Өрөбүл күнү туһанан «Умсулҕан» кэллиэксийэньиэрдэр түмсүүлэриттэн бэһиэ буолан Хатаска ыалдьыттаатыбыт, сэргэх олохтоох дьону кытта көрсөн, билсиһэн, санаа атастаһан астына, дуоһуйа сылдьан кэллибит. И.Д. Панаев аатынан олохтоох бибилэтиэкэ үлэһитэ Мария Никифорова, биир дойдулаахтарбыт Галина Габышева, Светлана Прудецкая үөрэ-көтө көрүстүлэр, этэргэ дылы ытыс үрдүгэр түһэрдилэр. Сырыыбыт Хатас сэлиэнньэтин историятын сэһэргиир музейы көрүүттэн саҕаланна. Дьон сөҕүүтүн, биһирэбилин өрүүтүн ылар кэллиэксийэньиэрдэр Анна Федорова, Елизавета Сивцева, Иннокентий Крылов, Мария Борисова мунньууларын бибилэтиэкэ дьиэтигэр тардан кэбистилэр. Оттон Хатастартан 6 кэллиэксийэньиэр кэлэн бэйэлэрин дьарыктарын билиһиннэрдилэр. Хардары таары көрүү-истии, ыйыталаһыы, быһатын эттэххэ үлэ оргуйа түстэ.
Эйэҕэс майгылаах Хатас Далбар хотуннарын билиһиннэриэхпин баҕарабын: Агафья Федорова – математика учуутала, өр сылларга гос. сулууспаҕа үлэлээбит үлэ бэтэрээнэ, биллэр кэллиэксийэньиэр. Агафья Семеновна сүрүннээн үлэлиир тиэмэтэ «Пушкиниана». Сөбүлүүр поэтын А.С. Пушкин туһунан баай кэллиэксийэлээх. Манна 1882 сыллаахха Санкт-Петербурга бэчээттэнэн тахсыбыт А.С. Пушкин «Избранное» айымньыларын кинигэтэ сүрүн миэстэни ылар. Бу ыйдарга кини кэллиэксийэтэ ХИФУ-га көрдөрүүгэ турар. Маны тэҥэ араас фарфор иһиттэри, сэбиэскэй кэминээҕи значоктары, статуэткалары, омук кинигэлэрин, о.д.а. мунньар.
Инга Капитонова – П.Н. уонна Н.Е. Самсоновтар ааттарынан Хатас орто оскуолатын дьиэҕэ үөрэх учуутала. Инга Андреевна 2019 сылтан утумнаахтык дьарыктанар. Бу кэм иһигэр бэрт үгүһү эккирэтиһэн муспут. Дьиэтигэр урукку кэми санатар иһиттэр, миэбэл мунньууга сирдээбиттэр. Көрдөрүүгэ чэпчэки ыйааһыннаахтары: матрешкалары, дьахтар аймах киэргэлин броштары, оҕуруолары, кольелары аҕалбыт. Туйара Будищева – куорат 34 нүөмэрдээх орто оскуолатын нуучча тылын, литэрэтиирэтин учуутала. Барыта 10-тан тахса сыл устата дьарыктанан сылабаардары, подсвечниктары, броштары, харчыны муспут. Оникс таастан дьаабылыкаларга киһи хараҕа хатанар. Холку, сэмэй көрүҥнээх Туйара Альбертовна кэпсээнэ интэриэһинэй, истэ олоруохха сөп. Октябрина Шлютгауэр, үлэ бэтэрээнэ. Кини кэллиэксийэтигэр тыһыынчанан значоктар, Сталин мэтириэтиттэн саҕалаан сэбиэскэй кэминээҕи открыткалар, 70-ча подстаканниктар, үүт кутар иһиттэр, вазалар бааллар. Октябрина Дмитриевна кыра сиэнин көрөрүттэн быыс булан кэллиэксийэтинэн дьарыктаннаҕына чэпчиир, сынньанар үгэстээх. Светлана Прудецкая – үлэ бэтэрээнэ, Бороҕоҥҥо нэһилиэнньэни олох-дьаһах өҥөтүнэн хааччыйар тэрилтэҕэ иистэнньэҥинэн үлэлээбитэ. Билигин да дьарыгын бырахпат, иистэнэ, айа-тута олорор. Светлана Иннокентьевна кэллиэксийэтэ сэбиэскэй кэми санатар, ол кэминээҕи курууска арааһа, кыра чааскылар, 50-с сыллартан саҕалаан оҕо кинигэлэрэ, оонньуурдара, идэтинэн муспут сүүтүк, тимэх, сап эгэлгэтэ. Чахчы да актыыбынай олохтоох киһи буоларын кэллиэксийэтэ туоһулуур. Алтыс кыттааччы эмиэ Бороҕону кытта ыкса сибээстээх. Мүрү орто оскуолатын 1974 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбит Люда Алексеева, билигин Людмила Степановна Саввина. Быраас идэлээх Людмила Степановна Хатаска балыыһа сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ. РФ доруобуйа харыстабылын туйгуна, СӨ үтүөлээх бырааһа. Талааннаах киһи хайдах да бүгэн хаалбат. Сынньалаҥҥа тахсан баран саха төрүт ииһинэн дьарыктанар, норуот маастара ааты ылбыта. Ат толору симэҕин, сахалыы соннору тигэр, туостан иһиттэри оҥорор. Кэллиэксийэтигэр 300-тэн тахса сүүтүк, 90-ча кыптыый баар. Нуучча классик суруйааччыларын, дойду бэрэсидьиэнин мэтириэттээх сүүтүктэри сэргии көрдүм. Хатас сэлиэнньэтин маннык дьикти дьарыктаах кэллиэксийэньиэрдэрин түмсүүтүн бибилэтиэкэ үлэһитэ Мария Никифорова салайар. Быйылгы сылга түмсүү 5 сылын бэлиэтиэҕэ.
Тэрээһиҥҥэ кэлэн кыттыбыт, көрбүт-истибит дьонтон СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, худуоһунньук Федот Макаров, пед. үлэ бэтэрээнэ Николай Корнилов, Мүрү орто оскуолатын 1976 сыллаахха үөрэнэн бүтэрбит биологическай наука хандьыдаата Варвара Федорова (Алексеева) бэйэлэригэр болҕомтону тута тардаллар. Варвара Степановна куораттан өттүк харалаах кэлбит. Саҥа бэчээттэнэн тахсыбыт «Сундуринские Кисиляхи кряжа «Суор уйата», «Абыйские Кисиляхи хребта «Улахан сис» уонна 2023 сылга күн сирин көрбүт «Күн сибэккитэ ньургуһун» кинигэлэрин илдьэ кэлбит. Варвара Степановна ньургуһун туһунан бу төрдүс кинигэтэ. Саха сиригэр ньургуһуну кини курдук чинчийбит, үөрэппит киһи суоҕа буолуо. Кинигэлэрин сүнньүнэн үлэтин билиһиннэриитэ ураты сэҥээриини ылла. Биир дойдулаахпыт научнай үлэтин, дьикти дьарыгын астына, биһирии, киэн тутта иһиттибит.
Ити курдук Хатас дьоһун дьонун, тэрээһин кыттыылаахтарын туһунан аҕыйах тылынан сэгэтэн аастаҕым буоллун. Аны сайын Суоттуга көрсүһүөххэ диэри диэн санаалаах айан суолун туттубут.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.