Биллэрин курдук, быйыл биир дойдулаахпыт, спорду көҕүлээччи, тэрийээччи Николай Николаевич Тарскай төрөөбүтэ 100 сыла. Кини Уус Алдан улууһун Баатаҕай нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Онон сибээстээн, Баатаҕай нэһилиэгин баһылыга Михаил Белолюбскайы кытары үбүлүөйгэ аналлаах тэрээһиннэр туһунан кэпсэттибит:
– Михаил Михайлович, быйыл нэһилиэк, улуус эрэ буолбакка, бүтүн өрөспүүбүлүкэ киэн туттар киһитэ Николай Тарскай төрөөбүтэ 100 сыла. Дьэ, төрөөбүт нэһилиэгэр туох тэрээһиннэр ыытыллыахтарай?
– Кырдьык, сүдү киһибит үбүлүөйүн тэрээһиннэрэ өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тиийэ ыытыллыахтара. Онно барытыгар кыттыһан туран, нэһилиэкпитигэр ыытыллар тэрээһиннэри былааннаан олоробут. Бастатан туран, бөһүөлэкпит иһин тупсарыыга үлэлэһиэхпит. Ол курдук Тарскай аатынан уулусса оҥоһуллуоҕа, ону тэҥэ сырдатыыта арыый мөлтөх, онно үлэ барыаҕа. Спортивнай былаһааккабытын тупсарыхпыт. Уруккута футболлуур, волейболлуур былаһааккалар бааллара. Ону ситэрэн улаатыннаран биэриэхпит. Онно анаан олохтоох көҕүлээһин бырагырааматыгар кыттан куонкуруһу аастыбыт. Спортсаала уонна оскуола өрөмүөннэригэр эмиэ бырагыраамаҕа киирэ сатаатыбыт да, кыайан ааспатыбыт. Ол да буоллар, спортсаала өрөмүөнүгэр көмө көстүөх курдук. Манна Николай Тарскайга аналлаах мусуойбут дьиэтэ тоҥон турар. Ону улуус дьаһалтата үлэтин былааныгар киллэрэн, ититиитэ уонна уота оҥоһуллуохтаах. Итини тэҥэ аныгы кэм сиэринэн бу мусуой виртуальнай буолуохтаах. Бибилэтиэкэҕэ эмиэ Тарскайга аналлаах медиа портал оҥоһуллуоҕа.
– Оттон култуурунай-спортивнай тэрээһиннэр ханныктар ыытыллыахтарай?
– Улахан болҕомтону оҕолорго уурдубут. Быйылгы үөрэх дьыла аһыллаатын утаа оскуола алын кылааһын оҕолоругар акробатика күрэхтэһиитин ыыттыбыт. Маны көҕүлээччинэн, тэрийээччинэн Николай Адамович Николаев буолла. Быйыл нэһилиэкпитигэр Тарскай сылын биллэрдибит. Ону тохсунньу 30 күнүгэр “Тарскай төрөөбүт күнүгэр диэри 100 хонук хаалла” диэн тэрээһининэн саҕалыахпыт. Аны олунньуга оскуола оҕолорун улуустааҕы НПК-та манна ыытыллыаҕа. Сүрүн тиэмэтэ – успуорт, Николай Тарскай. Сайын Николай Тарскайга аналлаах өрөспүүбүлүкэтээҕи ыһыах Баатаҕайга ыытыллара быһаарылынна.
– Биир эмит улахан күрэхтэһии Баатаҕайга ыытыллара былааннанар дуо?
– Манна оҕолор ГТО туттарыыларын киинэ тэриллиэхтээх. Ол чэрчитинэн күрэхтэһии буолуо. Оттон өрөспүүбүлүкэ улахан спортивнай тэрээһиннэрэ сүрүннээн Бороҕоҥҥо ыытыллыахтара диэн успуорт миниистирэ Леонид Спиридонов этэн турар. Күрэхтэһиилэр, биллэн турар, Николай Тарскай 100 сыллаах үбүлүөйүн былаанынан ыытыллыахтара.
– Улууспут киинигэр Николай Тарскай мөссүөнүн көрдөрөр бүүс дуу, пааматынньык дуу суох. Итиннэ үлэ барар дуо?
– Үбүлүөй биир тэрээһинин быһыытынан Бороҕоҥҥо успуорт дыбарыаһын иннигэр Николай Тарскай бүүһэ туруохтаах диэн этэ. Ону пааматынньык буолара ордук диэммит, олохтоох скульптор Геннадий Оллоновка сакаас биэрэммит үлэлэһэн эрэр.
– Биир кэпсэтиигэ Николай Тарскай туһунан испэктээк туруортараары кэпсэтии барар диэбитиҥ. Ити ханна тиийдэ?
– Маны Андрей Саввич Борисов сэҥээрбитэ эрээри, олох билбэт киһим уонна Тарскай туһунан айымньы суох диэн чопчу сөбүлэҥин биэрбэтэҕэ. Ол иһин Баатаҕай уокуругуттан улуус дьокутаата Алексей Троев улуус суруналыыстыкатын сүдү киһитэ суруйааччы Иннокентий Сыроватскайы кытары кэпсэтэн, айымньы суруллан эрэр диэххэ сөп. Ол ситтэҕинэ, бэлэм буолла диэн буоллаҕына, Тумул народнай тыйаатырыгар туруортарарга улуус салалтата былаанныы сылдьар. Бу барыбыт баҕа санаата буоллаҕа. Дмитрий Коркин туһунан испэктээк баар, сотору Вячеслав Карпов туһунан киинэ тахсаары турар. Оттон кинилэр успорт чыпчаалыгар тахсалларын ыйбыт киһинэн Николай Тарскай буоллаҕа. Ол иһин айымньы баар буоларын кэм да ирдээтэ диэххэ сөп.
– Михаил Михайлович, кэпсээниҥ иһин махтанабын.
Афанасий Сектяев