Ийэ тыл түһүлгэтэ тэрилиннэ

Кулун тутар 5 күнүгэр, «Ийэ тыл-2024» ийэ тылы хараанныыр үлэни сүрүннүүр түмсүүлэр улахан Түһүлгэлэригэр улуустааҕы «Кэскил түһэ» ийэ тыл түмсүүттэн Василий Васильевич Бурнашев, сүрүн сүбэһиппит (Хомустаах), Акулина Михайловна Иванова, «Дуораан» араадьыйа редактора, Наталья Васильевна Бурцева, Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын саха тылын уонна литературатын учуутала, Галина Петровна Матвеева «Кэскил» уһуйаан сэбиэдиссэйэ, Нюрбина Егоровна Васильева Мындааба орто оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала уонна Альбина Александровна Борисова, «Сардаана» уһуйаан сэбиэдиссэйэ, Тамара Петровна Васильева, Суотту орто оскуолатын музейын салайааччыта кыттыыны ыллыбыт. Сарсыарда өттүгэр түһүлгэлэринэн мунньахтар 9 сиринэн тэрилиннилэр:

  1. Дьокуускай куорат саха уһуйааннарын уонна оскуолаларын төрөппүттэрин Сүбэтин үлэтэ – Саха гимназиятын аактабай саалата («Ийэ тыл кэскилэ», сал.Никитина В.Н.).
  2. «Төрүт тыл» логопед түмсүүтэ – РЛИ аактабай саалата (сал.Артемьева С.В.).
  3. «Ааҕар Саха сирэ» – Саха театрын «Алампа саалата» (сал.Карманова С.Е.).
  4. «Сахалыы тыыннаах оскуолалар уонна уһуйааннар» – А.Г. уонна Н.К. Чирээйэптэр ааттарынан ДьКНГ аактабай саалата(сал.Пермякова В.С.).
  5. Саха тыла аныгы кэмҥэ — Национальнай библиотека Историческай саалата («Саха тыла 400», сал.Угарова Я.И.).
  6. Биридимиэти сахалыы үөрэтии (сахалыы учебниктары оҥоруу) – РЛИ, лекция саалата (сал.Шишигина Ф.В.).
  7. Төрөөбүт тылга олоҕуран элбэх тылланыы – ГУК, 2 этээс, «Синергия» библиотека хоһо (сал.Попова Г.С.-Санаайа).
  8. Оҕо аҕатынаан ийэ тыл эйгэтигэр – «Айыы кыһата» гимназия Ураһата, (сал.Слепцов В.А.).
  9. «Ийэ тылбыт — итэҕэлбит» – Ем.Ярославскай аатынан түмэл Балаҕана(«Айгы ситимэ» уопсастыбаннай түмсүү, сал.Холмогорова А.А.)

Биһиги хайдыһан түһүлгэлэргэ сырыттыбыт, мустубут дьон тылын-өһүн иһиттибит, бэйэбит санаабытын эттибит.

Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатырыгар сарсыарда эрдэттэн тэриллибит ийэ тыл туһугар уратылаах үлэ 600-тэн тахса киһини түмтэ диэн тэрийээччилэр түмүк оҥордулар. Ол курдук «Күн» оҕолор уопсастыбаннай хамсааһыннара «Барҕарыы» пуонданы кытта тэрийбит Бэстибээллэрэ, «Барҕарыы» үөрэнээччилэр сахалыы кэмпириэнсийэлэрин Түмүк мунньаҕа, күн иккис аҥарыгар ыытыллыбыт «Ийэ тыл-2024» Тойон мунньаҕа ситиһиилээхтик түмүктэннилэр. Бу маннык улахан түһүлгэ сыл аайы буолара быһаарылынна.

 

                   Светлана Бурцева, «Кэскил түһэ» ийэ тыл түмсүү салайааччыта