Ааспыт үйэ саҥатыгар Россияҕа киһи аймах историятыгар буола илик улуу революция – Октябрьскай социалистическай революция кыайыытын түмүгэр сэбиэскэй былаас олохтоммута. Урукку өттүгэр Иркутскай генерал-губернатор көрүүтүн иһинэн олорбут Саха сирэ автономнай өрөспүүбүлүкэ буолбута, государственнай былаас институтун тэриммитэ.
Революция былааҕын анныгар мустубут дьон ортотугар биирдойдулаахпыт Гаврил Васильевич Егоров баара. Кини – дьон кыаммат уонна баай диэҥҥэ хайдыа суохтаах, үлэһит батталга сылдьыа суохтаах, аҕыйах ахсааннаах омук атаҕастаныа суохтаах, үөрэххэ-сырдыкка тардыһыыны ким да, туох да мэһэйдиэ суохтаах диэн революция ыҥырыыларын өйүнэн-сүрэҕинэн ылыммыта, ол туһугар кыаҕа тиийэринэн, хайдах сатыырынан турууласпыта. Эдэр эрдэҕиттэн эрэйгэ эриллибит, батталы-атаҕастабылы билбит киһи бэйэтин курдук кыра-хара дьон бу саҥа былааһы тутустаҕына үтүө олоххо тиийиэхтээҕин итэҕэйбитэ. Олоҕо да оннук буолбута. Бастаан саҥа олоҕу утарсааччылары утары охсуспута, онтон бар дьон үөрэхтээх-билиилээх буоларын туһугар кыһаллыбыта.
Кыһыл сэрииһит, онтон культурнай революция буойуна Г.В. Егоров аата өссө тыыннааҕар номоххо киирбитэ. Кини хоодуот сырыылара, тас көрүҥэ, таҥна, тутта-хапта сылдьара, тыла-өһө барыта харахха быраҕыллара, бэлиэ-ураты буолара, саҥа олох инники кэскилигэр бүк эрэниитэ дьону кынаттыыра. Г.В. Егоров Улуу революция уһугуннарбыт, ыҥырбыт, күүс-кыах биэрбит киһитэ этэ.
Ааспыт кэм устатыгар элбэх уларыйыы таҕыста. Ол гынан баран Г.В. Егоров – Бартыһаан Дьүгүөрэп саха омук историятыгар өтөр-наар умнуллубат дьылҕаламмыт киһи. Кини туһунан өйдөбүлү дьон-сэргэ номох оҥостон илдьэ сылдьыаҕа… («Номох буолбут олох» А.Н. Жирков.)
Г.В. Егоров Тандаҕа оскуола дьиэлэрин туттарарын тус бэйэлэрэ көрбүт, онно үөрэммит, интернат дьиэтигэр олорбут РСФСР уонна САССР оскуолаларын үтүөлээх учуутала, САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Танда музейын төрүттээччи Иван Павлович Готовцев уонна ССРС журналистарын Союһун чилиэнэ Константин Александрович Гражданскай сэрии Геройа Г.В. Егоров олоҕун уонна үлэтин билиһиннэрэр «Партизан Егоров» диэн брошюраны 1960 с. Саха сиринээҕи кинигэ издательствотыгар бэчээттэтэн таһаарбыттара. Онно маннык суруллар:
“… Г. Егоров 1879 сыллаахха муус устар 21 күнүгэр Байаҕантай улууһун I Байаҕантай нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Аҕата Василий Иванович нэһилиэк кырыытыгар олохтоох, саллар сааһыгар үрүҥ хараҕын өрө көрбөтөх киһи этэ. Кини үтүө сааһын олохтоох баайдарга хамнаска, бэдэрээккэ үлэлээн бараабыта. Гавриил Егоров уон алта саастааҕар аҕата өлөн, үс кыра бырааттарын кытта ийэтинээн тулаайах хаалбыта.
Онон Г. Егоров кыра эрдэҕиттэн быстар дьадаҥы ыал оҕотун быһыытынан оччотооҕу ыар олох эрэйин-кыһалҕатын этинэн-хаанынан билэн, саннынан сүгэн улааппыта.
Гражданскай сэрии кэмигэр Саха сирин историятыгар киирбит Амматааҕы сэриилэһиигэ Г. Егоров холобура суох хорсун быһыыны көрдөрбүтүн иһин 1925 сыллаахха Бүтүн Россиятааҕы рабочайдар, бааһынайдар, казактар уонна кыһыл армеецтар депутаттарын Советын Киин Ситэриилээх Комитета Гавриил Васильевич Егоровы Бойобуой Кыһыл Знамя орденынан наҕараадалаабыта.
Г.В. Егоров үрдүкү правительственнай наҕарааданы ыларыгар: “Миигин Кыһыл Знамя орденынан наҕараадалааһын революция өстөөхтөрүн утары сэриигэ эрэ инники иһээччинэн буолбакка, ону ааһан социалистическай тутуу быһаарыылаах учаастактарыгар эмиэ инники иһээччинэн буоларга эбээһинэстиирин өйдүүбүн”, – диэн харда тылы эппитэ. Кини бу эппит тылын олоҕун тиһэх күннэригэр диэри үрдүк чиэстээхтик, норуокка киэҥник биллэр-көстөр гына толорбута. Ол курдук эйэлээх олоҕу тутуу сылларыгар Г. Егоров саҥа олоҕу активнай тутааччылартан биирдэстэринэн буолбута. Бу сылларга кини саха норуотугар культура сайдарын, үөрэх-билии тарҕанарын,дьон-сэргэ олоҕо-дьаһаҕа тупсарын туһугар күүһүн-күдэҕин бүтүннүү биэрбитэ”.
