Бу күннэргэ улуустааҕы киин балыыһа “КамАЗ” массыына баазатыгар оҥоһуллубут медицинскэй көрүү пууна тэрилтэлэринэн кэрийэн диспансеризацияны саҕалаата.
Ол курдук бүгүн “Өркөн” оҕону эбии үөрэхтээһин киинин үлэһиттэрэ көрдөрө сылдьаллар. Массыынаҕа ЭКГ уонна дьахтар кабинета бааллар. Дьиэ иһигэр хаан аналиһын ылаллар, хараххын уонна терапевт бырааска көрдөрүөххэ сөп.
Бу бөлөҕү салайар терапевт быраас Екатерина Бурнашева иһитиннэрбитинэн, бэҕэһээ Офиснай кииҥҥэ сылдьыбыттар. Онно 24 киһи диспансеризациянан хабыллыбыт. Ол иннинэ ДьУоКХ уонна ЫБМ үлэһиттэрин үлэлиир сирдэригэр тиийэн көрбүттэр.
Улуус киинигэр баар тэрилтэлэри маннык кэрийэ сылдьан диспансеризацияҕа көрүү сүрдээх табыгастаах буолсу эбит. Үлэлии сылдьар киһи поликлиникаҕа тиийэн уһун уочаракка туран элбэх бириэмэтин сүтэрэр, аны онно ардыгар хас эмит күн сылдьыан сөп. Оттон маннык кэрийэн көрүүгэ барыта биир күнүнэн ситиһиллэр.
Афанасий Сектяев