Хаһыакка тугу сөбүлээн ааҕаҕын?

 Хаһыаппыт «Бассабыыктыы тэрийээччи» аатынан аан маҥнай 1935 сыл муус устар 4 күнүгэр тахсыбыта. Ол күнтэн үйэ кэриҥин уҥуор­даан күн бүгүҥҥэ диэри хаһыаппыт эрэллээх ааҕааччыларынан киэн туттабыт. Кинилэр дьиҥ-чахчы патриот санаалаах дьоммут буолаллар. Хаһыат эрэллээх доҕотторуттан хаһыаппытыгар өссө тугу ааҕыахтарын баҕаралларын туһунан тус санааларын иһиттибит. 

Саргылаана Николаевна ПЕТУХОВА, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо:

«Ленинскэй тэрийээччи» эрдэхтэн сурутан ааҕабыт. Ийэм Кыыма Николаевна Окоемова 93 саас­таах, билигин да хаһыатым тахсар күнэ диэн чопчу билэр, кэтэһэр. Хаһыакка барытын сэргээн ааҕабыт. Улууска туох буола турара, кыһалҕата, үөрүүтэ барыта тахсар. Урут улууспут суруйар дьонун кэпсээннэрэ тахсар этэ, ону суохтаатыбыт. Холобур, Иннокентий Сыроватскай – Дүөндүн, Татьяна Находкина, Ульяна Бурнашева – Уйана айымньыларын кэрэхсээн ааҕааччыбыт. Оҕолорго «Үрүйэчээн» хаһыат тахсар буолбутун олус сэргээтибит. Улахан сиэммэр Даринаҕа биэрэн аахтарабын. Онон улууспут хаһыата хайа да көлүөнэни толору хабар, кэтэһэн ааҕабыт.

Николай Адамович НИКОЛАЕВ, Баатаҕай нэһилиэ­гин олохтооҕо: 

– Улууспут хаһыатын сыл аайы көтүппэккэ суруйтарабыт. Хаһыат кэлэрин күүтэбин. Үөрэх, култуура, спорт, тыа хаһаайыстыбатын үлэтин, биллиилээх, интэриэ­һи­нэй дьарыктаах дьон туһунан ордорон ааҕабын. Улууска үлэлиир, үлэлээбит дьон үлэлэрин, уопуттарын, ситиһиилэрин сырдатар үбүлүөйдээх дьоҥҥо анаан балаһа наада дии саныыбын уонна инникитин, нэһилиэктэринэн ситиһиилээх дьиэ кэргэттэри сырдатыахха баар этэ.

Альбина Семеновна Дягилева, Лөгөй нэһилиэгин, Хомустаах бөһүөлэгин олохтооҕо:

– Улуус хаһыатын уруккуттан суруйтаран ааҕабын. Хаһыат балаһатын барытын көрөбүн, ин­тэриэһинэй дьон туһунан, улуус­путугар буолбут арааһынай кү­рэхтэһиилэри уо.д.а. сөбүлээн ааҕабын. Хаһыат үлэлээбэт, дьиэҕэ олорор дьоҥҥо ордук кэтэһиилээх дии саныыбын, улууспутугар буолбут үчүгэй сонуннары ааҕабыт.

Светлана Ивановна РОЖИНА, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо:

– Хаһыаты 1990 сылтан суруйтаран ааҕабын. Ордук сөбүлээн улууспут сонуннарын, сүбэлэри, үбүлүөйдэри, «Санаа ситимин» ааҕабын. Хаһыаттан буола турар түгэннэри, сибиэһэй, кырдьыктаах сонуннары билэ олорорго табыгас­таах. Нэһилиэк, улуус сонуннарын, араа­һынай сүбэлэри-амалары өссө күүскэ таһаара туруҥ! Уонна эмчиттэр сүбэлэрэ диэн рубрика баара буоллар диэн баҕарабын. Тапталлаах хаһыаппыт төрөөбүт күнүнэн, бары үлэлээн ааспыт үлэһиттэри уонна билигин айа-тута үлэлии-хамсыы сылдьар кэлэктииби эҕэрдэлиибин. Өссө үрдүк ситиһии­лэри дабайа туруҥ!

 

Мария Аргунова