Итинтэн салгыы Г.В. Егоров 1923 сыллаахха саас I Байаҕантайга тахсыбыта диэн суруллар. Тахсаат, нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын кытта сиһилии билсибит. Ол саҕана дьон олоҕо олус күчүмэҕэй, ыарахан этэ. Сэрии сылларыгар нэһилиэк хаһаайыстыбата улаханнык айгыраабыта. Нэһилиэккэ ыһыллар сир кээмэйэ сэрии иннинээҕи кэмтэн аҥарын кэриҥинэн көҕүрээбитэ. Нэһилиэнньэ ыһарыгар сиэмэ буолар бурдуга эмиэ суоҕа. В.Г. Андросов туттаран испит Танда оскуолатын саҥа дьиэтэ үрдэ эрэ сабыллан баран үлэтэ тохтоон хаалбыта.
Итинник кытаанах балаһыанньаттан тахсарга Г.В. Егоров сөптөөх быһаарыныыны ылыммыта. Туох-ханнык иннинэ сааскы ыһыы сиэмэтин хантан эрэ булар наада этэ. Онон кини 1923 с. муус устар 10 күнүгэр I Байаҕантай нэһилиэгин уопсай мунньаҕар ыһар сиэмэни булууну уонна ыһар сири кэҥэтэр туһунан боппуруоһу дьүүлгэ туруорбута. Онно кини этиитин нэһилиэнньэ олус астыммыта, ылыммыта. Мунньах нэһилиэк олохтоохторун аатыттан ити саас нэһилиэк үрдүнэн ыһыллыахтаах 587 буут нэчимиэн сиэмэни сууда быһыытынан көрдөһөргө уонна ити туһунан куоракка киирэн үрдүкү тэрилтэлэри кытта кэпсэтиһэргэ таб. Г.В. Егоровы аныырга уураах таһаарбыта. Государство нэһилиэнньэ көрдөһүүтүн ылыммыта, сууданы биэрбитэ. Онон кини оччотооҕуга дьон олоҕор биир ураты наадалаах, кинилэр тыын боппуруостарын быһаарыыны суһаллык уонна ситиһиилээхтик толорбута.
Итинтэн салгыы кини уобаластааҕы тэрилтэлэр сорудахтарынан улуустарга, нэһилиэктэргэ араас хаһаайыстыбаннай-политическай суолталаах боппуруостары олоххо киллэриигэ сыстан үлэлэспитинэн барбыта.
1926 с. ыла Г. Егоров бэйэтин улууһугар “Ыраас олох” обществотын тэрийэр үлэни киэҥник ыыппыта.
I Байаҕантай нэһилиэгэр “Ыраас олох” обществота 1927 сыллаахха тэриллибитэ. Общество председателинэн Г.В. Егоров талыллыбыта. Кини бу үлэни сүһүөҕэр туруоран ыытарыгар улахан кыахтар бааллара. Олортон саамай улахан тирэҕинэн бу нэһилиэккэ аан бастаан эмп пуунун аһыллыыта буолбута. Манна фельдшеринэн Якутскайдааҕы эмп техникумун бүтэрэн тахсыбыт Л.Г. Андросов үлэлээбитэ. Кинилэр күүстэрин холбоон биллэр-көстөр үлэни ыыппыттара. Нэһилиэктээҕи “Ыраас олох” обществотын чилиэнин ахсаана улам үүнэн 123 киһиэхэ тиийбитэ.
“Ыраас олох” обществота нэһилиэк олох-дьаһах өттүнэн культурата сайдыытыгар сүүнэ сабыдыалы оҥорбута. Бу общество үлэтин сүрүн түмүгүнэн оччотооҕуга биирдиилээн олорор ыаллар дьиэттэн хотону араарыыга маассабайдык киирбиттэрэ, дьиэни-уоту ыраастык туталларыгар сөптөөх усулуобуйаны үөскэппиттэрэ буолар.
Ити таһынан кинилэр үгүс ыалы былакааттарынан, хартыыналарынан хааччыйаллара. Оччотооҕуга “Куһаҕан Кууһума”, “Ыраас олох” диэн хартыыналар балачча дэлэйэ сылдьыбыттара. Бу саҥа былаас биэрбит көҥүлүнэн нэһилиэнньэ ыраас чэгиэн-чэбдик олоххо тиийэрин, эргэ сигили, туттуу-хаптыы дөбөҥнүк сүтэн-өһөн иһиэхтээҕин көрдөрөр суолталааҕа. Таб. Егоров итинник ньымалары туһанан уонна олоххо-дьаһахха өтөн киирэр быһаччы дьаһаллары олохтооһунунан, нэһилиэнньэ ортотугар ыраас олох иһин дьиҥнээх пропаганданы, өйдөтүүнү ыытыспыта.
