Ким да умнуллубатын, туох да умнуллубатын туһугар

Украинаҕа анал байыаннай дьайыы саҕаламмыта иккис сыла буолан эрэр. Онно быстах хомуур биллэриллэн биһиги улууспутуттан эмиэ уолаттарбыт бараннар кытта сылдьаллар. Сэрии диэн алдьархай буоллаҕа – өлүү, сүтүү. Ыҥырыллыбыттартан, хомойуох иһин, сорохторо эйэлээх олох туругурарын туһугар сырдык тыыннарын толук уурдулар. Кинилэр бары – дьоруойдар!

Хаһан да, ханна да, хоодуоттар үйэтитиллэр, ахтыллар аналлаахтар. Ол иһин үйэтитиигэ улахан болҕомто ууруллуохтаах. Бу үүнэр көлүөнэни дойдуга бэриниилээх буолууга иитии бастакы холобура. Биһиги, сэбиэскэй кэм оҕолоро, ыччаттара бары гражданскай сэрии, Аҕа дойду Улуу сэриитин дьо­руойдарын холобурдарыгар иитиллибиппит. Олох кыра сааспытыттан кинилэр туһунан ааҕарбыт, истэрбит. Онно сөптөөх литература да баара.

Билиҥ­ҥи дьоруойдары эмиэ оннук хабааннаахтык үйэти­тиэххэ. Бу, бастатан туран, оскуолаттан саҕала­ныахтаах. Оскуола аайы дойдуга бэриниилээх буолуу “муннуктарын” оҥорон хорсун дьоммут туһунан кэпсиэххэ. Билигин анал байыаннай дьайыы туһунан иһитиннэрэн-биллэрэн иһии олус күүскэ араас хайысханан барар. Ол иһин кэнники икки сылга Аҕа дойду сэриитин дьоруойдарын туһунан билиһиннэриини да баһыйыах курдук буолла. Онон маны ситимниир наада. Кинилэр бары эйэлээх олох туһугар турууласпыттара.

Дойду көмүскэлин туһугар хорсуннар көлүөнэлэрэ баарын өрө тутан кэп­сиэххэ. Холобур, анал байыаннай дьайыыга охтубуттар эһэлэрэ, хос эһэлэрэ Аҕа дойду сэриитин толоонугар сырдык тыыннара быстыбыттар эмиэ бааллар. Сотору Аҕа дойдуну көмүскээччилэр күннэрин бэлиэтиэхпит. Онно оскуолаларга Эр санаа уруок­тара ыытыллаллара буолуо. Дьэ, онно Аҕа дойду сэриитин дьоруой­дарын кытта, анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын тэҥҥэ тутан кэпсиэххэ.

Билиҥҥи эдэр көлүөнэ үйэтитиини көрөн ордук ылынар. Ол иһин баннердары күүскэ туһанар сөптөөх. Ол эрээри, бу уһуннук турбатын эмиэ өйдүөххэ наада. Үйэлээх өйдөбүнньүктэргэ үлэлэ­һиэххэ. Кыайыы болуоссаттарыгар туспа истиэндэ оҥорон туруоруохха сөп. Эбэтэр туспа искибиэр да оҥоруохха сөп буолуо. Холобур, былырыын күһүн Бороҕоҥҥо анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар анаан искибиэр оҥоһуллубута ситэн-хотон бардаҕына дьон-сэргэ сүгүрүйэн ааһар сирэ буолуоҕа.

Эһиил Улуу Кыайыы 80 сылын бэлиэтиэхпит. Билиҥҥитэ ол туһунан ханна да кэпсээн иһитиннэрии суох. Ол хайаан да бэлиэтэниэҕэ. Онно билиҥҥи кэм дьоруойдара тэҥҥэ ахтыллалларыгар үлэлэһиэҕиҥ. Бэҕэһээҥҥитэ суох бүгүҥҥү суох, бүгүҥҥүтэ суох сарсыҥҥы суох. Ааспыт барыта историябыт, олохпут кэрчигэ. Ону өйдүүр, үйэтитэр барыбыт сорукпут.

Афанасий Сектяев