Кырдьаҕас көлүөнэ сопхуос үлэһиттэрин аатыттан махтал

Быйыл  “Дүпсүн”, Герой Егоров уонна Партизан Заболоцкай сопхуостар тэриллибиттэрэ 50 сылларын бэлиэтиир туһунан улуус баһылыга В.И. Аммосов дьаһала тахсан, кулун тутар 22 күнүгэр Тандаттан, Тиит Арыыттан, Бээри­йэттэн, Түүлээхтэн, Кэптэниттэн, Тулунаттан, Уһун Күөлтэн, Хомус­таахтан, Баатаҕайтан, Дүпсүнтэн, Бээдиттэн, Өнөртөн, Найахыттан, Өспөхтөн уонна Чэриктэйтэн мус­таммыт үбүлүөйбүтүн бэлиэтээтибит. Үбүлүөйбүтүгэр “Лена” сопхуос­тан, урукку оройуоннааҕы тыа хаһаайыстыбатын тэрилтэ­лэрин, тыа хаһаайыстыбатын уп­равлениетын, райком, райсовет ветераннара кыттыыны ылан биһигини кытта бииргэ сырыттылар, үөрүүбүтүн үллэһиннилэр.

Кэнники  сылларга  улууспутугар үлэ бэтэрээннэрин  түмэн, мунньан  ытыктыыр, чиэстиир, бочуоттуур тэрээһиннэр улуус таһымыгар ыытыллыбатахтарын учуоттаан, соп­хуостар бэтэрээннэрэ төһө да кыр­дьан, мөлтөөн, аҕыйаан иһэр да буоллаллар күргүөмнээхтик кэлэн саамай актыыбынай кыттыыны ыллылар. Тэрийэр хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ улууска тыа хаһаайыстыбатын сүрүннүүр улуус баһылыгын бастакы  солбуйааччы  Илья Юрьевич Артамонов сопхуостар үлэлэрин туһунан дакылаат оҥордо. Элбэх наҕараадалары туттарда. Ол иһигэр  “Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо” үрдүк ааты 2-с Лөгөйтөн Петр Бурнашев, Дүпсүнтэн Николай Атласов ыллылар. Сопхуос дириэктэрдэрэ И.И. Егоров, И.В. Бочкарев, профком бэрэссэдээтэлэ Н. Колесов ахтыы онордулар.

Үөрүүлээх мунньах кэнниттэн сылаас чэй иһэн, өтөр көрсүбэтэх сопхуос бэтэрээннэрэ үөрэ-көтө кэпсэтэн, сопхуос, холкуос бэтэрээннэрин  ытыктаан, улууспут саамай мааны кэрэ көстүүлээх Күлүмнүүр аатынан Култуура дыбарыаһыгар чиэс­тээһини тэрийбиттэригэр истиҥ махтал тыллары эттилэр, үтүө санааларын тириэртилэр. Аны сайын дойдуларыгар сопхуостарын киин­нэригэр – Тандаҕа, Кэптэнигэ, Дүп­сүҥҥэ оҕолорун, ыччаттарын мунньан үбүлүөйдээх ыһыахтарын си­тэрэн-хоторон ньиргиччи ыһыахтыах буолан дьиэлэригэр тарҕастылар.

Ааспыт кэмнэргэ тыа хаһаа­йыстыбатынан дьарыктанар тыа сирин олохтоохторо буолан, сүрүн үлэбитинэн сылгыны-сүөһүнү күүскэ иитэн бастыҥ үлэбитинэн өрөспүүбүлүкэҕэ бастакыларга сылдьар этибит. Ол сылларга кыайыыбыт-хотуубут дакаастабыла – Саха дьахталларыттан бастакы “Бочуот знага” орденынан наҕараадаламмыт Ирина Олесова, 1935 сыллаахха Үлэ Геройа грамотанан наҕараа­даламмыт Данил Бурцев, Социалистическай Үлэ Геройдара Елизавета Бурцева, Анастасия Копырина, Михаил Готовцев, «Үлэ албан аата» орден толору кавалера Николай Бурнашев буолаллар. Геройдар иитиллэн, үүнэн тахсар усулуобуйаларын, үлэҕэ үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэллэрин оччотооҕу дьиҥнээх үлэ хамандыырдара сыралаах үлэлэринэн тэрийбиттэрэ, оҥорбуттара.

Улууспут убаастабыллаах баһылыга Василий Аммосов, тыа хаһаайыс­тыбатын  управлениетын салайаач­чыта Петр Попов, эһиги кырдьаҕас көлүөнэ килбиэннээх ситиһиилэрин, аныгы көлүөнэ билиитин-көрүүтүн, эдэр эрчимин дьүөрэлээн улууспут тыатын хаһаайыстыбатын сайдыытыгар, сылгы-сүөһү ииттэн олорор дьоммут туруктаах, дохуоттаах буо­лалларыгар сүрүн болҕомтоҕутун ууран күүстээхтик үлэлиэххит диэн эрэнэбит. Бэйэлэрин кэмнэригэр олус ситиһиилээхтик үлэлээбит, улууспут сайдыытыгар элбэх кылаат­тарын киллэрбит сопхуостарбыт үбү­лүөйдээх сылларын дьаһал таһааран, улууспут киинигэр тэрээһиннээхтик тэрийбиккитигэр кырдьаҕас көлүөнэ дьон үлэлээн ааспыт улуус директордарын ааттарыттан барҕа махтал тылларбытын тириэрдэбит. Үлэҕитигэр-хамнаскытыгар ситиһии­ни баҕарабыт!

Иннокентий Бочкарев, 1988-1991 сс. “Дүпсүн” сопхуос дириэктэрэ, СӨ кырдьаҕастарын Үрдүкү Ытык сүбэтин чилиэнэ