Кырачаан охчуттар улуустааҕы күрэхтэһиигэ кииристилэр

Улууска ураты үлэлээҕинэн биллэр физкультура инструктора Светлана Иванова былырыыҥҥыттан өбүгэ оонньуутугар – ох саанан ытыыга – иитиллээччилэрин үөрэтэн эрчийэр. Былырыын детсад иһинэн күрэхтэһии буолбута, быйыл улуус иһинэн ыытылынна. Ол курдук бүгүн Н.Н. Тарскай аат. спортивнай зал киэҥ уораҕайыгар  оскуола иннинээҕи аҕыс тэрилтэттэн «Байанай Бэлэҕэ» күрэскэ 46 охчут күөн көрүстэ.

Биирдиилээн ытааччылар миэстэлэри маннык үллэһиннилэр:

  • кыргыттарга: Жиркова Дана – 1-кы м. («Чуораанчык», Уһун-Күөл, ф/и Копырина С.И), Федорова Нелли – 2-с м. («Мичил», Бороҕон, ф/и Васильев В.Н.), Тарская Ангелина – 3-с м. («Мичээр», Бороҕон, ф/и Гуляев М.М.);
  • уолаттарга: Местников Роберт – 1-кы м. («Күнчээнэ», Мындааба, ф/и Васильева Л.А.), Иванов Чаҕыл – 2-с м. («Күнчээнэ», Мындааба), Игнатьев Эрик – 3-с м. («Мүрүчээнэ», Бороҕон, ф/и Алексеева Д.А.).

Хамаанданан ытыы олус тыҥааһыннаах буолла. Түмүк: 1-кы м. – «Күнчээнэ» (Мындааба), 2-с м. – «Кэскил» (Бороҕон), 3-с м. – «Мичээр» (Бороҕон).

Күрэхтэһиини «Мүрүчээнэ» детсад физкультураҕа инструктордара Светлана Иванова, Дария Алексеева иилээн-саҕалаан ыыттылар. Кылаабынай судьуйанан ох саанан ытыыга Саха сирин спордун маастара Надежда Прокопьева үлэлээтэ.

Бу тэрээһин ыытыллыытыгар көмө буолбут улуус ох саанан ытыыга федерациятыгар (сал. Попова О.А.) махталбытын тиэрдэбит. Бүгүн кыттыыны ылбыт оҕо тэрилтэтин үлэһиттэрэ, ыалдьааччылар күрэхтэһии үрдүк таһымнаахтык ыытыллыбытын бэлиэтээтилэр, инникитин өрөспүүбүлүкэ таһымыгар да ыытыллыан сөптөөх диэн баҕа санааларын эттилэр. Манна даҕатан эттэххэ, Светлана Николаевна оҕолорго, үлэһиттэргэ роуп-скиппинг (скакалканан бириэмэҕэ ыстаныыны) улууска бастаан киллэрэн, үлэһиттэр өрөспүүбүлүкэҕэ инники миэстэлэри ылбыттара. Оттон иитиллээччилэрэ үс сыл субуруччу иннилэрин кимиэхэ да биэрбэккэ кэллилэр. Онон үлэ үөһүгэр сылдьар биир идэлээхпитигэр Светлана Николаевнаҕа өссө да ситиһиилэри баҕарабыт.

Анна Алексеева, «Мүрүчээнэ» оҕо тэрилтэтин бас иитээччитэ