Кини төрөөбүт нэһилиэгэр урут тутуллан иһэн сэриигэ мэһэйдэтэн бүппэтэх Танда сэттэ кылаастаах оскуолатын дьиэтин тутуутун ситэрэр үлэни нэһилиэнньэ ортотугар киэҥник ыыппыта. 1929-1930 сс. үөрэх дьылын саҕаланыытыгар анаммыт миитиҥҥэ олохтоохтор оскуолаҕа Я.М. Свердлов аатын иҥэрэр туһунан Саха АССР Киин Ситэриилээх Комитетыгар көрдөһүү киллэрэргэ Г. Егоров этиитин бука бары истиҥник сөбүлээбиттэрэ.
1929 сыллаахха Г. Егоров Саха АССР КСК алтыс ыҥырыылаах иккис сессиятыгар делегатынан сылдьыбыта. Онно Танда оскуолатын тутуута бүтэриллибитин уонна үөрэх аһыллыбытын туһунан арааппардаабыта. Ону кытта оскуолаҕа Я.М. Свердлов аатын иҥэрэргэ нэһилиэнньэ көрдөһүүтүн туруорсубута.
Саха АССР Киин Ситэриилээх Комитетын уурааҕынан Танда оскуолатыгар ити кэмтэн ыла Коммунистическай партия уонна Советскай государство уһулуччулаах деятелэ Яков Михайлович Свердлов аата иҥэриллибитэ.
Бу оскуола Г.В. Егоров көҕүлээһининэн Москватааҕы Свердлов аатынан Коммунистическай университеты кытта суругунан сибээстэһэр буолбута. Оскуола өттүттэн төһө оҕо үөрэнэрин, оскуолаҕа пионерскай тэрилтэ уонна комсомольскай ячейка тэриллиилэрин уонна кинилэр үлэлэрин, оскуола үөрэнээччилэрин артыал үлэтигэр кыттыыларын уо.д.а. тустарынан суруйаллара.
Гражданскай сэрии кэнниттэн Г. Егоров Саха сиригэр саҥа олоҕу сайыннарыыга бастакы хардыыларын ити курдук саҕалаабыта. 1930 сыллаахха нэһилиэккэ аан маҥнайгы колхозтары тэрийиигэ Г. Егоров уо.д.а көхтөөх кыттааччыларынан буолбуттара. Кинилэр I Байаҕантай нэһилиэгэр “Кэскил” диэн колхоһу тэрийбиттэрэ уонна онно бастакы чилиэннэринэн киирбиттэрэ.
Кини бэйэтин колхоһугар уонна Танда нэһилиэгэр тэриллибит “Табалаах” диэн тыа хаһаайыстыбатын артыалыгар дьон-сэргэ билиҥҥэ диэри өйдүү-саныы сылдьар дьоһуннаах көмөлөрүн оҥорбута. Ол курдук кини көмөлөһөн, ити артыаллар тыа хаһаайыстыбатыгар наадалаах массыыналарынан балачча хааччыллыбыттара. Кини кэнники да сылларга колхозтар наадаларыгар үгүстүк кэлэрэ-барара, колхозтаахтар көрдөһүүлэригэр көмөлөһөрө.
Г.В. Егоров эдэр ыччаты дириҥник итэҕэйэрэ, таптыыра. Тыа сирдэригэр начаалынай уонна сэттэ кылаастаах оскуолалары туттарыыга, эдэр көлүөнэ дьоллоохтук үүнэрин-сайдарын туһугар ахсаабакка үлэлээбитэ. Кини бу үлэҕэ 1930 сылтан тиһэх күнүгэр диэри бэйэтин олоҕун уонна үлэтин бүүс-бүтүннүү анаабыта. Г. Егоров бу сүҥкэн суолталаах дьыала тула тыа сирин үлэһиттэрин, норуот күүһүн түмэ тарпыта.
Оскуола наадатыгар таб. Егоров Москваҕа икки төгүл командировкаҕа бара сылдьыбыта. Төһө да нууччалыы билбэт буоллар, наадалаах боппуруостарын барытын быһаартаран кэлбитэ.
1930 сыллаахха Москваҕа сылдьан ССРС КСК Председателигэр уонна ССРС НКС председателигэр сылдьыталаабыта. Маны таһынан үөрэх народнай комиссарыгар А.С. Бубновка, кини солбуйааччытыгар Н.К. Крупскаяҕа, доруобуйа харыстабылын народнай комиссарыгар Н.А. Семашкоҕа, ЫБСЛКС Киин Комитетын бастакы секретарыгар А.В. Косаревка сирэй сылдьыталаан кэпсэтиспитэ. Ити түмүгэр Танда уонна Курбуһах оскуолаларын тутууларыгар 30 тыһ. солк. үбү эбии аныырга оҥорбут көрдөһүүтэ ылыныллыбыта, кини туруорсуута өйөммүтэ. Итини тэҥэ кини ыытар үлэтин өрөспүүбүлүкэ уонна оройуон үрдүкү тэрилтэлэрэ биһирээннэр оскуола тутуутугар, үөрэх атын наадалаах тэрилин булууга элбэх көмөнү оҥорбуттара. Г.В. Егоров культурнай армеец быһыытынан Уус Алдан, Таатта, Нам, Чурапчы, Кэбээйи оройуоннарыгар оскуолалары, эмп тэрилтэлэрин туттарыыны күүскэ уонна киэҥник ыыттарбыта.
