Елизавета Сивцева «Сэбиэскэй оҕолор – аккырыыккаларга» быыстапката Дьокуускайга Белинскэй аатынан бибилэтиэкэҕэ турда

Бүгүн Дьокуускай куорат В.Г. Белинскэй аатынан бибилэтиэкэтин саалатыгар өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылынан «Коллекция горожан» бырайыак чэрчитинэн ССРС, СӨ үөрэҕириитин туйгуна, СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ, «Саха-Азия» пуонда стипендиата, Мүрү нэһилиэгин олохтооҕо, «Умсулҕан» кэллиэксийэһиттэр түмсүүлэрин биир актыыбынай чилиэнэ Елизавета Сивцева «Сэбиэскэй оҕолор – аккырыыккаларга» быыстапкатын аһыллыыта буолла.

Быыстапкаҕа 1930-80 сс. сэбиэскэй худуоһунньуктар үлэлэринэн оҥоһуллубут 100-чэкэ араас аккырыыкка көрдөрүүгэ турда. Быыстапка аһыллыытын бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын кылаабынай специалиһа, биир дойдулаахпыт, Кэптэниттэн төрүттээх Айталина Прядезникова сахалыы хомоҕой тылынан салайан ыытта.

Салгыы Елизавета Сивцева аккырыыккалар, худуоһунньуктар туһунан дириҥ ис хоһоонноох бэсиэдэни оҥордо. ССРС норуодунай худуоһунньуктара Фёдор Решетников (1906-1988), Николай Жуков (1908-1973), Татьяна Яблонская (1917-2005), о.д.а. биллиилээх худуоһунньуктар оҕолору болотунаҕа түһэрбит чаҕылхай үлэлэрин аккырыыккаларга көрдүбүт. Маны тэҥэ Елизавета Сивцева быыстапкаларын сүнньүнэн бэлиэтэммит махтал суруктара туһунан турбуттар.

Кэллиэксийэһит, пед.үлэ бэтэрээнэ Розалия Попова:

– Елизавета Федоровна элбэҕи аахпыт, дириҥ билиилээх киһи. Хас биирдии аккырыыкка историята – сэбиэскэй кэм историятын сорҕото, сотуллубат өйдөбүлэ. Сэбиэскэй былаас бастакы сылларыгар үгүс ахсааннаах көрүүтэ-истиитэ суох оҕолору арыйан көрдөрөр худуоһунньуктар үлэлэрин чорботон бэлиэтии иһиттим, – диэн бэлиэтээтэ.

Быыстапка туруутун иилэспит педагогическай үлэ бэтэрээнэ Людмила Андросова: «Елизавета Сивцева атын тиэмэнэн кэллиэксийэтин салгыы көрдөрүүгэ таһааран иһэргэ үлэлэһиэхпит», – диэн санаатын эттэ. Тэрээһини сүрүннээччи Айталина Прядезникова Елизавета Федоровнаҕа махтал суругу туттарыытынан тэрээһин түмүктэннэ. Быыстапка бу ый бүтүөр диэри туруоҕа.

Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.