Өнөргө саха тылын нэдиэлэтэ тэрээһиннээхтик ыытыллар

Өнөр нэһилиэгэр саха тылын учуутала Альбина Громова бырайыагынан Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр анаан «Үрдүккэ көтүт, төрөөбүт төрүт тылым» нэдиэлэ биллэриллэн олохтоохтор көхтөөхтүк кытталлар.

Ол курдук Төрөөбүт тыл күнүн көрсө олунньу 11 күнүгэр тылга дьоҕурдаах оҕолор талыллан Дьокуускай куоракка баран кэллилэр. Онно П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэлгэ норуот историятын, култууратын, сайдан кэлбит литературатын кэрэһэлиир экспозициялары кытта билистилэр. Онтон, А.С.Пушкин аатынан национальнай бибилэтиэкэҕэ ыалдьыттаатылар.

Бу бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ, Өнөр оскуолатын бэтэрээн учууталлара Л.Н. Ан-Чауечи, П.Н. Атласов үөрэ-көтө көрсөн, бибилэтиэкэ баай ис хоһоонноох үлэтин толору арыйан көрдөрдүлэр. Түмүккэ П.А.Ойуунускай аатынан саха драматическай тыйаатырыгар сырыттылар. Тыйаатырга айар үлэтин саҥа саҕалаан эрэр эдэр артыыһы, быйыл Москваҕа Щепкин аатынан театральнай устуудьуйаны бүтэрбит биир дойдулаахпыт Петр Домотовы кытта көрүстүлэр. Кини оҕолорго тыйаатыр мусуойун билиһиннэрдэ. Ол кэннэ Далан «Тулаайах оҕо» испэктээги сөҕө-махтайа көрдүлэр.

Нэдиэлэ чэрчитинэн олунньу 12 күнүгэр Өнөр орто оскуолатын үөрэнээччилэригэр тыл туһунан “Дьоһуннааҕы кэпсэтии” кылаас чаастара ыытылыннылар. Онтон Төрөөбүт тыл күнүгэр нэһилиэнньэҕэ дьыктаан суруйуу, учууталларга литература уруога буолла.

Бүгүн оскуолаҕа Новгородов алпаабытынан мүнүүтэҕэ ааҕыы күнэ буолла, сарсын оскуола үөрэнээччилэригэр ыстаансыйаларынан үгэскэ кубулуйбут тыл оонньуута, өйүүн улахан дьоҥҥо тыл оонньуута уонна нэдиэлэ устата төрөппүттэргэ «Кэрэ буочар», дьиэ кэргэҥҥэ анаммыт уус-уран айымньыны хаартысканан дьүһүйүү «Ай-тут» күрэһэ ыытыллар.

Мария Аргунова