Кини салайан ыыппыт бастакы бөдөҥ тутууларыттан биирдэстэриттэн 80 оҕоҕо анаммыт Танда оскуолатын интернатын дьиэтэ буолар. Ити дьиэ тутуута 1930 с. саҕаламмыта уонна бэрт дөбөҥнүк бүтэриллибитэ. Манна тутуу комиссиятын председателин солбуйааччынан уонна суоччутунан фельдшер Л. Андросов үлэлээбитэ. Кини Г. Егоровы кытта бииргэ тутуу чертеһун, сметатын оҥороро, араас наадаҕа сылдьыһара. Бу дьиэ бүтүн оройуон үрдүнэн интернакка анаммыт бастакы дьиэнэн буолбута. Г.В. Егоров ханнык баҕарар бөдөҥ тутууга киэҥ маасса күүһүн сатаан түмэ тартахха кыаллымтыа буоларын бэрт сөпкө өйдөөн, итини таба туһаммыта.
Г. Егоров бэйэтин тустаах кыһамньытынан оскуоланы тутуу үлэтин бастаан утаа оскуола туһатын соччо-бачча билэ илик нэһилиэнньэ ортотугар ыыппыта. Итинник сирдэргэ 1931 сыллаахха күһүҥҥүттэн ыла оскуолалар бүтэриллэн үлэҕэ киллэриллибиттэрэ. Ол курдук ити дьыл Уус Алдан оройуонугар 150 оҕо үөрэнэр Курбуһах сэттэ кылаастаах уонна Нам оройуонугар 60 оҕо үөрэнэр начаалынай оскуолалар аһыллыбыттара. Итинтэн салгыы, 1932 сыллаахха, Таатта оройуонугар Хара Алдан уонна Уус Алдан оройуонугар Бээрийэ нэһилиэктэригэр начаалынай оскуолалар аһыллан, үөрэх-иитии үлэтин аан бастаан саҕалаабыттара.
Итинтэн көстөрүн курдук, бу оскуолалар үлэҕэ киириилэрэ, чуолаан, бүттүүн начаалынай үөрэхтээһини уһук сирдэргэ кэҥэтэргэ улахан суолтаны ылбыта. Саҥа оскуолалары аһыы оччотооҕуга үөрэх үтүөтүн ситэ өйдүү да илик дьон оҕолорун үөрэххэ биэриилэригэр быһаччы көҕүлээһини, табыгастаах усулуобуйаны тэрийэрэ. Г. Егоров туттарбыт бастакы оскуолаларын туһунан правительство, нэһилиэнньэ үрдүк сыанабыла итиниэхэ буолара. Ол курдук, Бээрийэ нэһилиэгин олохтоохторо уонна начаалынай оскуолатын коллектива 1933 с. бэс ыйын 4 күнүгэр Г.В. Егоровка, кини туттарбыт оскуолатыгар үөрэх бастакы сыла ситиһиилээхтик түмүктэммитинэн сибээстээн, махтал суругу суруйбуттара.
1931 сыллаахха Советтар Бүтүн Саха сиринээҕи сэттис съезтэригэр Г.В. Егоров САССР Киин Ситэриилээх Комитетын чилиэнинэн талыллыбыта. Кини Саха АССР КСК чилиэнинэн 1935 сыллаахха диэри сылдьыбыта. Ити кэм устатыгар Г. Егоров гражданскай сэрии геройун, культурнай фронт активнай байыаһын уонна Саха правительствотын чилиэнин быһыытынан республика бары хаһаайыстыбаннай-политическай олоҕор көхтөөхтүк кыттыбыта. Кини оройуоҥҥа уонна нэһилиэккэ ыытыллар бары общественнай үлэлэргэ активнайдык ылсарын, бэйэтин иннигэр үрдүк көрдөбүлү, эппиэттээх буолууну туруорунарын оройуон салайар тэрилтэлэрэ улаханнык сыаналыыллара. Саха АССР тэриллибитэ уон сыла туолуутунан сибээстээн, Уус Алдан райсоветын ситэриилээх комитета 1932 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр Г.В. Егоровка общественнай үлэтин толору характеристикалыыр дастабырыанньаны биэрбитэ. Дастабырыанньаҕа кини хаһан уонна ханнык оскуолалары, интернаттары уо.д.а. тутуулары ыыттарбытын туһунан этиллибитэ. Уонна салгыы бу курдук суруллубута:
“…Кыһыл армеец Егоров Гавриил Васильевич, кини букатын үөрэҕэ суоҕун үрдүнэн, дьиҥ чахчы норуот үөрэҕириитин, сайдыытын дьыалатыгар бэйэтин айымньылаах инициативатын көрдөрдө… Ыйыллыбыт тутуулары толору ситиһиитэ бүүс-бүтүннүүтэ уруккута батараак, кыһыл армеец, коммунист табаарыс Егоров Гавриил Васильевич тустаах инициативатыгар, ити тула киэҥ маассаны сатаан тэрийбитигэр, бойобуой энергиятыгар, революционнай бэриниилээх буолуутугар сытар… Табаарыс Егоров ити оскуолалар тутуллууларын хааччыйыытыгар ураты күүстээх үлэни ыыппыта: Москваҕа сылдьан Саха сиригэр үбү эбии биэриилэрин ситиспитэ, оскуола тутуутун кэҥэтэн ыытыыга нэһилиэнньэ күүһүн уонна үбү-аһы сатабыллаахтык түмэ тардыбыта, культурнай революция эйэҕэс үлэһитин, коммунистическай инициатор быһыытынан нэһилиэнньэ ортотугар улахан авторитетынан туһаммыта…
Табаарыс Егоров оройуон партийнай уонна советскай тэрилтэлэрин кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир, кинилэр сорудахтарын халбаҥа суохтук толорор. Табаарыс Егоров, нэһилиэк Советыгар уонна колхозтар үлэлэригэр бары өттүнэн кыһамньылаахтык көмөлөһөн туран, бары ыытыллар хаһаайыстыбаннай-политическай хампаанньаларга активнай кыттыыны ылар.
