От ыйын 15-17 күннэригэр Хоноҕорго «Түһүлгэ» с/к салайааччы РФ үөрэҕириитин туйгуна, СР муниципальнай сулууспатын туйгуна Екатерина Гоголева көҕүлээһининэн 37 сыл устата ыллаан-туойан кэлбит «Илгэ» фольклорнай ансаамбылы үйэтитэр сыаллаах проект оҥорон үс күн устата ырыаларбытын бэлэмнээн, чочуйан, кулууп дьиэҕэ, айылҕаҕа устуу тэрилиннэ. Оруобуна бу күннэргэ Екатерина Николаевна бииргэ төрөөбүт быраата СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ Үөһээ Бүлүүтээҕи народнай оркестр салайааччыта, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо, баянист Николай Хобусаров түбэһэ кэлбитинэн бэлэмнэнии олус сэргэхтик, тэтимнээхтик ааста. Баяҥҥа оонньоон куоласпытынан арааран, элбэхтик чочуйан астына бэлэмнэннибит. Онон Николай Николаевичка махталбыт муҥура суох буолла.
Бастакы күн 15 чыыһылаҕа көрсүһүү выставканан аһылынна. Фойеҕа ансаамбыл ырыаһыттарыгар анаммыт выставканы олохтох библиотекарь Ирина Осипова таҥан туруорда. Ону таһынан «Биһиги сэбиэскэй кэммит» диэн тиэмэлээх оччотооҕу кэми кэпсиир выставканы ансаамбыл чилиэттэрэ Максимова А.М., Ширяева Ф.Н., Бочкарева Е.П., Токусарова Х.П. Степанова А.Е., Колесова А.Е., Саввина М.П. туруорбут матырыйааллара кэлбит дьон болҕомтотун, сэҥээриитин тартылар. Ол кэннэ дьэ баян доҕуһуолунан ырыаларбытын талыы, чочуйуу, уһуллуу буолла, минньигэс астаах сандалы тула олорон, ирэ-хоро кэпсэтии, эҕэрдэлээһин, былаан торумнааһына, ырыа-тойук хойукка диэри салҕанна.
Иккис кун сарсыардаттан мустан Петр Гоголев суоппардаах толору автобуска олорон айылҕаҕа тахсан ырыаларбытын видеоҕа уьуллубут, хаартыскаҕа түстүбүт. Баяниспытыгар Николай Николаевичка махтанан туран сэмэй бэлэхпитин туттаран атаардыбыт. Нэһилиэкпит ыһыахтыы сиригэр кэлэн олорон чээйдээн, сэлэһэн, үөрэн-көтөн, дуоһуйан тарҕастыбыт.
Үһүс куммут сарсыардатыгар ансаамбыл чилиэнэ Федорова С.П. дьэдьэннээх күөрчэҕинэн, сахалыы баахыланан күндүлээтэ. Ол кэннэ маастар кылаастар биир-биир буолан истилэр. Гоголева Е.Н. араас туһалаах оттортон чэй арааһын, фиточай бэлэмнээн иһэртэ. Алексеева Н.П.саха-фитнес үҥкүүнү билиһиннэрдэ, Охлопкова Р.Е. кус түүтүттэн панно онорон көрдөрдө, доруобуйаҕа туһалаах хамсаныы, иҥэмтиэлээх ас туһунан Бурцева М.В., Стрекаловская А.М. кэпсээтилэр, сахалыы бууктаах сону тигиигэ Бочкарева П.В. сүбэ-ама биэрдэ, олохтоох библиотекарь Черкашина Р.Н. Пушкин төрөөбүтэ 225 сылыгар аналлаах беседа, хоһоон ааҕыытын тэрийдэ. Бары бэрткэ бэлэмнэнэн, бэрт сэргэхтик, интэриэһинэйдик ыыттылар, элбэҕи биллибит, көрдүбүт, иһиттибит. Сарсыардаттан сэргэх тэрээһиннэр утуу-субуу тэтимнээхтик буолан истилэр, үнкүүлээн, зарядкалаан, ыллаан-туойан күммүт бүппүтүн билбэккэ да хааллыбыт. Үс күннээх тэрээһиммит ити курдук олус сэргэхтик түмүктэннэ.
Нэһилиэкпит баһылыга Иванов В.И. кэлэн үтүө сонуннарын, инники былааннарын кэпсээн санаатын үллэстэн, баҕа санаатын тиэрдэн тэрээһиҥҥэ кытынна.
Ветераннар сэбиэттэрин председателэ Свинобоева Е.Н., Алдантан сылдьар биир дойдулаахпыт Лукина (Пермякова) Т.В. сонун ахтыылары оҥорон сэргэхситтилэр.
Тэрээһин түмүгүнэн «Илгэ» фольклорнай ансаамбыл аатыттан «Түһүлгэ» с/к коллективыгар (сал. Гоголева Е.Н.), баянҥа доҕуһуоллаабыт Хобусаров Н.Н., биһигини кытта үлэлэспит, устубут оҕолорбутугар, культура эйгэтигэр саҥа киирэн эрэр эдьиийдии-балыс Наина, Селина Алексееваларга уонна сүрүн устааччыбытыгар «Түһүлгэ» с/к звукооператорыгар Охлопков Владимирга, тэрээһини иилээн-саҕалаан ыыппыт киһибитигэр Бубякина В.С. махталбытын тириэрдэбит.
«Илгэ» ф/а аатыттан сэмэй өйдөбүнньүк бэлэхтэрбитин, сылаас илиилэринэн тикпит олбохторун бэлэх уунан махталбытын биллэрдибит. Баҕарабыт инники үлэлэригэр ситиһиини, айар-тутар үлэлэрин аартыга арылла, дьон-сэргэ махталын ыла турун диэн алгыспытын тириэрдэбит.
2022 сылтан «Илгэ» фольклорнай ансаабыл салайааччыта Альбина Максимова