Сомоҕолоһуу күнүн көрсө Курбуһах нэһилиэгин Уус Күөлүгэр тэрилтэлэр хорга күрэхтэстилэр. Ол курдук оскуола, оҕо саада, кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэрэ, олохтоох дьаһалта кэлэктиибэ атын кыра тэрилтэлэри кытта холбоһон, барыта түөрт хор турда. Маныаха ааттаммыт тэрилтэлэр үлэһиттэрэ 100% кыттаннар, сомоҕолоһуу дьиҥнээх холобурун көрдөрдүлэр.
Бу туһунан Курбуһах нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччы Анастасия Аммосова кэпсээтэ:
– Кыттааччылар бары даҕаны санааларын ууран бэлэмнэммиттэр, сценическэй көстүүмнэрэ үчүгэйэ сөхтөрдө.
Түмүккэ кылаан кыайыылааҕынан Н.Н. Окоемов аатынан Курбуһах орто оскуолатын үлэһиттэрин хора ааттанна, 1-кы үрдэли «Чуораанчык» оҕо саадын хора ылла, 2-с үрдэлгэ дьаһалта уонна кыра тэрилтэлэр холбоһуктаах хордара таҕыста, 3-с үрдэлгэ Н.М. Винокуров аатынан инбэлииттэр, кырдьаҕастар дьиэлэрин үлэһиттэрэ тигистилэр.
СӨ култууратын туйгуннара Евдокия Оконешникова, Николай Бурнашев–Чысхаан уонна сынньалаҥ киинин саҥа үлэһитэ Милена Рязанская састааптаах дьүүллүүр сүбэ түмүк таһаарар кэмигэр күрэхтэһии кыттыылаахтара бары оһуохайга түмсэн көрөөччү саалатын иилии эргийдилэр. Онон көрөөччүлүүн, кыттааччылыын, тэрийээччилиин бары даҕаны урукку курдук дьон бары кыттар маассабай тэрээһиннэрин санатта диэн астыннылар.