Сааскы маҥнайгы ыйы көрсө, дьахталлар аан дойдутааҕы бырааһынньыктарын чэрчитинэн улуустааҕы психологическай киин уйулҕаһыта Таисия Базарова бүгүн Майаҕастааҕы кулууп уонна оҕо тэрилтэтин үлэһиттэригэр анаан «Сиик алыба» диэн арт-терапия авторскай дьарыгын ыытта.
Бу туһунан «Чуораанчык» оҕо тэрилтэтин үлэһиттэрэ маннык кэпсээтилэр:
– Дьарык сүрүн сыала бэйэ туругун тупсарыыга, дьахтар энергетикатын уһугуннарыыга уонна эр-ойох сыһыанын бөҕөргөтүүгэ туһуланна. Манна биһиги бэрт истиҥник олорон үлэлээтибит – олохпут хаамыытын, ситимнэрин, киһи тус туругун сиик нөҥүө ырытан, иннэлээх сабынан барыллаан көрдүбүт. Өбүгэлэрбититтэн хаалбыт эт-хаан өйдөбүнньүгүн бэйэбитигэр сөптөөхтүк, туһалаахтык сөргүттүбүт, иҥэриннибит.
Дьарыкпыт түмүгэр санаалыын дьаарыстанан, чэпчээн, күлэн-үөрэн туран маннык киһини сайыннарар, «кынаттыыр» дьарыктар наһаа наадалар эбит диэн санааҕа кэллибит уонна махтанабыт.