“Күөн күрэс – 2023” күрэххэ кытынныбыт

Өрөспүүбүлүкэҕэ спортивнай хамсааһын тэриллибитэ 100 сылыгар бу дьыл ахсынньы 2-3 чыыһылаларыгар Баһылай Манчаары аатынан “Модун” национальнай көрүҥнэри сайыннарар спорт киинигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи тыа сирин ыччатыгар “Күөн күрэс” этнофестиваль тэриллэн ыытылынна. Фестиваль көҕүлээччилэрэ “Модун” спортивнай киин үлэһиттэрэ анал бырайыак суруйан, Ил Дархан Граныгар кыайан, бэрт сэргэх уонна ураты түһүлгэни тэрийдилэр. Күрэх сүрүн сыала – өбүгэбит оонньуутун киэҥник тарҕатыы, чөл олоҕу тутуһуу, төрүт үгэспитин билии.

Күөн көрсө, күрэс былдьаһа өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан 11 хамаанда: Уус Алдантан Баатаҕай, Сунтаартан Бордоҥ, Мэҥэ-Хаҥаластан Бэдьимэ, Хаҥаластан 2 Малдьаҕар, Кэбээйиттэн Мастаах, Чурапчыттан Мырыла уонна Сылаҥ, Горнайтан Одуну, Миирнэйтэн Сүлдьүкээр, Үөһээ Бүлүүттэн Хоро, Бүлүүттэн Чинэкэ нэһилиэктэрэ, ол иһигэр уопсайа 219 күрэхтэһээччи кытынна. Тоҕус түһүмэхтээх өбүгэ оонньууларын көрүҥнэригэр “Ойбонтон уулааһын”, “Кырынаастааһын”, “Кириэс тэбии”, “Былыргылыы хабылык”, “Хаамыска”, “Тутум эргиир”, 8*100 м. “Сүгэһэрдээх сүүрүү” эстафета, “Төрүт оҕунан ытыы”, “Мүһэ былдьаһыы” уонна “Көтөх ынаҕы туруоруу” киирдилэр.

Күрэх аһыллыытыгар хамаандалар парадтаан киирдилэр, кинилэри СӨ физкультураҕа уонна спортка миниистирин солбуйааччы Александр Бугаев, “Модун” спорт киинин директорын солбуйааччы Иван Борисов, СӨ Ресурснай киинин экспердэ Денис Алексеев уонна күрэх кылаабынай судьуйата Вячеслав Данилов эҕэрдэлээтилэр. Бу түгэҥҥэ А.Н. Бугаев остуол оонньуутугар СӨ спордун маастара дастабырыанньаны уонна бэлиэни биһиги, баатаҕайдар кыыспытыгар Юлия Сыроватскаяҕа үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда. Ону таһынан, тренербитигэр, энтузиаст учууталбытыгар Николай Адамович Николаевка тэрийээччилэр ааттарыттан махтал сурук уонна кинигэни бэлэх ууннулар.

Баатаҕай хамаандатыгар барыта 17 ыччат кытынна. Көрүҥнэринэн миэстэлэри ааттаталыыр буоллахха: “Ойбонтон уулааһыҥҥа” – 3 м. (Алексан Лугинов, Игорь Гоголев, Даша Алексеева), “Былыргылыы хабылыкка”, хаамыскаҕа – 3 м. (Алексан Лугинов, Ярослав Сивцев, Юля Сыроватская, Саргы Корнилова), “Көтөх ынаҕы туруорууга” – 1 м. (Ян Готовцев, Валера Белолюбскай, Амелия Сивцева), “Мүһэ былдьаһыытыгар” – 3 м. (Виталий Готовцев, Степан Готовцев, Августина Пермякова) бириистээх миэстэлэргэ тиксэммит сүргэбит көтөҕүлүннэ. Тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн хамаанданан уопсай түмүккэ 36 очукуолаах 1 м. – Бордоҥ нэһилиэгэ Сунтаар улууһа (300 тыһ. солк. суумалаах сертификат), 36 очукуолаах 2 м. – Одуну нэһилиэгэ Горнай улууһа (200 тыһ.солк. суумалаах сертификат), 39 очукуолаах 3 м. – 2 Малдьаҕар нэһилиэгэ Хаҥалас улууһа (100 тыһ. солк. суумалаах сертификат), 42 очукуолаах 4 м. – Мырыла нэһилиэгэ Чурапчы улууһа, 48 очукуолаах 5 м. – Хоро нэһилиэгэ Үөһээ Бүлүү улууһа буоллулар. Баатаҕайдар бэрт кыра очукуонан 6 м. тигистибит. Маны таһынан, хас биирдии көрүҥнэргэ муҥутуур кыайыылаахтары бэлиэтээтилэр.

Түмүккэ, инникитин да маннык ыччаты түмэр, спортка көҕүлүүр, өбүгэ оонньууларын  тарҕатар, сахалыы эйгэни төрүттүүр күрэхтэр үксүү турдуннар. Махтаныахпытын баҕарабыт, биһигини бу күрэххэ көҕүлээбит учууталбытыгар, тренербитигэр Николай Адамовичка, барыыга-кэлиигэ, взноска спонсордаабыт дьоммутугар, куоракка үөрэнэр, үлэлиир ыччаттарбытыгар! Спордунан дьарыктаныҥ, доруобай буолуҥ!