Бүгүн 19.00 чааска өрөспүүбүлүкэтээҕи суһал ыстаап видеосибээһинэн мунньаҕа буолла. Мунньаҕы бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников ыытта.
Онно Өлүөнэ өрүс аллараа кирбиитэ Нам, үөһээ кирбиитэ Хаҥалас улууһугар баар диэн иһитиннэрии бэрилиннэ. Бу былаһын тухары муус хойуутук устар. Алдан өрүс Нам улууһун Арбыныгар тиийэн Өлүөнэҕэ түһэн эрэрин биллэрдилэр. Биһиги улууспутугар Дыгдаал анныгар өрүс ырааһыран эрэр диэтилэр. Чэриктэй оҕолоро дьиэлэригэр төттөрү тиийбиттэр. Онон куттал суоһаабат балаһыанньата олохсуйбут.
Билигин сүрүн болҕомто Өлүөхүмэ улууһугар уурулларын эттилэр. Онно халааҥҥа ылларбыт дэриэбинэлэртэн уу бытааннык түһэр эрээри, Витим өрүс саҥа «хамсаан» Өлүөнэҕэ түһэн эринэн бу дэриэбинэлэр иккиһин ууга барар кутталлаахтар диэн иһитиннэрдилэр.
Афанасий Сектяев