Быйыл Уус Алдан улууһун ырыа айааччыларын “Мүрү” түмсүүтэ тэриллибитэ 45 сыла. Онно аналлаах тэрээһиннэр нэһилиэктэргэ эмиэ ыытылыннылар. Ол курдук ахсынньы 23 күнүгэр Курбуһах нэһилиэгэр биллиилээх ырыа айааччы, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Николай Бурнашев – Чысхаан бырайыагынан, тэрийиитинэн бу нэһилиэктэн тахсыбыт ырыа айааччылар, ырыаны толорооччулар “Курбуһаҕы туойабын” диэн улахан кэнсиэрдэрэ буолла.
Чысхаан ырыа айааччы да, толорооччу да быһыытынан өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр. Айбыт ырыалара норуоттар икки ардыларынааҕы куонкурустарга кытта биһирэммиттэрэ.
Кэнсиэргэ бу нэһилиэктэн төрүттээх “Туймаада” судаарыстыбаннай ансаамбыл ырыаһыта Мария Максимова кыттыыны ылан биир дойдулаахтарын улаханнык үөртэ. Итини сэргэ Нам улууһуттан Егор Местников, Мындаабаттан Елизавета Черкашина олохтоох ырыаһыт ыччат, быйылгы “Мүрү” ырыа куонкуруһун “Бастыҥ дебют” бирииһин хаһаайына Виталий Курилкин, Никифор Протопопов ылбаҕай ырыаларын бэлэхтээтилэр. Кэнсиэргэ ырыа айааччылар Василий Пестряков – Курбуһах Уола, Гаврил Местников, Иннокентий Протопопов, Иннокентий Местников, Мария Говорова, Мария Винокурова кыттаннар бэйэлэрин ырыаларын бэлэхтээтилэр.
Бу бырайыак тэрээһинигэр Уус Куолунээҕи “Сандал”, Окоемовкатааҕы “Алгыс” сынньалаҥ кииннэрэ күүс-көмө буоллулар. Ол курдук кэнсиэр бу икки бөһүөлэктэргэ буолла.
Нэһилиэнньэ биһирэбилин ылбыт кэнсиэр Николай Бурнашев тэрийээччи, продюсер буоларын көрдөрдө. Салгыы өссө да сонун бырайыактар тахсалларыгар эрэл кыымын сахта.
Афанасий Сектяев