Г.В. Егоров бэйэтэ талааннаах культурнай армеец буоларын ааһан, кини табаарыстарын уонна эдэр көлүөнэни бэйэтин үлэтин холобуругар үөрэппитэ. Табаарыс Егоров деятельноһа билигин хараҥа да маасса өйдүөн сөп гына урукку өттүгэр букатын үөрэҕэ да суох киһи культурнай фроҥҥа сатаан үлэлиэн сөптөөҕүн үлэһит маасса хараҕар ырылыччы көрдөрдө…
Саха сиригэр социалистическай тутуу эйэлээхтик сайдар кэмигэр, табаарыс Егоров культурнай революция үтүөлээх уонна тулуурдаах үлэһитинэн буолар”.
1932 сыл бэс ыйыгар Танда сэттэ кылаастаах оскуолата дэҥ туттаран умайан хаалбыта. Бу улахан хоромньу буоларын ааһан, оскуолата суох хаалыы олохтоох нэһилиэнньэни улаханнык долгуппута. Г. Егоров салалтатынан Танда сэттэ кылаастаах оскуолата хабар I Байаҕантай, Танда, I уонна II Курбуһах нэһилиэктэрин дьонун ыҥыран мунньах оҥорбута. Нэһилиэнньэ кини туруорбут боппуруоһун өйөөн, олохтоох нэһилиэктэр күүстэринэн умайбыт оскуола оннугар икки саҥа улахан оскуоланы тутарга быһаарбыта.
«… Бэс ыйын 15 күнэ, 1932 сыл. Билигин даҕаны киэҥ Танда буруонан ыһаарыланан турар. … Мунньах бэрэстээтэлэ таҥара дьиэтин алтан чуораанын лыҥкынатар. Социализм тутуутугар улахан хоромньу тахсыбытын, өстөөхтөр куорҕалыыр дьайыыларын, бүгүн манна норуот туох сыалга мустубутун туһунан Лука Георгиевич Андросов киирии тылыгар этэр.
— Дакылааттыырга тылы биэрэбин — диир Лука Георгиевич, — Гражданскай сэрии Геройугар, культармеец Гавриил Васильевич Егоровка (дохсун ытыс тыаһа хабылла түһэр). Гаврил Васильевич байыаннайдыы туттан-хаптан трибунаҕа сулбу хааман кэлэр. Кини хайдах эрэ көтөөрү олорор хотой кыыл сүдүгэр майгынныыр. Хатааһын чолбонун курдук сытыы хараҕынан ачыкы нөҥүө мунньахха мустан олорооччулары курдарыта көрбөхтүүр, байыаннай гимнастеркатыгар Бойобуой Кыһыл Знамя ордена күн уотугар ыраахтан килбэчийэн көстөр. Бэйэ бодотун тардынан турар. Өссө дьиппинирбиккэ, кытааппыкка дылы буолбут. Гимнастеркатын кэтит куругар нагаана эйэҥэлиир…
— Эһи-ээ! Оскуола умайбытыгар хомойдугут дуо?
— Хомойон бөҕө!
— Саҥа оскуола тутабыт дуо?
— Тутан бөҕө. Тутабыт-тутабыт!
— Ким утары, туттуммут баарый?
— Суо-ох! Суох!
— Бассабыыктар ылбатах кириэппэстэрэ диэн суох! Оччоҕо оскуоланы тутабыт! – Гавриил Васильевич илиитин өрө уунар. Дьон бары сүһүөхтэригэр туран ытыстарын таһыналлар…»(Бартыһаан Дьөгүөрэп, Н.С. Колодезников).
