Быйыл Саха сиригэр физкультура хамсааhына 100 сыла бэлиэтэнэр. Күн бүгүнүгэр диэри улууска саахымат эйгэтигэр сыhыаннаах үгүс киһи, саахыматы таптааччылар Уус Алдан оройуонугар саахымакка бастакы чөмпүйүөннэр ааттарын билбэттэр. Дьиҥнээх чахчы хайдах этэй?
Саха АССР саахымакка чөмпүйэнээтэ ыытыллар буолбутун кэннэ, оройуоннарга күрэхтэhиилэр ааспыт үйэ 30-с сыллар иккис аҥаардарыттан буолуталаан барбыттара.
Байаҕантай улууhун 2-с Байаҕантай нэhилиэгэр 1915 сыллаахха Мээбидэ алааска (Балаҕаннаахтан чугас турар) Алексей Алексеевич (Андаҕардаах Өлөксөй) уонна Татьяна Иннокентьевна Егоровтар дьиэ кэргэннэригэр үһүс оҕо төрөөбүтэ. Миша Егоров 1924 сыллаахха тоҕус сааһыгар Танда сэттэ кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирэн, дьон саахымат оонньуурун көрөн бэйэтэ дьарыктаммыт, оскуоланы бүтэрэн баран, үөрэҕин салгыыр кыах көстүбэккэ, Курбуhахха, онтон Тандаҕа алын кылаас үөрэнээччилэригэр учууталлаабыта. Онтон кэнники оройуон киинигэр Томторго райпотребсоюз ыскылаатын бухгалтерынан үлэлээбитэ.
Кини оройуон турнирдарыгар алтата кыттан түөртэ бастаабыт, биирдэ 1-2 миэстэни үллэстибит, биирдэ иккис буолбут – арааhа 1937 cыллаахха, ити сыл өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр Уус Алдантан Бурнашев диэн саахыматчыт кыттыбыт. Бүтэhигин Уус Алдан оройуонугар 1941 сыллаахха бастаабыт. Бу маны туоhулууллар 1941 сыл кулун тутарыгар өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр кыттаары сылдьан толорбут бэйэтин автобиографията уонна оройуон физкультура уонна успуорт кэмитиэтэ биэрбит характеристиката өрөспүүбүлүкэтээҕи архыыпка көhүннүлэр. Ити чөмпүйэнээккэ төһө да миэстэҕэ тиксибэтэр, 5,5 очукуону ылан олох ытыс соттубатах. Чөмпүйүнээккэ кыттарыгар кэлэр-барар айанын төлөбүрүн, хонор сирин уонна күҥҥэ түөртэ аhыырын өрөспүүбүлүкэтээҕи физкультура уонна успуорт кэмитиэтэ хааччыйбыт.
Мин ийэм Екатерина (Кээчэ) – кини тастыҥ балта, Михаил аҕатын кытта бииргэ төрөөбүт Савва Егоров (Күүстээх Сааба) кыра кыыhа миэхэ кэпсиирэ: «Дьоно суох буолбуттарын кэннэ биhиэхэ олорбута. Оройуон киинигэр уонна куоракка баран саахымат күрэхтэhиилэригэр кыттара, бириистээх кэлэрэ. Ол барыан иннигэр хойукка диэри чүмэчи уотугар бэйэтэ саахымакка оонньоон тахсара. 1941 сыл сайын бүтүүтэ Чурапчы холбоhуктаах оройуоннай военкоматыттан сэриигэ ыҥырыллар бэбиэскэ тутан, үөскээбит сирин-уотун бүтэhиктик көрө, аймахтарын кытта бырааhайдаhа оройуон кииниттэн кэлбитэ. Нөҥүө күнүгэр аҕам атыгар мэҥэhиннэрэн Томторго илдьэ барбыта».
Кини икки аҥаар сылтан ордук сэриилэспитэ. 1944 сыл от ыйын 16 күнүгэр Прибалтийскай фронт 8-с гвардейскай гаубичнай артиллерийскай биригээдэтин старшай телефониhа гвардия рядовойа Михаил Алексеевич Егоров кыргыhыы толоонугар охтубута уонна Литовскай ССР Вильнюскай уобалаhын Жижморы дэриэбинэ бырааттыы могилатыгар көмүллүбүтэ. Туох да наҕараадаҕа тиксибитэ биллибэт.
Кини төрүт өбүгэтин – хос эhэтин – 19-с үйэ ортотугар ыраахтааҕыттан үрүҥ көмүс куортугунан наҕараадалалаах Байаҕантай улууhун кулубата Савва Егоров туттарбыт дьиэтэ былырыын өрөспүүбүлүкэтээҕи телемарафон ыытыллан, биир мөлүйүөнтэн тахса үп киирэн быйыл саҥардылынна.
Бу сөргүтүү үлэтигэр үбүнэн көмөлөспүт дьоҥҥо, тэрийэр кэмитиэккэ үлэлээбиттэргэ, олохтоох дьаhалтаҕа, үлэлээбит тутааччыларга бары аймахтар махталбытын тиэрдэбит.
Петр Яковлев, “Амма киэн туттуута” бэлиэлээх үлэ бэтэрээнэ