Биһиги, истибэттэр Бүтүн Россиятааҕы обществоларын Уус Алданнааҕы түмсүүтүттэн ахсыа буолан, ыра оҥостубут санаабытын толоро Таатта улууһун Баайаҕатыгар Мандар Ууска баран ыалдьыттаан кэллибит. Күммүт-дьылбыт ардаабакка туран биэрэн олус бэркэ сылдьан астынныбыт. Бу айаммыт табыллыбытыгар улуус баһылыгын социальнай эйгэҕэ солбуйааччы Анатолий Сторожевка, бэтэрээннэр улуустааҕы сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Олег Федоровка биһиги сайаапкабытын өйөөннөр, социальнай управление массыынатын уларсыбыттарыгар, суоппар булан биэрбиттэригэр управление салайааччытыгар Елена Кривошапкинаҕа, кэлэктиибигэр, улуус дьаһалтатын дьиэ кэргэни кытта үлэҕэ салаатын салайааччытыгар Валентина Андросоваҕа, олох ыксаппакка илдьэ сылдьыбыт, саастаах дьоҥҥо наҕыл айаннаах суоппарбытыгар Станислав Саввиновка улахан махталбытын тиэрдэбит.

Эрдэттэн кэпсэтиилээх буоламмыт, баайаҕалар айаммыт устата билсэ олордулар. Дьэ, кырдьык даҕаны, аатырыан аатырар Моҕол туос ураһаны көрөн, ону таһынан биир музейы, сайыҥҥы павильону, оҕолору уус кыһатыгар уһуйар оскуола уһуйааны эт харахпытынан көрөн, ону таһынан Мандар Уус бэйэтэ олорор саха балаҕаныгар ыҥыран көрсөн, бутугас иһэрдэн дуоһуйдубут.

Мандар Уус билигин наар уруһуйдуур, уруһуйугар олоҕун кэрчиктэрин хоһуйар эбит. Биир уруһуйу биир ый сыта-тура толкуйдаан таһаарар үһү, хаҥас илиитинэн уруһуйдуур эбит.

Уһуйааҥҥа биһиги тиийбиппитигэр 10 уол кэлэн саха быһаҕын охсорго үөрэнэ сылдьар этилэр. Хата ону саҕаланыаҕыттан бүтүөр диэри көрөн-истэн астынныбыт. Бу охсор тыастара лоҥкунаан үчүгэйиин! Уһуйааҥҥа сайын устата түөрт сезоҥҥа оҕолору такайбыттар, үөрэммит оҕолор оҥорбут быһахтарын кыыннаан курдарыгар иилинэн бараллар эбит. Ону таһынан кыргыттар кылынан ситии баайарга үөрэнэ сылдьаллара. Бу уһуйаан түүннэри-күнүстэри үлэлиирин ситэн сөхтүбүт – күнүһүн үлэлиир дьон түүнүн кэлэн быһах охсоллор эбит. Уһуйаан үлэтин Парасковья Петровна сиһилии көрдөрөн кэпсээтэ уонна бастаан: “Мандар Уус ыарытыйар, кыайан көрсүбэккит буолуо. Утуйа сытар буолуохтаах”, – диэбитигэр, испитигэр бачча кэлэн баран көрбөккө барар буоллубут дии санаабыппыт. Ол эрээри дьоно даҕаны кинини суохтаппат гына кэпсииллэрин сэргээн, хаартыскаҕа түһэһ бараары турдахпытына: “Мандар Уус турбут, балаҕаныгар ыҥырар”, – диэн ыҥырдылар. Долгуйуу бөҕө буоламмыт, оччону истибит дьон дьиэтигэр суксуруһан тиийдибит.

Саха балаҕаныгар олорор эбит, тиийбиппит уруһуйдуу олороро. Истиҥ баҕайытык сэһэргэһэн, өссө да олоруох дьону “музейга күүтэллэр” диэн ыксатаннар, бириэмэбит ыгым буолан барбыппыт. Мандар Уус массыынабытыгар диэри атааран алҕаан ыытта.

Дьэ, ол кэнниттэн ураһаны, музейы, сайыҥҥы павильону уонна саха балаҕанын көрдүбүт-иһиттибит. Музей сотруднига Ольга Макарова дьикти  үчүгэйдик кэпсээтэ. 150-200 сыллааҕы тутуулар үлэлии  тураллар. Бүтүн  республика барыта үлэлээбит Моҕол ураһата дьикти күүс – аҕалан таҥалларыгар букатын миллимиэтиригэр тиийэ сөп түбэспит. Конструктор курдук хомуллубут, Мандар Уус эскиһин оннук чопчутук оҥорбут эбит. Бу ураһаны тигиигэ республика иистэнньэҥнэрэ, уустара кини ыйыытынан-кэрдиитинэн үлэлээбиттэрин бары билэбит. Бу ураһа Мандар Уус алта сааһыттан ымыы оҥостубут ыра санаата эбит. Ол баҕа санаа оччолорго быыкаа уолга эдьиийэ ыалдьыбытын истэн Баайаҕаттан Тандаҕа диэри соҕотоҕун сатыы хаамыы-сүүрүү былаастаан кэлэ сылдьан музейы төрүттээбит Иван Готовцев туос ураһаны, музейы көрдөрөн кэпсиэҕиттэн саҕыллыбыт эбит. Ол – олох туһунан остуоруйа.

Дьэ ити курдук астынан, алгыстанан наһаа бэккэ сылдьан, суолга эрэйи көрбөккө, күммүт-дьылбыт туран биэрэн  дьиэбитигэр төнүннүбүт. Мандар Уус үс үөрэнээччитэ быйыл республикаҕа Дархан Уус аатын ылбыттар, ол иһин үөрэҕэ таах хаалбатаҕыттан бэркэ үөрбүт, астыммыт. Кини билигин даҕаны республика талааннаах оҕолорун үөрэтэ-такайа олороро астык.

Сүүрбэ кинигэ ааптара Борис Федорович Федоров – Манда Уус 2025 сылга 80 сааһын туолар. Үрдүкү айыылартан күүс-сэниэ, алгыс ылан этэҥҥэ буоллун, кини иитиллээччилэрэ өссө даҕаны аатын ааттаттыннар диэн алгыспытын аныыбыт.

Бөлөх салайааччыта Ирина БАСЫГЫСОВА