Ити кэнниттэн сотору саҥа оскуолалар тутуулара иккиэн тэҥҥэ саҕаламмыттара. Тутуу үлэтэ, элбэх күүһү-кыаҕы хамнатан, түргэн тэтиминэн барбыта. Г.В. Егоров тутуу комиссиятын үлэтин бэйэтэ быһаччы салайан ыыппыта. Комиссия састаабыгар улахан эрэллээх, бу үлэни ыытарга дьулуурдаах табаарыстары бэйэтэ сүүмэрдээн киллэртээбитэ. Ол иһигэр кэнники Ленин орденынан наҕараадаламмыт, РСФСР үтүөлээх учуутала, пенсионер, оччотооҕута Танда оскуолатыгар учууталынан үлэлиир Г.Д. Кычкин киллэриллибитэ. Кини оскуола үбүн-аһын тутарын, дьаһайарын сэргэ таб. Егоровка үлэни былааннаан тэрийиигэ, кини дьыалатын, суругун-бичигин оҥорууга улахан көмөнү оҥорбута. Тутуу маастарынан олохтоох колхоз маһын ууһа Н.Ф. Заболоцкай үлэлээбитэ.
Үлэни ити курдук тэрийии, салайыы түмүгэр уонна Г. Егоров суһаллык онно-манна кэлэн-баран, наадалааҕы барытын тута булан-талан иһэриттэн, харчытыттан тутууга, үлэлиир дьон аһылыгар, кирпииччэтиттэн түннүгүн тааһыгар тиийэ кыһанан-мүһэнэн бэлэмнээн иһэриттэн оскуола тутуута уһаабатаҕа. 1933 сыллаахха сэтинньи 7 күнүгэр оскуолалар иккиэн тэҥҥэ бүппүттэр. Олохтоох нэһилиэктэр үлэһиттэрэ, колхозтаахтара Улуу Октябрь 16 сылын саҥа оскуола аһыллыытын кытта бииргэ холбуу бырааһынньыктаан үөрүүлээхтик атаарбыттара.
Маны таһынан, Г. Егоров Тандаҕа учууталлар олорор уопсай дьиэлэрин, баанньыгы, Курбуһахха оҕолор олорор уопсай дьиэлэрин уонна Чурапчыга Бахсы нэһилиэгэр 5 куойкалаах эмп пуунун туттартаабыта.
Г.В. Егоров бэйэтэ туттарбыт оскуолаларын кытта ыкса сибээһи тутуһара. Бу оскуолаларга араас үөрэх тээбириннэрин, портреттары, мастерскойдары, уһанар тэриллэри уо.д.а. куораттан уонна соҕуруу сылдьан булан ыытара. Кини үгүстүк олоро уонна үлэлии сылдьыбытынан Танда сэттэ кылаастаах оскуолатын бары үлэтигэр-хамнаһыгар, оҕолор үөрэхтэригэр дьиҥнээхтик иҥэн-тоҥон кыһаллара.
Ол туһунан Георгий Прокопьевич Башарин “Хотугу сулус” сурунаалга бэчээттэппит «Биир көрсүһүү» диэн ахтыытыгар бэрт итэҕэтиилээхтик суруйбутуттан быһа тардан билиһиннэрэбит.
«1932 сыл сааһа. Мин оччотооҕуга Якутскайдааҕы учуутал техникумугар үөрэнэ сылдьарым. Үөрэнэр группапар комсорг этим. Арай биирдэ группам дьыалатыгар техникум директорыгар М.А. Жегусоваҕа киирэн олордохпуна, политэкономия учуутала Н.С. Андросовы кытта биир аҕамсыйа барбыт, аҥар харахтаах, сирэйигэр оспут баас оруннаах, байыаннай гимнастеркалаах киһи киирэн кэллэ. … Н.С. Андросов: «Краснознаменец Гавриил Васильевич Егоров»,—диэн аргыһын директоры кытта билсиһиннэрдэ.
– Биһиэхэ Тандаҕа, — диэн «краснознаменец» муҥатыйбыт быһыынан оргууй аҕай кэпсии олордо, – оскуолабытын кытарар былдьаата. Оҕолор үөрэнэр кинигэлэрин, тэтэрээттэрин, харандаастарын, кумааҕыны сотор эрэсиинэлэрин – туох баар наадалаах тэриллэрин барытын уот сиэн кэбистэ. Билигин оскуола саҥа дьиэтин бэйэбит күүспүтүнэн тутан, бүтэрэн эрэбит. Оттон оҕолор үөрэнэр тээбириннэрин хантан да булан атыылаһар кыахпыт суох. Онон Танда оскуолатын оҕолоругар, аҕыйах да буоллар, тэтэрээт, харандаас, уруучука, эрэһиинэ уонна атын да тээбириннэри бэрсэргэр көрдөһөбүн.
Сарсыныгар … «Табаарыс Башарин, эйигин директор ыҥыттарар», – диэтэ учуутал. Мин ойон туран директорга сүүрдүм.
Мария Александровна үлэлиир остуолугар бэркэ кичэллэн кумааҕыга сууламмыт уонна кириэстии кэлгиллибит икки туох эрэ ууруллубут этэ. Мин көрөөт, сэрэйэ санаатым. «Табаарыс Башарин, – диэтэ директор. – Бу икки суол сууламмыты маннык аадырыска краснознаменец Егоровка илдьэн биэр».
…Ол иһэн көрбүтүм: биирдэригэр квадратнай формалаах тэтэрээттэр сууламмыттар, биирдэригэр тус-туспа туох эрэ сууламмыттарын сылыктаан эрэсиинэ, харандаас, уруучука, бөрүө эбит дии санаатым.
