Саха киһитэ хараҕар соччо-бачча ойуулаан көрбөт сэдэх көрүҥэр дьарыктана сатаабат үгэстээх. Ол да буоллар, “саха сатаабатаҕа суох” диэн мээнэҕэ эппэттэр. Саха эрдэ билбэтэҕин да анаан ылыстаҕына, син биир тугу эрэ ситиһэр. Онон мындыр, сатабыллаах, уратылаах омук быһыытынан уруккуттан сыаналанабыт. Эрхаан Бысыины оскуолаҕа үөрэнэ сырыттаҕына, бу уол кэлин Арассыыйа таһымнаах спортсмен буолуо диэн ким да таайа санаабатах буолуохтаах. Спортка оннук улахан ситиһиитэ суоҕа. Ол бэйэтэ билигин идэтийбит спортсмен быһыытынан скайранниҥҥа дойду бастыҥнарын кэккэтигэр сылдьар. Бу көрүҥҥэ Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Куубагын хаһаайына, альпинизмҥа, спортивнай туризмҥа уонна скайранниҥҥа РФ спордун маастара. Онон бүгүн кинини кытта сэһэргэһиини сэҥээриҥ:
– Эрхаан, дойдугар кэлэн кылгас сынньалаҥҥын түмүктээн бараары сылдьан быыс булан, төрөөбүт улууһуҥ хаһыатын эрэдээксийэтигэр ыалдьыттаабыккар махтанабын. Дьэ, эн скайраннинг диэн биһиэхэ олус сэдэх көрүҥҥэ ылсаҥҥын олус ситиһиилээхтик кыттаргын истэммит олус сэргиибит, үөрэбит. Ол эрээри, үксүбүт бу туох көрүҥ буоларын билбэппит да диэххэ сөп. Туох көрүҥүй?
– Бу биһиги дойдубутугар биир саҥа көрүҥ диэххэ сөп. Арассыыйаҕа спорт көрүҥүн быһыытынан 2012 сыллаахтан ылыллыбыта, федерация тэриллибитэ. Скайраннинг диэн альпинизм көрүҥэ буолар. Сүрүн соруга диэн хайаҕа түргэнник сүүрүөххэ наада. Күрэхтэһии буолар сирэ 2000 м намыһах буолуо суохтаах. Ол иһин сүрүннээн 2300 м үрдүккэ сылдьабыт, 30-40 км сүүрэбит. Онон салгын баттааһына диэн баар. Ону тулуйарга анаан дьарыктаныахха наада.
– Тоҕо бу көрүҥү талбыккыный?
– Мин устудьуоннуур сылларым Омскай куоракка ааспыттара. Онно үөрэнэ сылдьан спортивнай туризмынан дьарыктанар этим. Арассыыйа чөмпүйүөнэ буолбутум. Онтон эмискэ бу көрүҥ федерацията ыһыллан хаалбыта. Мин үөрэхпин бүтэрэн автодорожник идэтин ылан, Саха сиригэр кэлээри тэринэ сырыттахпына физкультурнай университет магистратуратыгар ыҥырбыттара. Үөрэххин барытын бэйэбит уйунабыт диэн этии оҥорбуттара. Ол иһин хааларга сананан, олохпун тосту уларытан идэтийбит спортсмен буолан хааллым. Дьэ, ол сылдьан скайраннинг диэн көрүҥ баарын билэммин, ону сөбүлээммин билиҥҥи олохпун улахан успуорка аныы сылдьабын. Онон соһуччу бу көрүҥҥэ кэлбитим диэххэ сөп. Мин алаас оҕото буоллаҕым, хайа диэни көрбүтүм да аҕыйах этэ. Омскай эмиэ хайата суох дойду. Ол эрээри, хайаны сөбүлээбитим. Кырдьыга, үрдүктэн куттанабын ээ. Ону күрэхтэһии кэмигэр умнан кэбиһэбин.
– Скайраннинг Арассыыйаҕа төһө сайдыбыт көрүҥүй?
– Эппитим курдук, саҥа көрүҥ буоллаҕа дии, кэлбитэ уонтан эрэ тахса сыл буолла. Ол иһин хайалаах сирдэргэ сэҥээриини ылан сыыйа сайдан эрэр дии саныыбын. Бу кэнники үс сылга күүскэ сайынна. Аһаҕас күрэхтэһиилэргэ 500-чэкэ кыттааччыга тиийэ мустааччыбыт.
