Механизатор, ыанньыксыт, урбаанньыт, тэрийээччи. Бу сирдээҕи олоххо бары үлэҕэ дэгиттэр дьон тарбахха баттаналлар, буолаары буолан хара үлэҕэ. Хара үлэ диэн эт илиинэн оҥоһуллар олус ыарахан, дэбигис киһи тулуйан уһуннук үлэлээбэт үлэтэ буоллаҕа. Ол да иһин билигин сайдыылаах дэнэр олоххо хара үлэни толорор киһи ахсаана аҕыйаан иһэр. Оннук дьон баар да буоллахтарына олус аҕыйахтар уонна үгүстэрэ аҕа саастаах көлүөнэ дьоно диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Кинилэр буоллахтара дии олох уйгутун уһансыбыт уустар. Мин бүгүн оннук биир дойдулааҕым туһунан сырдатыахпын баҕарабын.
I Хоро уонна Бороҕон нэһилиэктэрин бочуоттаах олохтооҕо, үлэ бэтэрээнэ Степан Прокопьевич Бочкарев 1956 сыллаахха от ыйын 24 күнүгэр Бороҕоҥҥо күн сирин көрбүт. Ийэтэ Ульяна Ивановна Бурцева – саастарын тухары үлэни өрө туппут Халдьаайы Бурцевтар сыдьааннара. Аҕата Прокопий Степанович Бочкарев Түүлээх нэһилиэгиттэн төрүттээх. Кини Бороҕоҥҥо өр сылларга тутуу биригэдьииринэн, аҥаардас пилорамщигынан 32 сыл устата эҥкилэ суох үлэлээбит. Бочкаревтар аҕыс оҕону төрөтөн атахтарыгар туруорбут Бороҕон биир сис ыала эбиттэр.
Степа уол кыра эрдэҕиттэн аҕатын батыһа сылдьан үлэ үөрүйэхтэрин иҥэриммит, хара үлэҕэ эриллэн улааппыт. 1968-1969 сылларга 11-12 саастаах уолаттар сайыҥҥы кэмҥэ тыаҕа просеканы оҥорор экспедицияҕа үлэлэспиттэр. 1970 сылтан Чараҥнааҕы оттуур биригээдэҕэ киирэн улахан дьону кытары тэҥҥэ Илин Үрэх, Тандыкы, Хаттыкы, Халыма сирдэринэн хас да сыл сылдьыспыт. Бу манна Чараҥ үлэһит дьонун кытары аан бастаан алтыһан, сөбүлээн кэлин кэлэн олохсуйбут. 1970 сыллаахха Иннокентий Андреевич Халдеев Тумулга спортивнай оскуоланы тэрийэн үлэлээбит кэмигэр баран үөрэнэн, тустуунан дьарыктанан оҕолорго оройуон сүүмэрдэммит хамаандатын иһигэр киирсэн Уус Алдан чиэһин элбэхтик көмүскээбит. 1973 сыллаахха Мүрү орто оскуолатын бүтэрэн баран үөлээннээхтэрин кытары тутуспутунан «Сардаҥа» сопхуос Чараҥнааҕы биригээдэтигэр үлэлии тахсыбыттар. 1974 сыллаахха Кыһыл Аармыйа кэккэтигэр сулууспалыы барбыт, икки сылынан эргиллэн кэлэн дьиҥнээх эр киһи күүстээх үлэтэ саҕаламмыт.
Эдэркээн уол Чараҥҥа кэлэн үлэлээн, тыа хаһаайыстыбатын ыарахан үлэтигэр улахан тургутууну ааһан, туохтан да чаҕыйбат туруу үлэһит буола үүммүт. Оччотооҕу үлэлээбит кэмин туһунан Степан Прокопьевич билигин бэйэтэ сэмэйдик маннык ахтар:
– Манна кэлиэхпиттэн үлэ арааһын боруобалаабытым. Бастаан тыраахтарга куруусчуттаабытым, 1976 сыллаахха кууруска үөрэнэн тырахтарыыс буолбутум. Кыһынын ыраах сирдэртэн: Түүлээхтэн, Намтан, Горнайтан от таһыытыгар үлэлээбитим. Аны 1978 сыллаахха «Сардаҥа» сопхуоска тутууга биригэдьиирдээбитим. Ол саҕана кулуубу салҕааһын, Кэҥкээкигэ сайылыгы тутуу курдук үлэлэри толорон нэһилиэнньэҕэ туһалаах социальнай объектары үлэҕэ киллэрбиппит. 1979 сыллаахха кураан сайын буолан Намҥа көһөн оттооһуҥҥа звеноводтаабытым. Онон от үлэтин охсуллуоҕуттан тиэйиллиэр диэри барытын билбитим. Эмиэ даҕаны Илин Баска пиэрмэҕэ дизелиһинэн үлэлии сылдьыбытым. Ити кэмҥэ сүөһү үлэтигэр сыстыбытым, 1986 сылтан 1992 сылга диэри ыанньыксыттаабытым. Атыттартан хаалсыбакка үлэлээбитим, бу кэм устата биирдии ынахтан 2-лии тыһыынча киилэ үүтү ыаммын «2000 кирбиилээх ыанньыксыт” диэн анал аакка тиксибитим.