Балай эрэ улахан дьиэ. Киирэри кытта хоско Н.С. Андросов олорор. Кини иннигэр бэҕэһээ көрбүт краснознаменеһым түргэн баҕайытык төттөрү-таары хаама сылдьар эбит. Кини, ханна эрэ бараары, таҥнан турар этэ: хара, өҥнөөх, сабыс-саҥа уһун баҕайы бараан тулуубу кэппит. Икки санныгар, уолугар кыһыл таҥас тигиллибит. Үөһэнэн соҕус түөрт илии холобурдаах араҕас дьүһүннээх саппыйаан курунан бааммыт. Синньигэс, араҕас курунан кириэстии тардыммыт. Хаҥас ойоҕоһугар кириэстии тардыныыга баайыллыбыт, кэтит курга кыбытыллан, саабыла иилиллэн сылдьар, оттон уҥа өттүгүн таһыгар, эмиэ саабыла курдук баайыллан, ыт буутун саҕа нагаан килбэлдьигэс араҕас хааҕа угуллан, лоппойо сылдьар. Уһун, уһуктаах төбөлөөх, улахан кэтит сыҥаахтардаах, хара дьүһүннээх, бараан тириититтэн тигиллибит, хороох бэргэһэни кэппит. Ол бэргэһэтин сүүһүн ортотугар кыһыл таҥаһынан оҥоһуллубут биэс салаалаах сулус анньыллыбыт, оттон икки чанчыгын туһунан кыһыл таҥас кырадаһыннара сыһыары тигиллибиттэр.
Мин киирээт, үтүлүкпүн бэргэһэбин уста туран кимтэн, тоҕо кэлбиппин эттим уонна чугас турар остуолга аҕалбыт малларбын уурдум…”
Кини оҕолору олус таптыыра. Оскуолаҕа кэллэр эрэ оҕолору кытта көрсүһэрэ, кэпсэтэрэ. Оҕолорго табаҕы тарпат, оскуола малын харыстыыр, учууталлары ытыктыыр уонна бэйэлэрэ ыраастык, чэбэрдик тутта үөрэнэллэригэр хас көрүстэҕин, кэпсэттэҕин аайы сүбэлиирэ. Пионердар сбордарыгар сылдьан, анаан тыл этэрэ.
Гавриил Васильевич Егоров туттарбыт оскуолаларын оҕолоругар анаан ЫБСЛКС Киин Комитетыттан көрдөһөн пионерскай атрибуттары (хаалтыс, значок, горн, барабаан уо.д.а.) ылбыта. Ол атрибуттары кини Уус Алдан оройуонунааҕы Курбуһах сэттэ кылаастаах оскуолатын пионердарыгар туттарбыта. 1937 сыл ахсынньы 15 күнүгэр оскуолаҕа тэриллибит пионерскай этэрээт Г.В. Егоровы көрсүһүүгэ аналлаах, үөрүүлээх сбора буолбута. Г.В. Егоров бэлэҕи туттарарыгар тыл эппитэ. Онуоха хардаран үөрэх-иитии үлэтин инникитин көрдөрүүлээхтик тэрийэргэ, көрсүө-сэмэй дьиссипилиинэлээх буоларга пионер этэрээтин баһаатайа Ганя Окоемов, комсомольскай тэрилтэттэн Спиридон Колодезников уонна оскуола директора С.Н. Колодезников харда тыл эппиттэрэ. Ити кэнниттэн оскуола пионердарын уонна үөрэнээччилэрин аатыттан Г.В. Егоровка махтал сурук туттарбыта.
1935 сыллаахха, оччотооҕуга Саха АССР Үөрэҕин народнай комиссариата ол бириэмэҕэ культурнай революция ситэ кыайан тэнийэ, бара илик, уруккута үөрэх өттүнэн хаалыылаах уһук оройуоннарга бүттүүн үөрэхтээһин үлэтин өрө көтөҕөр дьаһалы ылыыны күүһүрпүтэ. Итинэн сибээстээн, Г.В. Егоров Кэбээйи оройуонугар ыытыллыбыта. Онно тиийэн, кини кылгас кэм иһигэр Кэбээйи оройуонун урукку киинигэр сэттэ кылаастаах оскуола саҥа дьиэтин туттаран соругун ситиһиилээхтик толорбута.
Итинтэн кэлин бириэмэҕэ Г. Егоров иккиһин Кэбээйи оройуонугар 1938 сыл кулун тутар 31 күнүгэр Саха АССР Доруобуйа харыстабылын народнай комиссариатын сорудаҕынан нэһилиэнньэ олоҕор ураты кэскиллээх, биир биллэр-көстөр үлэни толоро тахсыбыта. Онно тиийэн, оройуон киинигэр 10 куойкалаах баланыыссаны ыйыллыбыт болдьоҕоро туттаран бүтэттэрбитэ. Онтон салгыы Кэбээйи оройуонун салалтатын көрдөһүүтүнэн кини оройуоннааҕы сибээс хонтуоратын саҥа дьиэтин туттарбыта.
