Саха айан аргыстаах, суол доҕордоох. Билиҥҥи курдук тырааныспар арааһа дэлэйэ илигинэ даҕаны сайдыыны батыһан, суолу солоон улахан куораттарга, тас дойдуларга тахсыбыт дьон элбэх. Саха тиийбэтэх сирэ суох да буолла быһыылаах. Уус Алдан Кэптэнититтэн төрүттээх Мила Карамзина билигин үгүс киһи талаһар ыра санаатын чыпчаалыгар – Холбоһуктаах Араб Эмираттарын күннээх Дубай куоратыгар – олорор. Кини эмиэ Уус Алдан кыыһа, урбаанньыт, риелтор, “Tuimaada Real Estate” хамсаабат баайы-дуолу атыылыыр ааҕыныстыбаны төрүттээччи, салайааччы Евгения Винокурова хамаандатыгар бигэтик киирэн, ситиһиилээхтик үлэлии-хамсыы сылдьар. Мила бүгүн төрөөбүт улууһун эрэ хаһыатыгар анаан Дубайга тиийбит суолун, олоҕун-дьаһаҕын сырдатар.
Тапталга улаатыннарбыт эйгэм
Кэптэнигэ Саха-бельгийскэй гимназияны үрүҥ көмүс мэтээлинэн бүтэрбитим. Ийэм Анастасия Васильевна күн бүгүҥҥэ диэри оскуолаҕа үлэлиир. Үөрэхтээһин эйгэтигэр элбэҕи ситиспит, ытыктанар учуутал. Аҕам Геннадий Иннокентьевич, хомойуох иһин, эдэр сааһыгар, мин баара эрэ тоҕус ыйдаахпар, олохтон туораабыт. Тарбаҕар талааннаах уус киэнэ мындыра эбит. Этэрбэс улларара, олус үчүгэйдик ыллыыра, гитараҕа оонньуура үһү. Үс бииргэ төрөөбүттэн кыраларабын. Кыргыттар да буоламмыт, тиэргэммит иһигэр иитиллибиппит. Ийэбитин тэҥэ икки эбэлэрбит – аҕабыт ийэтэ уонна эбэтэ – биһиги дьон буоларбытыгар улахан оруоллаахтар. Дьоммут кинигэ ааҕалларын сөбүлүүллэрэ. Биһиги кинилэр остуоруйаларынан утуйарбыт. Улаатыыбытыгар фантастиканы, араас романнары, соҕуруу дойду суруйааччыларын историческай айымньыларын бэйэбит ааҕар буолбуппут. Ийэбит араас сурунааллары сурутара. Ол иһин оччоттон историяҕа чугаспын. Хос эбэбит дуобаттыырга, саахыматтыырга, сахалыы остуол оонньууларыгар үөрэппитэ. Ол түмүгэ — устудьуоннуур сылларбар хаамыскаҕа, хабылыкка ситиһиилээхтик кыттан, ийэм ректор Евгения Исаевна Михайловаттан Махтал сурук туппута.
Оскуолаҕа үөрэнэр кэммэр барыга бары кыттар актыыбынай үөрэнээччи этим. Үҥкүүлүүрүм, олимпиадаларга, научнай-практическай кэмпириэнсийэлэргэ, КВН хамаандатыгар кыттарым, тэрээһиннэри ыытарым. Оскуолаҕа, университекка култуурунай-маассабай сиэктэринэн үлэлээбитим.
Биһиги тапталга улааппыппыт. Ийэбит тугу да ирдээн илиһиннэрбэтэ, боппото-хаайбата, бэйэтин санаатын соҥнообото. Ол иһин баҕарарбытын аһыырбыт, таҥнарбыт, туох эксээмэни туттарарбытын, ханна олохсуйарбытын бэйэбит быһаарарбыт. Көҥүлү билбит оҕо куһаҕаҥҥа умньаммат. Мин бачча сааспар диэри арыгы амтанын билбэппин, табаҕы тардыбаппын. Оттон эбэлэрбит дьиссипилиинэҕэ үөрэппиттэрэ. Мин санаабар, ити эппиттэрим оҕону иитиигэ олус улахан суолталаахтар. Таптал – киһи олоҕун тирэҕэ. Хайа да киһиэхэ, оҕотуттан, улахан киһититтэн тутулуга суох, таптал оруоллаах.