Маннык инники күөҥҥэ сылдьыыбар аҕа саастаах ыанньыксыттар сүбэлэрэ-амалара олус көмөлөспүтэ, онон мин кинилэргэ олус махталлаахпын. Ол курдук эдьиийдэрим курдук дьону: Анна Конникованы, Клара Орлованы, Анна Тролукованы, Тамара Макееваны, Зоя Орлованы, Анастасия Ушницкаяны, Елена Кривошапкинаны олус күндүтүк саныыбын.
Сопхуостар эстиилэригэр уһуну-киэҥи толкуйдуу барбакка, пилорамаҕа үлэлииргэ бигэтик быһаарыммытым. Аҕам үлэлээбит үлэтэ, кинини кытары тэҥҥэ сылдьан син билэр этим буоллаҕа. Өр кэмҥэ үлэлээбэккэ турбут пилораманы бэрт уһуннук өрөмүөннээбиппит. Мас үлэтигэр сыстаҕас дьону талан оттук уонна дьыалабыай маһы бэлэмнээбитинэн барбыппыт. Бастаан дьон техникатын арендалаһан үлэбитин саҕалаабыппыт. 2003 сыллаахха “Сельхозтехника Якутии”, 2006 сыллаахха «Туймаада-Лизинг» тэрилтэлэртэн уонна 2009 сыллаахха бэйэбит оҥорбут харчыбытынан «МТЗ-82» тыраахтардары ылбыппыт. 2002 сылтан урбаанньыт буолбутум. Дуогабардаһан Ариан Стручков, Василий Черноградскай, Иван Стручков, Иван Алексеев уонна бэйэм уолум Андрей үлэлииллэрэ. Күҥҥэ ортотунан 80-ча маһы таһаарарбыт. Сылын аайы аукциоҥҥа кыттан дэлээнэ ылан маска билиэт атыылаһарбыт. Сыл аайы 700 куб маһы тыаттан кэрдэн киллэрэрбит. Ол саҕана чугаһынан тутууга барсар мас суоҕа, ол иһин Ылтаһын, Дириҥ үрэхтэриттэн таһарбыт. Кэлин олох даҕаны Бээрийэ сириттэн аҕалар этибит, онно Виталий Гуляев уонна Василий Бурцев суоппардаабыттара. Маннык курдук үлэлээн нэһилиэк, улуус олохтоохторугар мас араас көрүҥүнэн тутуу матырыйаалын уонна оттук маһы бэлэмнээһиҥҥэ үгүс өҥөнү оҥордохпут. Улуустааҕы социальнай харалта, дьиэ-уот коммунальнай хаһаайыстыба, «Коммунсервис» тэрилтэ салалталарын уонна биирдиилээн урбаанньыттары кытары сөбүлэҥ түһэрсэн үлэлээбиппит үтүө түмүктэрдээх буолбута.
Кырдьык даҕаны, Степан Прокопьевич үлэ сэдэх көрүҥүн баһылаан 14 сыл устата нэһилиэнньэҕэ элбэх үлэ миэстэтин таһааран олус абыраатаҕа, эр дьон хамнастанан дьиэ кэргэттэрин иитэллэригэр көмөлөстөҕө. Урбаанньыт диэн оччоттон баччааҥҥа диэри араас тэрээһиннэри өйөөччү, үбүлээччи буоларын бары билэбит.
