Курбуһах оскуолатыгар Гавриил Бурнашев төрөөбүтэ 90 сылын көрсө декада тэрээһиннээхтик ыытылынна

Үтүө киһи аата үйэлэргэ умнуллубат… Кини олорбут олоҕо, үлэтэ-хамнаһа, үтүөтэ сыллар тухары умнуллан, сүтэн-симэлийэн хаалбакка ахтыллар, сыллары уҥуордаан дьоҥҥо-сэргэҕэ кэпсэнэр.

Ахсынньы 11-21 күннэригэр Курбуһах орто оскуолатыгар өр кэмҥэ үлэлээбит, РСФСР үтүөлээх учуутала, Үлэ Кыһыл знамята орден кавалера, Уус Алдан улууһун уонна Курбуһах нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Гавриил Васильевич Бурнашев төрөөбүтэ 90 сылын  көрсө декада буолан ааста. 10 хонук устата сыл ахсын тиһигин быспакка ыытыллар төрөөбүт, нуучча уонна омук тылыгар аналлаах интегрированнай олимпиада, конкурстар, викториналар ыытылыннылар. Олимпиада быйыл республика таһымыгар тахсан араас муннуктарыттан үлэ бөҕө киирдэ.

Ол курдук, 9-с кылаастарга 1-кы Камилла Жиркова (Горнай, Маҕарас орто оскуолата), 2-с Сахаяна Прокопьева (Амма, Амма 1 № оскуолата), Айна Дмитриева (Амма, Амма 1№ оскуолата), 10-с тарга 1-кы Каролина Аллагузина (Амма, Амма лицей), 2-с Эмма Егорова (Уус Алдан, Суотту орто оскуолата), 3-с Вероника Вензель (Чурапчы, Болтоҥо орто оскуолата), 11- тэргэ 1-кы Тамара Карманова (Уус Алдан, Мындааба орто оскуолата), 2-с Күннээйэ Яковлева (Амма, Амма лицей), 3-с миэстэ Марина Терешкина (Уус Алдан, Курбуһах орто оскуолата) буолбуттарын бэлиэтиибит. Кыайыылаахтар харчынан наҕараадаланан үөрүүлэрэ үгүс. Маны таһынан анал номинаннар талыллан наҕараадаланнылар.

Ахсынньы 21-с күнүгэр декада түмүктүүр киэһэтигэр ыраахтан-чугастан дьон муһунна. Кинини кытта алтыспыт дьон, үөрэппит оҕолоро, чугас дьоно кэлэн сүрдээх истиҥник ахтан-санаан бардылар. Кэргэнэ, өр сылларга биология учууталынан үлэлээбит Анна Пермякова: “Аҕа да уһуйааччы да быһыытынан барытыгар үчүгэй этэ. Оҕо туһугар үлэлээбитэ. Олоҕун оҕолорго анаабыта. Элбэхтик үлэлээҥ-хамсааҥ, дьон-сэргэ туһугар кыһаллыҥ”, – диэн этиитин сөбүлүү, сэргии иһиттим. Төрөппүт уола Н.Н. Окоемов аатынан Курбуһах орто оскуолатын директора Гаврил Бурнашев эҕэрдэлээн тыл эттэ, кэлбит ыалдьыттарга махтанна. Бу киэһэ элбэх тыл, санаа этилиннэ, үөрэппит үөрэнээччилэрэ киһи күлэр түгэннэриттэн да кэпсээн дьону сэргэхсэттилэр.

Этэргэ дылы, оччотооҕу кэмнэргэ республика араас муннуктарыттан үөрэнэ кэлбит 500-чэкэ үөрэнээччилээх оскуоланы тутан олорбут салайааччы үлэтин сөҕө саныыгын. “Линейкаҕа туран сахсырҕа эрэ көтөрө иһиллэрэ. Оннук курдук бэрээдэги тутара”, – диэн ахталлар. Онтон бу сыталлар – кини өр сылларга үлэлээбит үлэтин туоһута наҕараадалара, уруокка сылдьан хас биирдии учууталга суруйбут бэлиэтээһиннэрэ.

Санаабыт эрэ барыта салайааччы буолбат. Манна сатабыллаах өй-санаа, тулуур, дьулуур, күүстээх үлэ, сүрэх эрэйиллэр. Ону таһынан үлэҕинэн-хамнаскынан, дьоҥҥо сыһыаҥҥынан убаастабылы ылыы диэн эмиэ туспа суол буоларын бэркэ билэбит. Оччотооҕу үлэ-хамнас дьиҥнээхтии, кырдьыктаахтык сыаналанар кэмигэр, өр сылларга үлэлээбит салайааччы, учуутал, дьон убаастабылын ылыан ылбыт Гавриил Васильевич Бурнашев үлэтэ дьоҥҥо-сэргэҕэ ахтылла, үтүө аата үйэтиллэ турдун.

Киһи барахсан бу орто дойдуга олус кылгастык кэлэн барар. Онтон бэйэҥ кэннэ үтүө ааккын ааттатар гына олох олорон барар, суол-иис хаалларар, оннук дьону иитэн таһаарар диэн бу үрдүк ситиһии. Семен Маисов “Ийэм кэпсиир” айымньытыгар этиллэринии, «удьуор утума хас биирдиибитигэр эппитигэр хааммытыгар, тымырбытыгар сүүрүгүрэр, салҕанар» диэн күүстээх этиинэн түмүктүүбүн.

Мария  Макарова