Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ көмө кэҥээтэ

Мүрү нэһилиэгэр олорор биэстэн элбэх оҕолоох ийэлэр “Дьол уйата” түмсүүлэрэ аан бастаан 2017 сыллаахха “Алаас Хотун” дьахтар түмсүүтүн иһинэн тэриллибитэ. Иилээччи-саҕалааччы нэһилиэк депутата Валентина Шадрина дьиэҕэ оҕо көрөн олорор биэстии, алталыы, уоннуу оҕолоох ийэлэри биир санааҕа түмэн, интэриэстэрин күөдьүтэн, уопсастыбаннай олоххо, үлэҕэ көҕүлээн, “Дьол уйата” түмсүү билигин нэһилиэк үлэтигэр, араас тэрээһиннэргэ күүс-көмө, төһүү буолар биир көхтөөх үлэлээх түмсүүнэн ааттанна.

“Алаас Хотун” түмсүү иһинэн “Үтүө санаа сундуга” аахсыйа үлэлээн, бастаан элбэх оҕолоох ыалга оҕуруот аһынан, бородууктанан көмө оҥорон саҕалаабыппыт. Элбэх оҕолоох ийэлэр тыыл бэтэрээннэригэр 4-с сылларын “Минньигэс бөрүөк” аахсыйаны тэрийэн, ийэлэр ас астаан бэлэхтээн кэллилэр. Нэһилиэк хас биирдии субуотунньугар, бөһүөлэги көҕөрдүүгэ мас, сибэкки олордуутугар, парканы ырастааһыҥҥа актыыбынайдык кыттан бэйэлэрин кылааттарын киллэрэллэр. Маны тэҥэ улуустааҕы реабилитационнай киини кытта бииргэ үлэлэһэн, оҕону, төрөппүтү кытары үгүс тэрээһиннэр ыытылыннылар. 2019 сыл түмүгүнэн “Дьол уйата” Мүрү нэһилиэгин бастыҥ түмсүүтүнэн ааттаммыта. Билигин түмсүүнү эдэр кэскиллээх салайааччы Татьяна Николаевна Горохова илиир-саҕалыыр.

Дойдубут президенэ В.В. Путин биир өйүүр уонна сүрүн салаатынан дьиэ кэргэн, демография боппуруоһа буолар. Кэнники сылга ийэ хапытаала бастакы оҕоттон саҕалаан бэриллэр буолуута, оҕо пособиета үрдээһинэ хас биирдии дьиэ кэргэн олоҕор улахан суолталаах. Дойдубут ийэлэрэ, дьиэ кэргэннэрэ тирэхтэнэн, оҕону иитиигэ, сайыннарыыга кыаҕа кэҥээтэ. Бу элбэх оҕолоох дьиэ кэргэттэргэ улахан көмө, өйөбүл буолла. Онон ийэлэр, төрөппүттэр махталлара улахан.

Екатерина Захарова.