Кэмим кэлэн, мин иннибэр эмиэ идэни талыы боппуруоһа турбута. Кыра эдьиийим уйулҕа үөрэҕэр үөрэнэн, эрдэттэн араас тиэстэри толорторон, туохха дьоҕурдаахпын болҕойон, идэбин таларбар олус көмөлөспүтэ. Ийэ сүрэҕэ чараас. Бука, кэлин омук сиригэр барарбын сэрэйдэҕэ буолуо, ийэм аангылыйа тылын үөрэҕэр барарга сүбэлиирэ. Кини өттүнэн бары да математикаҕа чугаспыт. Ити хайысханан барыахпын эмиэ сөбө. Ол эрээри, тиһэҕэр устуоруйа кыайыылаах тахсыбыта. ХИФУ историческай факультетыгар норуоттар икки ардыларынааҕы сыһыан устуоруйатын үөрэҕэр киирбитим. Оччоттон баччаҕа диэри ити эйгэ – мин арахсыспат аргыһым. Хас сарсыарда аайы устуоруйаҕа сыһыаннаах тугу эрэ ааҕабын, саҥаны билэбин. Ону тэҥэ ийэм этиитин ситэрэн, аангылыйа тылын үөрэтэбин.
Олоҕум сүнньүн быһыытынан ылынабын
Үөрэҕим кэнниттэн магистратураҕа киирбитим. Өссө устудьуоннуур кэммиттэн үлэлээн, бэйэбиттэн аҕа, үлэһит, бэйэлэрэ биисинэстээх кыргыттары кытта доҕордоһон, өйүм-санаам бэйэм сааспыттан арыый атына. Онон эдьиийим Ульяна Москубаҕа көспүтүнэн туһанан, магистратурабын хаалларан, киниэхэ тиийэн, кэрэ эйгэтигэр үлэбин саҕалаабытым. “Tuimaada Real Estate” ааҕыныстыба салайааччыта Евгения Винокурованы кытта эдьиийим нөҥүө билсибитим. Кинилэр истиҥ дьүөгэлии сыһыаннаахтар. Эдьиийбиттэн туһунан барыыбар Евгения бэйэтин хамаандатыгар ыҥырбыта. Онон бастаан Москубаҕа кыбартыыра атыылааһынынан дьарыктаммытым. Евгения хамсаабат баайы-дуолу кытта үлэлээбитэ ырааппыт буолан, килийиэнэ да, идиэйэтэ да элбэҕэ. Салгыы Турцияны, Эмиэрикэни, Испанияны, Дубайы үөрэтэн, кэлэ-бара үлэлии сылдьыбыппыт. Онтон байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан Дубайга олорон үлэлиибин. Сотору кэминэн Эмиэрикэҕэ ылсар былааннаахпын.
Билигин сылаас салгыннаах, күөх оттоох-мастаах, муоралаах дойдуга – Дубайга – олоробун. Хамсаабат баайы-дуолу атыылааһынынан дьарыктанабын. Үксүн килийиэннэри кытта алтыһабын. Биһиги ааҕыныстыбабыт Дубайга иккис сылын биэс бастыҥ үлэлээхтэргэ киирсэр. Үлэбин-хамнаспын кытта бэйэм эмиэ киһи быһыытынан үүнэбин-сайдабын. Тугу эрэ оҥоруон, ситиһиэн баҕарар, туспа соруктаах, үлэтин сөбүлүүр киһи ханна баҕарар үлэлиир кыахтаах.
Кэрэ эйгэтиттэн тутууга сыһыаннаах тэрилтэҕэ көһүүм чэпчэкитэ суоҕа. Ол эрээри, атыым-тутуум табыллан барбытыгар олорон толкуйдаабытым. Идэни талыы өбүгэттэн суоллааҕа биллэр. Хос эбэм өттүнэн аймахтарбар тутааччылар бааллар. Онон кэлиэхтээх эйгэбэр кэлэн, билигин атыыны үлэ курдук буолбакка, олоҕум сүнньүн курдук ылынар буоллум.
