Элбэх омук эпоһын, бэйэбит олоҥхобутун дириҥник чинчийбит учуонай Иннокентий Пухов төрөөбүтэ 120 сыла

Бу ый 14-16 күннэригэр Москуба куоракка Максим Горькай аатынан аан дойдутааҕы литература институтугар Россия наукаларын академиятын 300 сылын чэрчитинэн «Академическай фольклористика гуманитарнай наукаларга киллэрбит өҥөтө» диэн аан дойдутааҕы научнай конференция буолан ааста.

Саха сириттэн Олоҥхону чинчийэр институт дириэктэрин э.т. Р.Н. Анисимов, Ю.П. Борисов, Г.Е. Саввинова кыттыыны ыллылар. Конференция үһүс күнүгэр эпосовед Иннокентий Васильевич Пухов төрөөбүтэ 120 сылыгар аналлаах төгүрүк остуол ыытылларыгар тиийэн кыттыыны ыллым.

Манна сүрүннээн Саха сириттэн куйаар ситиминэн сүүрбэччэ дакылаат иһилиннэ, ол иһигэр Бэрт Ууһун дьаһалтатын исписэлииһэ Гаврил Пухов кытынна. Иннокентий Пуховы кытта эдэр сааһыгар бииргэ үлэлээбит, киниттэн элбэххэ үөрэммит ф.н.д. А.И. Алиева илэ бэйэтинэн кэлэн кытынна уонна  Иннокентий Васильевич туһунан истиҥ-иһирэх тыллардаах ахтыы оҥордо.

Калмыкия, Башкирия, Хотугу Осетия учуонай эпосоведтара, фольклористара төгүрүк остуолга кинилэр норуоттарын эпоһыгар Иннокентий Васильевич киллэрбит кылаатын үрдүктүк сыаналыылларын, махтаналларын эттилэр уонна кини суруйан хаалларбыт кинигэлэрин куруутун тутталларын бэлиэтээтилэр. Профессор В.В. Илларионов, ф.н.к. С.Д. Мухоплева, ф.н.к. Ю.П. Борисов уонна Р.Н. Анисимов бары киэҥ ис хоһоонноох дакылааттары оҥордулар. Манна даҕатан эттэххэ, Руслан Николаевич биһигиттэн хаалан күн бэҕэһээ кандидатскай диссертациятын көмүскээтэ.

Юрий Борисов бэйэтин олоҥхотун “Баһыргастаах аттаах Баабый Баатыры” толорон улахан сэҥээриини ылла. Бастаан төгүрүк остуол кыттааччыларыгар толорон баран, кэмпириэнсийэ түмүгэр көрдөһүүнү ылынан конференцсаалаҕа элбэх учуонай истиитигэр толордо, сахалар бары эпоспыт толоруллубутуттан киэн тутуннубут, үөрдүбүт.

Мин тус кыттыым “Саха норуотун уһулуччулаах уола” диэн уонна Д.И. Пухов 1999 с. таһаарбыт кинигэтиттэн Иннокентий Васильевич туһунан бииргэ үлэлээбит араас омук учуонайдарын иһирэх ахтыыларыттан иһитиннэрии этэ.

Бу институт фольклорун салаатыгар номнуо бэһис сылын С.С. Макаров диэн саха эдэркээн учуонайа үлэлии сылдьарыттан соһуйа үөрдүм. Тоҕо диэтэргит, Иннокентий Пухов кэнниттэн бу баараҕай институкка 40 сыл буолан баран иккис саха үлэлиир. Кини эмиэ Пухов курдук нуучча тылын учуутала идэлээх эбит, онтон фольклорга аспирантураны бүтэрбит.

Үрдүк тэрээһиҥҥэ тиийэн Пуховтар аймах аатыттан үс атахтаах айах чороону биһиги ытыктыыр И.В. Пуховпытын умнубаттарын, үбүлүөйдээх сылыгар маннык үрдүк тэрээһини оҥорбуттарын иһин махтанан туттардым уонна кыра чороону А.И. Алиеваҕа бэлэх уунан кэллим.

                   Наталья Мордовская,

СӨ култууратын туйгуна, оҕону олоҥхоҕо уһуйар маастар-педагог