Степан Прокопьевич бу хайысхаҕа эмиэ наһаа элбэҕи оҥорбутун, үгүс киһиэхэ көмөлөспүтүн дойдубут дьоно билэллэр. 2002 сыллаахха «2000 сылга – 2000 үтүө дьыала» диэн аатыра сылдьыбыт хамсааһыҥҥа кыттан Хоро нэһилиэгэр бастакы спорт саалата тутулларыгар маһын барытын босхо хайыттаран биэрбит. Чараҥҥа оскуола 70 сыллаах үбүлүөйүгэр алын сүһүөх оскуола 4 кылааһыгар барытыгар аныгылыы тииптээх үөрэнэр остуоллары уонна олоппостору атыылаһан ылан бэлэхтээбит, И.И. Находкин аатынан сынньалаҥ киин олбуорун аныгылыы оҥорууга 35000 солк. суумалаах көмөнү оҥорбут, «Кэрэчээн» оҕо саадыгар өр кэмҥэ сылын аайы тутуу матырыйаалынан, техниканан көмөлөспүт, Дьоруой ийэлэргэ Александра Гаврильевна Свинобоеваҕа уонна Мария Афанасьевна Бурцеваҕа пилорама өҥөтүгэр 50% чэпчэтии анаабыт, нэһилиэк кырдьаҕастарыгар уонна 2009 сыллаахха Ыччат сылыгар Федосеевтар, Егоровтар, Стручковтар дьиэ кэргэттэригэр эмиэ 50% чэпчэтии оҥорбут, кырдьаҕас ыанньыксыттар үбүлүөйдэригэр 20000 солк. суумалаах пилорама өҥөтүн бэлэхтээбит. Хайдахтаах курдук баһаам көмө оҥоһуллубутуй?! Кини көмөтө бэйэтин эрэ нэһилиэгинэн муҥурдамматах, улуус таһымыгар эмиэ тахсыбыт эбит. Майаҕас оскуолатыгар 10000 солк. суумалаах, 2009 сыллаахха улуус баһаарынай чааһын саҥа таас дьиэтигэр, лесхоз тэрилтэтин хонтуоратын саҥардыыга тутуу матырыйаалынан көмөлөспүт. 2009 сыллаахха улууспутугар ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕар стадиону саҥардыыга 200 буруус, 150 лафет маһы, Олоҥхо дьиэтин тутууга тутуу матырыйаалын барытын оҥорон биэрбит, Нэлээҥҥэ күнү көрсөр сиргэ 9 ампаар, сэргэлэр мастарын олоччу барытын биэрбит сүҥкэн өҥөлөөх эбит. Кэккэ сылларга нэһилиэккэ, улууска ыытыллар улахан культурнай тэрээһиннэргэ, спортивнай күрэхтэһиилэргэ өрүү спонсор буолар.
Биир киһи холугар төһөлөөх үтүөнү оҥорбутуй?! Мин сороҕун саҥа билэн соһуйдум уонна наһаа сөхтүм. Аны бэйэтин учуутала спорт бэтэрээнэ, ССРС, РСФСР, Саха АССР спордун маастара, норуот үөрэҕириитин туйгуна, Саха АССР үтүөлээх тренерэ, Уус Алдан улууһуун бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Андреевич Халдеев аатынан маастар нуорматын толоруулаах сылын аайы ыытыллар өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай турнирын солбуллубат спонсора эбит. Степан Прокопьевич өссө сатабыллаах тэрийээччи быһыытынан биллибитэ. Ол курдук 2007-2009 сылларга Чараҥҥа үрдүк таһымҥа ыытыллыбыт «Дьол суһума» ырыа күрэһин тэрийэн I Хоро нэһилиэгиттэн төрүттээх уонна олохтоох эдэр ыччат дьоҕурун арыйар, талаанын таһаарар, ааттарын доргуччу ааттыыр, дьон билиитигэр-көрүүтүгэр таһаарар кэскиллээх сыалы-соругу туруоруммута. Күрэc таһыма үрдээн 2010 сыллаахха Мүрү алаас иһигэр тэриллибитэ. Бу уратылаах күрэc тэрийээччитин интэриэһиргээн бэл Японияттан Tereei YAMASHTA,Ph.D. кэлэн Бочкаревтары кытта билсэн-көрсөн, уопутун көрөн-истэн, интервью ылан барбыта билигин кэрэ кэпсээн буолан иһиллэр. Бу күрэс үгүс ыччаты үрдүккэ кынаттаабыта саарбаҕа суох. Итиэннэ нэһилиэккэ дьокутаат быһыытынан үлэлиир сылларыгар үүнэр көлүөнэҕэ спорду өрө тутууга, эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буолалларыгар спортивнай күрэхтэһиилэри тэрийбит, үбүлээбит үгүс үтүөлээх.
Кини биир уос номоҕор киирбит бар дьоҥҥо үтүөтэ – улууска бастакынан «Үрүҥ илгэ» диэн ыанньыксыттар, сүөһү көрөөччүлэр ыһыахтарын үс сыл субуруччу тэрийэн ыытыыта. Биһиги дьоллоох оҕо сааспыт ааспыт сайылыгар Илин Баска урукку өттүгэр саастарын тухары хотоҥҥо үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор кырдьаҕастары уонна саас ортолоох биир дойдулаахтарын мунньан ыһыах ыспытын олохтоохтор күн бүгүнүгэр диэри истиҥ тылынан ахталлар. Онон кини бииргэ үлэлээбит аҕа саастаах доҕотторун ааттарын үйэтитиигэ оҥорбут үтүөтэ хаһан да умнуллуо суоҕа диэн эрэнэбит.