Мин скайраннинынан 2017 сылтан дьарыктанабын, 2019 сылтан Арассыыйа сүүмэрдэммит хамаандатын чилиэнэбин. Хайалаах сиргэ чугаһааммын билигин Сочига олоробун. Онтон Эльбрус хайалара чугастар. Ол иһин дьарыктанарбар толору усулуобуйа баар. Онон күрэхтэһиилэргэ Краснодарскай кыраай чиэһин көмүскүүбүн. Бэйэм да соһуйуом, дьиктиргиэм иһин, Эльбруһу олус сөбүлээтим. Олох дойдум курдук сананабын. Мин дойду хайалаах эрэгийиэннэрин Камчаткаттан Кавказка тиийэ кэрийдим. Онно күрэхтэһиилэргэ сылдьан баран, Эльбруска кэллэхпинэ бэйэм дойдубар кэлбит курдук сананабын. Ол эрээри, Тулунабын ахтарым туохха тэҥнэһиэй?
– Эн дойду таһымыгар күрэхтэһэр, Арассыыйа күүстээх спортсменнарын иһигэр сылдьар киһи көрдөххүнэ скайраннинг сахаҕа төһө сөп түбэһэр эбитий?
– Мин сахаттан уонна онно майгынныыр сирэйдээх омуктартан соҕотох буолабын. Онон, ханнык да күрэхтэһиигэ тиийдэрбин эрэ, бары билэллэр. Ол иһин саха киһитигэр барсыан сөп эбит диэн этэр уустук. Бастатан туран, дьарыктанар көрүҥҥүн таптыахха наада буоллаҕа. Арай барсара диэн, биһиги өһөс, тулуурдаах соҕуспутунан сылдьыахпытын сөп. Билиҥҥитэ биир да күрэхтэһиигэ дистанциябыттан туоруу иликпин. Тириэньэрим эмиэ ол хаачыстыбабын сөбүлүүр. Атыттар наһаа туорууллар.
– Тас дойдуларга тахса сырыттыгыт дуо? Европа, аан дойду чөмпүйэнээттэрэ диэн ыытыллаллар дуо?
– Скайраннинг диэн Европаҕа үөскээбит көрүҥ буолар. Ол иһин Альпа хайаларын тэллэҕэр олорор Швейцарияҕа, Францияҕа, Италияҕа олус күүскэ сайдыбыт. Европа, аан дойду чөмпүйэнээттэрэ ыытыллаллар. Хомойуох иһин, тас дойдуга тахсан күрэхтэһэр таһымҥа тиийдим диэн сананан бэлэмнэнэ сырыттахпына, хамсык ыарыыта туран хаалбыта. Ол кэнниттэн аны анал байыаннай эпэрээссийэ саҕаланан тас дойдулар санкция биллэрэннэр, күрэхтэһиилэргэ кыттыбакка сылдьабыт. Онон эмиэ элбэҕи сүтэрдибит. Бэйэм кэтээн көрдөхпүнэ, билигин тас дойду спортсменнарын кытта тэҥҥэ киирсиэн сөптөөх
Арассыыйаҕа үс-түөрт эрэ киһи баар. Онно тиийэн бириистээх миэстэҕэ хапсаллара саарбах дии саныыбын, уон бастыҥ иһигэр сылдьыахтара. Үрдүк таһымҥа тахсыаххын баҕарар буоллаххына, бэйэҕиттэн үрдүк таһымнаах спортсменнары кытары күрэхтэһиэххин наада.
– Оттон легионер быһыытынан атын дойдуттан кыттар хайдаҕый?
– Урукку ССРС өрөспүүбүлүкэлэрин Азия диэки дойдулара бары хайалаахтар. Ол эрээри, онно скайраннинг таһыма быдан намыһах. Ол иһин ити билиҥҥи туругунан кыаллыбат боппуруос.
– Улахан таһымнаах спортсмен буоларыҥ быһыытынан олимпиада диэки “чарапчыламмаккын” дуо?
