Курааҥҥа оҕустарбат туһугар үлэ саҕаланна

Дьыл эргиирин быһыытынан кураан сыллар эргиллэн эрэллэр диэн сылык­тааччылар да, күнү-дьылы кэтээн көрөр сулууспа да бары этэллэр. Онон онно оҕустарбат туһугар үлэ билиҥҥиттэн саҕаланыах­таах. Былырыыҥҥы өҥ дьыл бы­йаҥыттан уурунан хаалыы баар буолара ситиһиллиэхтээх. Тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин бөлөҕө кэлэн барыытыгар сүрүн кэпсэтии ол туһунан буолла. Ол сырыы уонна инники соруктар туһунан улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын управлениетын начальнига Петр ПОПОВ маннык кэпсээтэ:

– Петр Петрович, улуус тыатын хаһаайыстыбатын салаатын салайбытыҥ аҕыйах ый буолла. Бу кэм иһигэр балачча хамсатыылаах үлэ тэрилиннэ. Холобур, тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ, кини солбу­йааччыта даҕаны саҥа ананаат да манна кэлэ сылдьыылара элбэҕи этэр, үлэ түмүктээх буо­ларыгар тиэрдэр. Дьэ, туох инники сорук, былаан турарый?

– Бу үлэҕэ ананаат даҕаны, бастатан туран, тыа хаһаайыс­тыбатын министиэристибэтин кытары ыкса ситимнээх үлэни ыытарга сорук туруоруммутум. Ол түмүгэр үлэ былаана торумнанан, түмүктэрэ көстөн эрэллэр. Билигин сүрүн сорукпут кураан сыллар кэлиилэригэр оҕустарбат курдук үлэни ыытыы буолар. Министиэристибэни кытары үлэ эмиэ ол тула барар. Быйыл кураан сайын буолуо дииллэр. Ону син аһарыахпыт. Былырыын күһүн сир ньүөл тоҥмута уонна үрэхтэр кыра уулаахтар. Онон орто үүнүүнү биэриэхтэрэ. Былырыын өҥ сайын буолан, быйыл онтон ордубут 3 382 тн кур оттоохпут.

Аһыҥа кураан аргыһа буо­ларын бары билэбит. Былырыын алта нэһилиэккэ аһыҥа турбута. Ол иһин, быйыл 80 лии­тэрэ аһыҥа эмин ыллыбыт. Ити эрээри, ону ыларга биир да нэһилиэк сайаапка түһэрэ илик. Сыанатын ыарырҕатар курдуктар эрээри, ааҕан көрдөххө, 1 гааҕа сөп буолар эмп 200 солкуобай буолар. Ону өйдөөн ылыахтарын наада. Эмтиир тэриллэр хас да нэһилиэккэ бэйэлэригэр бааллар. Эһиил бары нэһилиэктэргэ баар буоларын ситиһиэхпит.
Улуус салалтатын кытары күүскэ үлэлэһэн, тыа хаһаайыс­тыбатын министиэристибэтин “Сүөһү аһылыгын бэлэмнээһин” бырагырааматыгар кыттан 11 мөл. 80 тыһ. солк. көмө харчыны ыллыбыт. Ити ааспыт сыллааҕар 2 мөл. солк. элбэх. Бу харчыбытынан 131 тн ыһыы сиэмэтин атыыластыбыт, 22,4 км бүтэй оҥоһуутугар барыаҕа, ону тэҥэ бу күннэргэ 11 “МТЗ-82” тыраах­тар, икки сеялка, биир сенаж оҥорор комплекс, биир почво­фреза, сиэмэ куурдар, ыраас­тыыр тэриллэр кэлиэхтэрэ.

Бэйэбитигэр уотурба оҥоро сатаабыппыт ыраатта. Былырыын уотурба оҥорор собуот тэриллэрэ барыта кэлэн туруоруу үлэтэ саҕаламмыта. Ол барыта ситэн атырдьах ыйыгар үлэҕэ кии­риэҕэ. Оччоҕо улууһу бүтүннүү уотурбанан хааччыйар буо­луохпут. Кыамтата онно эп­пиэттиир.

Бу кылгас кэм иһигэр биһиги улууспутугар тыа хаһаайыстыбатын миниистирэ Артем Александров иккитэ кэлэ сырытта. Икки хонуктааҕыта аны миниис­тири саҥа анаммыт солбуйаач­чы Сахаяна Павлова кэлэн бар­да. Онно биһиги улууспутугар уһун сыллаах от сиэмэтин хому­йар анал хаһаайыстыбаны тэри­йэргэ кэпсэтии барда. Оннук хаһаа­йыстыба “Биэттэ АГРО” ХЭТ баа­затыгар тэриллиэҕэ. Ол аата баа­таҕайдар бурдук ыһалларын таһынан элбэх сыллаах оту ыһан, ол сиэмэтин хомуйан илин эҥээр улуустары барытын хааччы­йар буолуохтара. Быйыл 70 гааҕа элбэх сыллаах оту ыһан саҕалыаҕа. Бу саҕалааһыны министири солбуйааччы Сахаяна Павлова ыһыы үлэтин сүрүннээччи буоларын быһыытынан толору өйүүрүн биллэрдэ.

Оҕуруот аһын үүннэриини 1,5 бүк улаатыннарар сорук турар. Манна кэпсэтии барда, тыа ха­һаайыстыбатын министиэрис­тибэтэ эһиилгиттэн үбүлээһинин көрөргө сөбүлэстэ.

“Лена – Мүрү” уу ситимин ку­раа­ны утары охсуһууга туһанар туһунан кэпсэтии барбыта ыраат­та. Ол дьэ, оннуттан хамсаа­та диэххэ сөп. Ол быһыытынан, уу ситимэ ааһар Суотту, Бороҕон, Бэрт Ууһун, Хоро нэһилиэктэрин бааһыналара, ходуһалара ньүөлсүтүллэр буолуохтара. Онно анал бырагыраама оҥоһуллан, эһиилгиттэн үлэ барыаҕа. Миниистир солбу­йааччытын кытары мелио­рация управлениетын салайаач­чыта Дмитрий Махаров тахса сырытта. Кинилиин маннааҕы филиалга баар, кыахтарын ситэ туһаммакка таах кэриэтэ турар сири-уоту көннөрүүгэ туттуллар тиэхиньикэни ходуһа оҥоһуутугар, кэҥэтиитигэр туттарга собүлэстибит. Онон курааҥҥа оҕустарбат туһуттан үлэ былааннаахтык баран эрэр.

Оттооһун кэмигэр тиэхиньикэ саппааһа манна, бэйэбитигэр суоҕа элбэх ыарахаттары үөскэтэр. Ол иһин “Сельхозтехники Якутии” ХЭТ ген. дириэктэрин Ньургун Гольдеровы кытары кэпсэтэн тыраахтар, оттуур тиэ­хиньикэ саппааһын атыылатарга сөбүлэстэ. Ону урбаанньыт Егор Бурнашев маҕаһыыныттан атыылаһыахха сөп. Салгыы Руслан Федотов манна маҕаһыын аһарыгар кэпсэтии бара сылдьар. Ол да ситиһиилээх буоларыгар эрэнэбин.

– Петр Петрович, улуус­путугар тыа хаһаа­йыстыбатын инники сайдыытыгар торумнаммыт былаан олоххо киирэригэр эрэнэбит. Ситиһиилээх үлэни ба­ҕарабыт.

Афанасий Копырин