Общественнай сүөһү быйылгы кыстыга олус кытаанах буолуохтааҕа былырыын эрдэттэн биллибитэ. Ол иһин Маяктааҕы отделениетын, народнай депутаттар Хоро нэһилиэгинээҕи Советын исполкомун салайааччылара, олохтоох партийнай, комсомольскай тэрилтэлэр от хомуура саҕаланыаҕыттан ыла элбэх түбүгү көрсүбүттэрэ.
«Эрчим» ферма старшайа, ыанньыксыт, депутат О. И. Крылова
Бүгүҥҥүнү быһаарбыт түбүктэр
Билигин кыстык алта ыйын түмүгүнэн сыаналаатахх ол кэмнээҕи сүбэ үөһэ сүбэ, мунньах үөһэ мунньах сүпсүлгэнэ, сүүрүү-көтүү, кэлии-барыы таах хаалбатах эбит диэн биир уопсай түмүккэ кэлэҕин. Итини биригээдэлэр киэҥ-куоҥ кыбыыларыгар бэрт элбэх кэбиһиилээх оттор кырыы-кырыыларынан кэчигирээн тураллара, соҕотуопкаламмыт дулҕа, таһыллыбыт комбикорм бөлөх-бөлөх өрөһөлүү кыстаммыттара итэҕэтиилээхтик кэрэһэлиир. Кыбыыларга ыһыллыы-тоҕуллуу суоҕа, туох барыта орун оннугар хоп-дьип курдук, хотоннор тастара ыраастара “ыал хайдаҕа тусаһатыттан көстөр” диэн муударай этиини саната түһэр.
Хотоннор истэрэ биир оннук. Ыраастар, кураанахтар. Саҥа уонна саҥатык өттүлэрэ киэҥ, сырдык түннүктээх, эргэлэр — электричество уоттаах буоланнар, сүөһүлэр бары орто, ортону үрдүнэн туруктаахтарын дэбигис быһаара охсоҕун. Үһүс суортаах сүөһү аҕыйах.
Чараҥ биригээдэтин фуражира Е. Е. Макеев
Отделениены урут манна, колхоз эрдэххэ кылаабынай зоотехнигынан, председатели солбуйааччынан сэттэ сыл үлэлээбит, нэһилиэк Советын депутата, коммунист П.П.Алексеев салайбыта бэһис сыла. Управляющай быһыытынан ааҕан-суоттаан былааннаахтык үлэлиир, специалистары уонна рабочайдары сатаан түмэр-тэрийэр, отделение иннигэр тирээбит ханнык баҕарар ыарахан боппуруостары бэриэт көрөн, сүүрэн-көтөн, булан-талан, совхоз дириекциятыгар сигэммэккэ ситиһиилээхтик быһаарар үтүө салайааччы. Майаҕаска сүөһү иитиитин быһаччы салайар биригэдьииринэн Совет депутата, зоотехник Е.Д.Орлова, Чараҥҥа старшай биригэдьииринэн Совет тыа хаһаайыстыбатыгар бастайааннай комиссиятын председателэ, үрдүк үөрэхтээх зоотехник Д.В.Николаева дьон-сэргэ астынар гына кыһамньылаахтык үлэлиир. Нэһилиэк Советын исполкомун председателинэн урут комсомольскай, партийнай үлэлэргэ уһуннук үлэлээбит, тэрийэр, салайар үлэҕэ улахан дьоҕурдаах, нэһилиэнньэ ытыктабылынан туһанар Я.Я.Егоров үлэлээбитэ аны сайын бэс ыйыгар түөрт сылын туолар.
Отделение, нэһилиэк салайааччылара дьону түмэн ааспыт сайын аһыҥаны утары охсуһууга 100 гектар ходуһаҕа ууну таһаарар үлэни тэрээһиннээхтик ыыппыттара уонна миэстэҕэ төһө от оттонуохтааҕын ааҕынан көрөн баран оройуон тас өттүгэр тиийэ оттооһуну быһаччы тэрийбиттэрэ. Онон Нам Салбаҥар 170 тонна, “Горнай” совхоз миэстэтигэр 87 тонна уонна Геөрой Егоров аатынан совхоз бэйэтин үрэҕэр Халымаҕа 100 тонна от бэлэмнэммитэ. Манна ордук С.С.Бурцев уонна Н.Д.Аргунов звенолара улахан өҥөлөөхтөр. Ити курдук нэһилиэк Советын салалтатыгар киирэр тэрилтэлэр үлэһиттэрэ эмиэ кырата суох көмөнү оҥорбуттара. И.И.Готовцев салайар звенота 17 тонна, Г.Е.Ермолаев салайар звенота 15 тонна хомуһу ороон туттарбыттара. Итинэн отделение оттооһун былаанын 70 бырыһыан толорбута.
