«Мүрүчээнэ» оҕо саадын иитиллээччилэрин республика таһымнаах тэрээһиннэргэ кытыннардым

Республикаҕа киэҥник биллибит оҕо ырыаларын айааччы, мелодист Надежда Макарова бэс ыйын 29 күнүгэр Үс Хатыҥҥа Улуу Туймаада ыһыаҕар сылын аайы ыытыллар «Көмүс ыллык» оҕо күрэҕэ тэриллибитэ 15, айар үлэтэ 35 сыллаах үбүлүөйдээх күнүгэр Уус Алдан улууһун «Мүрүчээнэ» оҕо саадыттан «Любознайки» улахан бөлөхтөн Розалиана Андреева, Сайнаара Тогонохова, Нарыйаана Полускина уонна «Алыптаах хонуу» бэлэмнэнии бөлөхтөн Анжела Баишева, Арчылаана Протопопова, Элиза Румянцева, Алеся Захарова, Арсен Пестряков, Аэлина Давыдова гала конкурска кыттан финалистар үрдүк аатын ыланнар кубогынан, махтал суруктарынан наҕараадаланнылар.

Хас биирдии кыттыбыт оҕоҕо анал «Көмүс ыллык» диэн суруктаах мэтээл, уруучука, значок, телефон подставката, туоһу сурук туттарылынна. Маны таһынан хас биирдиилэрин босхо минньигэс сахарнай ватанан күндүлээтилэр. Бу күн оҕолорго араас аралдьытыылар, батут, карусель үлэлээтэ. Улуу эбэбитин арыылаах алаадьынан аһатан уус алданнар диэн түөлбэлээн олорон аһаатыбыт. Төрөппүттэрбит икки шатёрдаах, икки палаткалаах кэлэн сыта-тура сынньанан, ыллаан-туойан үөрэн-көтөн, күүс-көмө, көх-нэм буолан киэһээ хойут тарҕастыбыт.

Музыкальнай салайааччылар үлэбит уопутуттан атастаһан маастар кылаастары ыытан республикатааҕы таһымнаах туоһу сурук туттубут. Ону таһынан от ыйын 2 күнүгэр Дьокуускай куоракка 8-с төгүлүн ыытыллар «Дети Азии» тэрээһиҥҥэ Орджоникидзе болуоссатыгар «Көмүс ыллык» Надежда Макарова ырыаларыгар эҕэрдэ кэнсиэргэ «Юнион» бэлэмнэнии бөлөхтөн Кыыдаана Алексеева, Юлиана Румянцева, «Алыптаах хонуу» бэлэмнэнии бөлөхтөн Алеся Захарова, Арчылаана Протопопова, Элиза Румянцева, Аэлина Давыдова «Дети Азии» тэрээһиҥҥэ кыттыбыттарын иһин анал сурук туттулар.

Бу тэрээһиннэргэ мин үлэбин өйөөн көмөлөспүт, оҕолорун аҕалан кытыннарбыт, көх-нэм буолбут төрөппүттэрбэр улахан махталбын тиэрдэбин! Кэлэр кэнчээри ыччаппыт кэрэҕэ, сырдыкка талаһа туралларын туһугар үлэлиир, айар-тутар күндү киһибитигэр Надежда Семеновнаҕа кыыһыгар Анджелика Алексеевнаҕа уонна кинилэр хамаандаларыгар үлэлэригэр ситиһиини, дьиэ кэргэттэригэр дьолу, доруобуйаны баҕарабын!

Луиза Бурнашева, Бороҕон с. 3№-дээх «Мүрүчээнэ» оҕо саадын музыкальнай салайааччыта