– Ити ханнык баҕарар спортсмен ырата буоллаҕа. Ол эрээри, скайраннинг олимпийскай көрүҥ буолбатах. Онон альпинизм атын көрүҥэр ски-альпинизм диэҥҥэ боруобаланан көрүөхтээхпин. Бастакы күрэхтэһии ахсынньыга буолуохтаах. Бу көрүҥ сүрүн соруга диэн хайыһарынан хайаны дабайан баран бэлиэтэммит эрэ, анал суола суох сиринэн таҥнары түһүөхтээххин. Кэлэр олимпиадаттан хайыы-үйэ күрэхтэһиэхтээхтэр.
– Оччоҕо олимпиадаҕа кыттар кыах баар эбит диэххэ сөп дуо? Сааһыҥ да наһаа ыраата илик дии?
– Итиннэ кэккэ ыарахаттар бааллар. Ски-альпинизмҥа олимпиадаҕа кыттарга Европаҕа тиийэҥҥин күрэхтэһэҥҥин тус бэйэҥ миэстэлэспит буолуохтааххын. Ону тэҥэ рейтиҥҥинэн Европаҕа 16 иһигэр сылдьыахтааххын. Онтон Арассыыйаҕа билиҥҥи туругунан оннук таһымҥа күрэхтэһэр киһи суох. Мин итиннэ холонон эрэ көрүөхтээхпин. Баҕар ылыныам, сөбүлүөм суоҕа дии.
– Олимпиаданы таарыйбычча, онно кыттары баттаһыахха сөп эбит дуу диэбиччэ, скайранниҥҥа хас саастарыгар диэри сылдьалларый?
– Бу көрүҥҥэ оҕо эрдэхтэн анаан дьарыктааһын суох. Ол иһин атын көрүҥнэртэн кэлэллэр. Сүрүннээн сүүрүүнэн, спортивнай ориентированиенан дьарыктаммыттар кэлэллэр. Ол иһин саастаахтар да бааллар. Билигин күрэхтэһиилэргэ тиийдэхпинэ, саамай эдэрдэрэ мин буолабын, 29-таахпын.
– Скайранниҥҥа кыттар киһи таҥаһа-саба төһө сыаналаах буоларый?
– Кырдьык, көннөрү киһи көрдөҕүнэ, судургу курдук — кроссовка уонна шортик. Ис дьиҥэр киирдэххэ, оннук буолбатах. Хайаҕа күн-дьыл түргэнник уларыйар. Эн стартыыр сиргэр куйаас буоллаҕына, хайа чыпчаалыгар тиийиигэр хаардыан, тыалырыан-кууһуруон да сөп. Ол иһин онно сөптөөх таҥаскын үрүксээккэр сүгэ сылдьыахтааххын. Аны сүүрэр суолуҥ барыта хайыр таас. Ол иһин анал кроссовка кэтиэхтээххин. Арассыыйаҕа оннук кроссовканы оҥорботтор. Санкция иннинэ манна тас дойдулар фирмалара анал маҕаһыыннаахтар этэ. Оттон булунарбыт. Билигин бары маҕаһыыннарын сабаннар, тас дойдулартан эрэ булар буоллубут. Биир кроссовка саамай чэпчээбитэ 20 тыһ. солк. курдук. Онтон мин биир сезоҥҥа 11 паара кроссовканы кэтэбин. Биир кроссовканы саамай уһаабыта үс эрэ күрэхтэһиигэ кэтиэххэ сөп. Атын таҥаһыҥ эмиэ олус халыҥ буолбатах эрээри, тымныыны, тыалы киллэрбэт аналлаахтар. Ол иһин эмиэ сыаналаахтар.
– Эрхаан, спортсмен быһыытынан саамай улахан баҕа санааҥ тугуй?
– Мин скайранниҥҥа син ситиһиилэнним. Ол курдук Арассыыйаҕа чөмпүйүөннээтим, Куубагын иккитэ ыллым, иккитэ иккис буоллум. Аны куубак күрэхтэһиитигэр биэс сыл устатыгар үс иһиттэн түһэ иликпин. Онон тас дойдуга тахсан Европа дуу, аан дойду дуу чөмпүйэнээтигэр кыттыбыт киһи дуу диэн баҕалаахпын. Көннөрү аан дойду таһымнаах күрэхтэһиигэ буолбакка.
– Эрхаан, кэпсээниҥ иһин махтанабын. Спорт чыпчаалларын өссө да салгыы дабайан ис.
Кэпсэттэ Афанасий Копырин