Кэргэнэ педагогическай үлэ бэтэрээнэ Светлана Ивановна Бочкарева 1954 сыллаахха алтынньы 1 күнүгэр Ньурба улууһугар Хатыҥ Сыһыыга төрөөбүт. 1970 сыллаахха 8 кылаас кэнниттэн Бүлүүтээҕи педагогическай училищены ситиһиилээхтик үөрэнэн бүтэрбит уонна Уус Алдаҥҥа ананан Окоемовка алын сүһүөх кылаас учууталынан, онтон 1977 сылтан Чараҥнааҕы «Кэрэчээн» оҕо саадыгар иитээччинэн, сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. 1993 сылтан Чараҥ орто оскуолатыгар алын сүһүөх кылаас учууталынан бочуоттаах сынньалаҥҥа барыар диэри үлэлээн нэһилиэк кэскилин ииппитэ-үөрэппитэ. Билигин нэһилиэк бэтэрээннэрин сүбэтин салайааччынан айымньылаахтык үлэлээн эрэрин олус хайгыы көрөбүн. Кини эмиэ кэргэнин курдук олоххо көхтөөх, биир бастыҥ уопсастыбанньык быһыытынан уруккуттан биллэр. Кэккэ сылларга оскуолаҕа методическай холбоһук салайааччытынан уонна профком бэрэссэдээтэлинэн, нэһилиэккэ дьокутаатынан көдьүүстээхтик үлэлээбитин билэбит.
«Сыл – хонук» диэн өбүгэлэрбит бэргэнник да эппиттэр эбит. 50-ча сыл анараа өттүгэр эдэркээн кыыстаах уол Светлана уонна Степан манна көрсөн, сөбүлэһэн ыал буолан, дьиэ-уот тэринэн, оҕо-уруу тэнитэн күн бүгүн нэһилиэк биир сис ыала буолаллар. 4 оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэттэрэн, үлэһит оҥортоон атахтарыгар туруорбуттара. Улахан кыыстара Ульяна Дьокуускай куоракка урбаан эйгэтигэр үлэлиир. Орто кыыс Агафья ийэтин суолун батыһан үрдүкү категориялаах саха тылын учуутала, Ньурба улууһугар I Хаҥаласка олорор. Кыра кыыс Светлана бухгалтер идэлээх. Соҕотох уоллара Андрей аҕатын туйаҕын хатаран механизатор, пилорамщик. Оҕолоро билигин бэйэлэрэ ыал буолан элбэх сиэни, хос сиэни бэлэхтээбиттэр. Онон эбээлээх эһээ аны күннэрэ-ыйдара тахсар кырачаан дьон туһугар күннэтэ түбүгүрэллэр.
Светлана Ивановна уонна Степан Прокопьевич Бочкаревтар уһун сыралаах үлэлэрин үгүс элбэх махтал сурук, дипломнар, бочуотунай грамоталар, «За вклад в социально-экономическое развитие Республики Саха (Якутия)» кыһыл көмүс чаһы бириэмийэлээх Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин А.Н.Жирков анал махтал суруга, «Айылҕаны харыстааһыҥҥа нэһилиэнньэни түмпүт депутат», «Бастыҥ предприниматель», «Бастыҥ спонсор» анал ааттар уонна «За особый вклад в реализацию общенародного движения добрых дел в Республике Саха (Якутия)», «Моя Республика в XXI веке”, “За вклад в социально-экономическое развитие Борогонского наслега», «За вклад в социально-экономическое развитие Мюрюнского наслега», «За вклад в социально-экономическое развитие 1-го Хоринского наслега», «ХХ Спартакиада по национальным видам спорта «Игры Манчаары», «За вклад в развитие образования Усть-Алданского улуса», «За вклад в социально-экономическое развитие Усть-Алданского улуса», «Ветеран физической культуры и спорта Республики Саха (Якутия)» анал бэлиэлэр кэрэһэлииллэр.
Олохторун тухары үлэни өрө туппут үлэһит дьиэ кэргэнинэн биһиги, биир дойдулаахтара, киэн туттабыт уонна кинилэр оҥорбут үтүөлэригэр истиҥник махтанабыт!
Светлана Бурцева, Арассыыйа суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