Кэбээйи оройуонун нэһилиэнньэтэ Г.В. Егоров оскуола, эмп тэрилтэлэрин аһан, кинилэр олохторун сайдыытыгар үтүөлэрдээҕин иһин киниэхэ норуот үрдүк итэҕэлин биэрбитэ. 1939 сыллаахха ахсынньы ыйга буолбут олохтоох Советтар быыбардарыгар кинини Кэбээйи оройуоннааҕы үлэһиттэр депутаттарын Советыгар депутатынан олоҕун тиһэх күннэригэр диэри сылдьыбыта. Кэбээйигэ сылдьар кэмигэр республика Үөрэҕин народнай комиссариата Г.В. Егоровы туһааннаах боппуруостарга хаста да командировкалаан элбэх сорудахтары толотторбута.
Г.В. Егоров олоҕун тиһэх сылларыгар Якутскай куоракка олорбута. Онно да олорон кини тыа сирдэрин, ордук чорботон урут үлэлээбит сирдэрин кытта сибээһи быспатаҕа.
1941 сыллаахха күһүн, немецкэй-фашистскай талабырдьыттар биһиги Ийэ дойдубутугар сэриинэн саба түспүт кэмнэригэр, 63 саастаах Г.В. Егоров Кыһыл Армия кэккэтигэр ыыталларыгар тылланан, Якутскайдааҕы военкомакка көрдөһүү түһэрбитэ.
Онно сааһынан улаханнык кырдьыбыт, ыалдьа сылдьар Г.В. Егоров сайабылыанньатын ылымматахтара.
1942 сыл тохсунньу, олунньу ыйдарга дойдутугар командировкаҕа тахса сылдьыбыта. Манна кини Курбуһах, Танда, Түүлээх уонна Бээрийэ оскуолаларыгар кэлэр үөрэх дьылыгар бэлэмнэнии үлэни ыыттарбыта. Итинтэн салгыы кини кулун тутарга эмиэ бэйэтэ туттарбыт оскуолатыгар – Таатта оройуоннааҕы Хара Алдан оскуолатыгар тахсан, бэлэмнэнии үлэни тэрийсибитэ. Бу сылдьар кэмигэр Г.В. Егоров сэрии күчүмэҕэй сылларыгар үөрэх-иитии үлэтин сатабыллаахтык тэрийиигэ нэһилиэнньэ күүһүн түмэ тарпыта.
Кини Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии аас-туор кэмигэр оскуола оҕолорун туһугар кыһамньытын туһунан Иван Гаврильев Уус Алдан улууһун II Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх Михаил Васильевич Колодезниковтан ылбыт“Уорааннаах-уодаһыннаах 1942 сыл” диэн интервьютута “Кыым” хаһыакка бэчээтэммититтэн билиэххэ сөп. (kyym.ru›sonunnar/ajymny/nomokh/726-uoraannaakh). Онно Михаил Васильевич маннык кэпсиир.
“…Уус Алдаҥҥа Танда оскуолатыгар 1939 с. оскуолаҕа үөрэнэ киирбитим. Биллиилээх “культармеец”, кыһыл бартыһаан Хабырылла Дьөгүөрэп туттарбыт оскуолатыгар. Кини онно оскуолаҕа бэйэтигэр баар икки кыракый хоһу баһылаан олороро. Эдэр ойохтооҕо, олус оҕомсоҕо…
1942 с. ынырык сут-кураан дьыл этэ. Ыарыһах аҕам аһынан хааччыйар кыаҕа суох буолан үөрэммэккэ олордохпуна, хата, Дьөгүөрэп оҕонньор Тандаҕа интэринээт арыйтаран абыраабыта. Онно биэс нэһилиэк оҕото бары түмсэн үөрэммиппит. Арааһа, онон хоргуйан өлбөтөҕүм быһыылааҕа. Интэринээккэ да олорон оҕолор сааһыгар тиийэн дэлби быстаран, хоргуйан байааттаҥнас буолан хаалаллара, өлө сыһааччылар да бааллара. Туох кистэлэ кэлиэй, оччолорго эр дьон учууталлар бары сэриигэ бараннар, үөрэх хаачыстыбата баҕас быстар мөлтөх буолара. 7-с кылааһы бүтэрэн баран, салгыы Бороҕоҥҥо үөрэммитим…”
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннай Мунньаҕын-Ил Түмэн бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Александр Николаевич Жирков “Гаврил Васильевич Егоров – Бартыһаан Дьөгүөрэп саха историятыгар умнуллубат дьылҕалаах киһи. Кини алдьаммыт олоҕу чөлүгэр түһэрии, олоҕу уларытан тутуу кэмигэр бары күүһүн-күдэҕин норуот үөрэҕириитин дьыалатыгар биэрбитэ. Айылҕаттан ананан бэриллибит ытык киһибит үтүө мөссүөнүн уонна охсуһуутун, үлэтин-хамнаһын биһиги ыччаттарбыт өйдөбүнньүк оҥостон үйэтитэ туруохтара …” диэн суруйбутун курдук биһиги кини аатын өйдөбүнньүк оҥостон үйэтитэр ытык эбээһинэстээхпит.
Александр Ховров, СӨ култууратын туйгуна, Ем. Ярославскай аатынан Саха түмэлин дириэктэрин солбуйааччы.