Эбии аһылыгы соҕотуопкалаакһыҥҥа Чараҥ уонна Майаҕас оскуолаларын үөрэнээччилэрэ активнайдык кыттыбыттара, 200-тэн тахса килограмм лабыктаны бэлэмнээбиттэрэ..
Биригээдэлэр истэринэн сайын хотоннору өрөмүөннээһиҥҥэ тэттик звенолар үлэлээбиттэрэ. Олортон И.П.Макеев, К.Н.Бурнашев, Е.Н.Тролуков курдук пенсионердар үтүө суобастаах үлэлээннэр, хотоннор үчүгэй хаачыстыбалаахтык өрөмүөннэммиттэрэ общественнай сүөһү күһүҥҥү хахсаахха ылларбакка кэмигэр хотоҥҥо киллэрэр ситиһиллибитэ.
Кыстыкка кыттыбатах суох
Кыстыкка киириигэ биирдии хотоннорунан старшайдар анаммыттара, депутаатскай постар тэриллибиттэрэ, эппиэттээх дьоннор сыһыарыллыбыттара. Холобур, Майаҕас биригээдэтигэр ааспыт күһүн сабыс саҥа үлэҕэ киллэриллибит типовой хотоҥҥо старшай биригэдьиир А.А.Ушницкай, ветеринарнай фельдшер А.В.Сивцева уонна лаборант М.Е.Захарова сыһыарылланнар, ый ахсын 2-3 төгүл рейдэлэри оҥорон от ороскуотун, сүөһү туругун бэрэбиэркэлииллэр, үүт хаачыстыбатын анализтыыллар. Оттон депутатскай пост салайааччылара, ол иһигэр А.В.Ушницкая, О.И.Крылова, Д.Д.Курилкин, Е.И.Ховрова салайааччы, старшай, наставуник да быһыытынан улахан авторитетынан туһаналлар, баар күчүмэҕэйдэри салалтаҕа, специалистарга туруорсан туоратары ситиһэллэр.
Суоппар Е. И. Копырин
Быйыл кыһын тэрилтэлэргэ 160 тонна дулҕа, 4000 устуука брикеты бэлэмнииргэ, 37 килограмм уҥуох күлүн хомуйарга тириэрдиллибит сорудаҕы толорууга ордук үчүгэйдик Чараҥ оскуолатын коллектива (директор нэһилиэк Советын депутата И.А.Алексеев) үлэлэстэ. Оскуола коллектива быйыл саас хотоннор үрдүлэрин хаарын түһэрэннэр, эмиэ кырата суох көмөнү оҥордулар.
Кырдьаҕастар кыстыкка көмөлөрө быйыл хаһааҥҥытааҕар да ордук күүһүрдэ. Холобур, 80-ча саастаах В.К.Иванов оҕонньор 300 күрдьэҕи, 40 устуука талах олоппоһу, 50 сиппиири, 40 сыарҕаны, 15 бурҕалдьыны оҥорон отделение биригээдэлэригэр уонна Танда отделениетааҕы Тиит Арыы биригээдэтигэр туттартаата.
Быйылгы кыстыкка эбии аһылыгы бэлэмнээһин, сүөһүгэ сиэтии үчүгэйдик тэрилиннэ Көөнньөрбө оҥорооччуларынан П.В.Бурце, Н.А.Крылов, кочегардарынан пенсионердар Г.Д.Стручков, К.Н.Бурнашев, Т.Н.Бурцев курдук бастыҥ дьоннор ананан үлэлииллэр. Кинилэр көмөлөрүнэн биирдии сүөһүгэ ортотунан күн ахсын 30-35 килограмм эбии аһылык бэриллэр. Ону таһынан ыанньыксыттар биирдии бэйэлэрэ 6-лыы центнергэ тиийэ эбии аһылыгы оҥороллор. Холбур, Майаҕаска “Эрчим” ферма старшайа, депутат О.Н.Крылова күн ахсын хас биирдии ынахха 70-80 килограмм көөнньөрбөнү оҥорон эбии аһатар. Ол иһин ынахтара бука бары күһүҥҥү байтаһын курдуктар 16 ынаҕыттан 5 ынаҕа төрөөн 6 ньирэйи ылла. Кыстык саҕаланыаҕыттан ыла биирдии ынаҕыттан 425,6 килограмм үүтү,ол иһигэр кэлин үс ыйга 185,7 килограмы ыата. Кини салайар ферматын 9 ыанньыксыттара отделение үрдүнэн саамай үрдүк көрдөрүүлэннилэр.
