Кэптэнигэ «Чэчир» оҕо саада тэриллибитэ 60 сылын бэлиэтээтилэр

Ахсынньы 2 күнүгэр Кэптэнигэ «Чэчир» оҕо тэрилтэтэ тэриллибитэ 60 сыллаах дьоро киэһэтин үрдүк таһымҥа бэлиэтээтилэр.

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ мустубут ыалдьыттар дохсун ытыстарын тыаһынан үлэттэн дьоллорун булбут ветераннар, үрдүк көрдөрүүлээх үлэһиттэр нэһилиэк, улуус, өрөспүүбүлүкэ үрдүк наҕараадаларын – түөскэ анньыллар бэлиэлэри, бочуотунай грамоталары, махтал суруктары туттулар.

Үбүлүөй киэһэтин оҕо саадын билиҥҥи иитиллээччилэрэ, выпускниктара, үлэһиттэрэ ырыаны-тойугу оройуттан тутан киэргэттилэр.

Оҕо тэрилтэтин салайааччыта Наталья Борисова: «Тапталлаах оҕо саадпыт тэриллибитэ 60 сыллаах үбүлүөйүн бары үлэһиттэрим биир санаанан түмсэн, бэлэмнэнэн нэһилиэкпит дьонугар-сэргэтигэр, тэрилтэбит ветераннарыгар дьоро киэһэни бэлэх ууннубут.

Үбүлүөйдээх бырааһынньыкпыт үрдүк таһымҥа ааспытыгар улуус дьаһалтатыгар, үөрэх улуустааҕы управлениетыгар, үөрэх үлэһиттэрин профсойууһугар, нэһилиэк дьаһалтатыгар, төрөппүттэргэ, бары тэрилтэлэргэ улахан махталбын тиэрдэбин. Барыгытыгар чэгиэн туругу, байылыат олоҕу баҕарабын!» – диэн санаатын үллэһиннэ.

Екатерина Мигалкина, уопсас. кэрэсп.