрэрий? Мындаабаттан Бороҕоҥҥо стадионунан барыыга уулусса уота хаһан оҥоһулларый? Оскуолаттан интернатка барыыга тротуар тутуута хаһан буолуой? Фекальнай ууну харайыыны хайдах дьаһайаҕыт? Саас хаар уута умуһахтарга киирбэтин туһугар ыраастыыр үлэни хайдах ыытабыт?» диэн үгүс ыйытыыга хоруйдары ыллылар.

Ыччат олорон хаалла. Кинилэри хамсатар үлэни ыытыахха диэн этиилээхтэр. Хаар уута барар ханаабатын эрдэттэн хаһан, хаары ыраастаан, дьиэлэрбит умуһахтарыгар уу киирбэтин хонтуруоллуохха диэн мантан саас сытыытык турар кыһалҕаны таарыйдылар.

Итиэннэ Мындааба олохтоохторугар Михаил Сергеевкэ, Никита Бочкаревка СӨ Аҕаларын лигаларыттан «Саха сиригэр Үлэ сыла» анал бэлиэлэр туттарыллан, көрсүһүү ытыс тыаһынан, эҕэрдэ тылларынан истиҥник түмүктэннэ.

Ольга Шепелева