Сымнаҕас тыыннаах куораты сөбүлээтим
Москубаҕа тэҥнээтэххэ, Дубай бастаан утаа кыараҕас курдук этэ. Эбиэккэ диэри туһааннаах сирдэргинэн сылдьан, соруккун ситиһэҕин. Дьокуускайга сылдьар курдук санаан ылааччыбын. Дубай куорат быһыытынан баар буолбута баара эрэ үйэ аҥаарыттан ордук кэм буолла. “Москуба харах уутугар итэҕэйбэт” дииллэринии, хаҕыс буоллаҕына, Дубайга барыта сымнаҕас, холку. Ол тэтимҥэ киирэн, этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьабын. Дубайдааҕы тэрилтэбитигэр үлэһиттэр сэттэ уонтан тахсабыт.
Салайааччыбыт Евгения Валерьевна мэлдьи “судургу буолуҥ” диэн үөрэтэр. Бэйэтэ ис-иһиттэн олус көнө, истиҥ, аһаҕас. Кини тула эмиэ оннук дьон мустар буолан, кэлэктииппит иһигэр алтыһарга астык. Ол инники күөҥҥэ сылдьарга, килийиэн элбииригэр улахан оруоллаах. Дьону кытта үлэлэһэргэ саамай сүрүнэ — сыһыан. Килийиэн ону сыаналыыр уонна итэҕэйэр. Евгения – дьиҥнээх урбаанньыт, биисинэс киһитэ, саталлаах салайааччы, чахчы лиидэр. Киниттэн ким даҕаны хомойон, кыыһыран барбат. Улахан, үтүө сүрэхтээх, киэҥ дууһалаах киһи.
Дубай – туристар куораттара. Ол иһин биһиги үлэбит да, олохпут да мэлдьи өрөбүл күҥҥэ майгынныыр. Күн аайы ыраас халлаан, чаҕылхай күн. Киэһэ аайы уот-күөс, тыыннаах муусука, ырыа-тойук, мэлдьи мичээрдии сылдьар дьон. Чугас муора долгулдьуйар. Сылаас тыыннаах, үөрүү көтөллөөх куорат. Дубай уулуссалара олус ыраастар, дьоно эйэҕэстэр. Олохторугар тугу эрэ ситиспит, кыахтаах дьон кэлэр буолан, алтыһыы салгына ыраас, истиҥ, таһымнаах. Бүтүн арыыны атыылаһан, онно бэйэлэрэ эрэ олохсуйа кэлэр дьон бааллар. Бу куораты ис сүрэхпиттэн олус таптыыбын! Сыана, биллэн турар, ыарахан. Ол эрээри, сөбүгэр сыаналаах Дубай диэн эмиэ баар.
Чугастааҕы маҕаһыын сыаналара:
Помидор 500 г — 175 солк.;
Оҕурсу 500 г – 100 солк.;
Банаан 3 устуука – 125 солк.;
Дьаабылыка 3 устуука – 150 солк.;
Сымыыт 10 устуука – 550 солк. үөһээ.
Сахабын умнубаппын
Дубайга кэлиэхпиттэн сахалыы элбэхтик саҥарар буоллум. Тылым-өһүм биллэрдик тубуста, эбилиннэ. Сахалыы кинигэбин илдьэ сылдьабын. Сахалыы киэргэллэри иилинэбин, хомуска оонньуубун. Ийэм Саҥа дьылга бэлэхтээбит көмүлүөгүн оттон, кэмиттэн кэмигэр уот тыаһын истэбин. Дубайга да олорон, ХИФУ саха тылын литературатын салаатыгар туттарсан киирбитим. Онон омук сирин салгына, дьоно-сэргэтэ мин ис сахабын хайдах да суурайбат. Төрөөбүт дойдубун, биир дойдулаахтарбын мэлдьи сүрэхпэр илдьэ сылдьабын. Дойдум дьонугар үтүөнү, кэрэни, сырдыгы баҕарабын. Бука бары дьоллоох буолуҥ!
Уйаара КУСТУК кэпсэттэ.