Атырдьах ыйын 25 күнүгэр Чараҥ бөһүөлэгэр В.Н. Протодьяконов-Кулантай аатынан литературнай музейга күһүҥҥү түбүктээх кэм быыһыгар историяны сэргиир, кинигэни ааҕар дьоҥҥо ураты тыыннаах күн буолан ааста.
Ол курдук бу күн Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр Саха сирин холкуостаах таһаҕасчыттарын ыарахан айаннарын туһунан «Ааллаах Үүн уонна Моой үрэх таһаҕасчыттарын ахтыылара (1934-1954)» диэн саҥа тахсыбыт кинигэ сүрэхтэннэ.
Бу уруккуну эргитэн аҕалан ахтар аналлаах тэрээһиҥҥэ Дьокуускайтан «Историческая память» бырайыак общественнай сэбиэтин салайааччыта, биир дойдулаахпыт Саргылана Неустроева кинигэ оҥоһуллан тахсыбыт историятын сэгэтэн сырдатта уонна мустубут дьону үөрдэ-көтүтэ оскуолаҕа, музейга бэлэх уунна.
Кинигэ Дьокуускайга «Алаас» кинигэ кыһатыгар 100 ахсаанынан бэчээттэнэн тахсыбыт. Манна Чараҥтан үлэһит дьоммут киллэриллэн үйэтитиллибиттэриттэн бары даҕаны долгуйдубут, үөрдүбүт.
Салгыы СӨ Национальнай архыыбын директорын солбуйааччы Наталья Малышева Өксөкүлээх Өлөксөй «Письмо якутской интеллигенции» суругун куопуйатын илдьэ кэлбитин көрдөрдө, билиһиннэрдэ уонна наһаа интэриэһинэйдик кэпсээтэ.
Биһиги бу бүтүн үйэни өтө көрөн суруллубут этитиилээх суругу илиибитигэр туттубут, улуу бөлүһүөк бэйэтин илиитинэн суруйбут кыраһыабай буочарын сөҕө көрдүбүт, саха интеллигенциятыгар анабылын өссө төгүл ааҕан астынныбыт.
Салгыы А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ Лариса Кулаковская биллиилээх дьонун: эһэтин, аҕатын, бииргэ төрөөбүттэрин тустарынан хайдах эрэ олус сылаастык, иһирэхтик ахтан-санаан ааспытын бары кэрэхсээтибит. Улуу киһибит сыдьаана, чахчы даҕаны, тыла-өһө имигэһэ, кэпсээнэ-ипсээнэ хомоҕойо үчүгэйин эриэхсит!
Кини нөҥүө биһиги бу күҥҥэ Өксөкүлээхтиин алтыһар дьолго тиксэммит өтөрүнэн билбэтэх үрдүк үөрүүбүтүн биллибит.
Кини кэнниттэн үлэ ветерана, СӨ Үп министерствотын ветераннарын сүбэтин чилиэнэ, өр сылларга космофизика институтугар сүрүн инженер-конструкторынан үлэлээбит Федор Тимофеев-Терешкин хаһан да, кимтэн да истэ иликпитин кэпсээбитин эмиэ олус сэргээтибит. Кини оннооҕор сахабыт тылыгар киирии тыллар туһунан эппитэ истэргэ сонун буолла.
Биһиги улууспутуттан СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, педагогическай үлэ ветерана Клара Троева уонна С.С.Васильев-Борогонскай аатынан киин библиотека отделын сэбиэдиссэйэ Галина Аммосова сүрэхтэммит саҥа кинигэ туһунан санааларын эттилэр. Түмүккэ олохтоохтор ыалдьыттарга барҕа махтал тылларын анаатылар уонна барыларыгар этэҥҥэ буолууну, ситиһиини баҕаран тарҕастылар.
Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.