Уу баһааччынан “водовоз” массыынаҕа уопуттаах механизатор Г.Г.Петров үлэлиир. 1978 сыл түмүгүнэн оройуоҥҥа иккис миэстэҕэ тиксэн “дружба” эрбии фондатынан бириэмийэлэммитэ. Кини билигин отделение балтараа тыһыынча ынах сүөһүтүн, бары котельнайдарын уунан хааччыйан олорор.
Икки биригээдэҕэ фуражирдар П.М.Копырин, Е.Е.Макеев эмиэ бастыҥ үлэһиттэр. Кинилэр оту күн ахсын ыйааһын хараҕынан ороскуоттууллар.
“Кыстык кытаанахтарын кыайар туһугар дьон үлэҕэ турунуутун биир үтүө холобурун быһыытынан ыраах сиртэн оту таһыыны бэлиэтиэххэ сөп”, — диир Совет исполкомун председателэ Я.Я.Егоров. “Биир бириэмэҕэ, — диир итинтэн салҕаан кини, — Салбаҥҥа 9 тракторы ыытарга быһаарсыы буолбутун кэннэ отделение механизатордара бэйэлэрэ тэринэн, сыарҕа араас тэриллэрин оҥостон, 11 тракторынан баран от бөҕөнү аҕалан турардаахтар. Итиниэхэ орденнаах тракторист С.С.Бурцев өҥөтүн ылбат буолар сатаммат. Ити курдук тратористар В.Платонов, ыччат Толя Крылов, депутат В.Слепцов, ЫБСЛКС чилиэннэрэ В.Аммосов уонна В.Бурцев оту таһыыга олус кыһанан-мүһэнэн үлэлээбиттэрин астынан туран бэлиэтиибит. Итинник кыһамньылаах үлэ түмүгэр ыраах сиртэн оту таһыы кулун тутар бүтэһик декадатын ортотун диэки түмүктэннэ.
Күөххэ үктэниигэ эрэл
Үлэҕэ итинник үчүгэй тэрээһин, өй-санаа түмүллүүтэ, биллэр-көстөр түмүктэрдээх буолла. Ааспыт сыл бастакы кварталыгар отделение үрдүнэн 21 ынах сүөһү, 12 сылгы көнньүнэн өлбүт буоллаҕына, быйыл ити кэмҥэ өлүү 4 ынах сүөһүнэн, 4 сылгынан аҕыйаата, уонна саамай кылаабынайа, былырыын бу кэмҥэ үһүс суортаах 116 ынах сүөһү, төрдүс суортаах 14 сүөһү баар эбит буоллаҕына, билигин отделение үрдүнэн үһүс суортаах 11 сүөһү эрэ баар. Уоннаҕылар бука бары орто, ортону үрдүнэн туруктаахтар.
Отделение үрдүнэн аспыт сыл үс бастакы ыйыгар 219 ынах төрөөбүт буоллаҕына, быйыл 176 ынах төрөөбүт. Ол үрдүнэн үүт ыама былырыыҥҥы таһымтан соччо итэҕэһэ суох. Кыстык алта ыйыгар хас биирдии фуражнай ынахтан 323 килограмм үүт ыанна.
Бороон көрөөччүлэр көрдөрүүлэлэрэ эмиэ куһаҕана суох. Ааспыт алта ыйга хас биирдии бороон төлөһүйүүтэ 67 килограмҥа тэҥнэстэ. Майаҕас биригээдэтигэр 233 борооску орто эбиллиитэ 77,7 килограмҥа тиийдэ. Ити иһигэр Д.Д.Курилкин старшайдаах ЫБСЛКС 60 сылын аатынан үс киһилээх звено көрөр 118 бороонноро 80,6 килограмм, пенсионерка В.П.Стручкова туппут 21 куһаҕан туруктаах бороонноро ортотунан 77,7 килограмм эбиллиини биэрдилэр.
“От уонна эби аһылык саппаһа балачча баар. Ыам ыйын 25 күнүгэр диэри сүөһүнү билиҥҥи аһата турар нуормабытынан аһатар кыахтахпыт”, — дэһэллэр салайаччылар.
Онон мантан саас сүөһүнү энчирэппэккэ күөх сири булларан, кыстык устата биирдии фуражнай ынахтан 680 килограмм үүтү ыырга уонна бороон тыыннаах ыйааһынын 75 килограмм эбэри ситиһэргэ ылыммыт эбэһээтилистибэбитин толоруохпутун сөп диэн салайааччылар эрэ буолбакка, сүөһү иитиитин үлэһиттэрэ эмиэ этэллэр. Ити курдук бастыҥ үлэһиттэрдээх “Маяк” отделениета күлэ-үөрэ күөххэ үктэннэҕэ.
П.АММОСОВ, биһиги анал корр. “Ленинскэй тэрийээччи” хаһыат 1979 сыл муус устар 14 күнүнээҕи нүөмэриттэн