«Ис сүрэхтэн» аахсыйаҕа кытынныбыт

Биһиги кылааспыт 23 үөрэнээччитэ улуустааҕы психологическай киин тэрийэн ыытар маастар-кылааһын интэриэһиргээн, кылааспытыгар ыҥыран харысхал оҥорорго үөрэннибит.

Оҥорбут харысхалларбытын атыылаабыт 4 тыһыынча солкуобайбытынан Москваҕа эмтэнэ барыахтаах Мүрү 1№-дээх орто оскуолатын үөрэнээччитигэр Женя Тарскайга анаммыт «Ис сүрэхтэн» аахсыйаҕа кыттан, күүс-көмө буоллубут.

Ону тэҥэ, оҥорбут харысхалларбытын сороҕун Украинаҕа СВО-ҕа сылдьар буойуттарга ыытарга сүбэлэстибит. Бу үтүө ис санаабытыттан оҥорбут, илиибит сылааһын бэлэхтээбит харысхалларбыт дойдуларыттан ыраах тэйэ сылдьар убайдарбытын, аҕаларбытын харыстыы, араҥаччылыы сылдьыаҕа диэн эрэнэбит.

Инникитин бырайыак курдук оҥороммут, улуустааҕы психологическай киини кытта бииргэ үлэлэһэр уонна араас аахсыйаларга, тэрээһиннэргэ атын кылаас оҕолорун эбии кытыннаран үлэлэһэр былааннаахпыт.

Доминик  Васильев,  Мүрү 2№-дээх орто оскуолатын 10″б» кылааһын үөрэнээччитэ

 

Читайте дальше