Норуот үөрэҕириитин туйгуна, Баатаҕай нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, учууталлар Учууталлара, СӨ үөрэҕин ситимин бочуоттаах бэтэрээнэ Николай Адамович Николаев үгүс ыччаты, оҕону спорт эйгэтигэр угуйбут, сыһыарбыт, бэйэтинэн улахан холобур буолбут энтузиаст учуутал. Өбүгэбит төрүт оонньуулара спорт көрүҥнэригэр киирсэн киэҥник тарҕаналларыгар улахан кылаатын киллэрбит, улуус, өрөспүүбүлүкэ спортивнай олоҕор биир инники күөҥҥэ турар, киэн туттар тириэньэрбит, уһуйааччыбыт, спорду тарҕатааччыбыт.
Николай Адамович бэйэтэ Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх, уус алданнарга күтүөт, кэргэнэ Уус Алдан улууһун маастара Людмила Михайловна Найахы нэһилиэгиттэн төрүттээх. Кинилэр иккиэн Бүлүү педучилищетыгар үөрэнэ сылдьан ыал буолан, Уус Алдан сиригэр олохсуйан үс оҕолонон, элбэх сиэннэнэн, Николай Адамович 1973 сылтан ыла Баатаҕай орто оскуолатыгар физкультура учууталынан, 2013 сылтан Бороҕоннооҕу оҕо спортивнай оскуолатын филиалын тириэньэрин быһыытынан биир идэҕэ үлэлээн кэллэ. Кини өссө 1971 сылтан учууталынан үлэлээбит буолан, педыстааһа барыта үйэ аҥаарыттан ордук – 52 сылга тэҥнэһэр. Маннык уһун, таһаарыылаах, ситиһиилээх үлэ суола дэбигис киһиэхэ эрэ барытыгар бэриллибэт, дьылҕаҕа таба тайаныы, табыллыы, аналы булуу дьол буоллаҕа.
Николай Адамовиһы көрсөр күммүтүгэр бэтэрээннэр улуустааҕы спартакиадаларыгар кытта, тэрийсэ, сүүрэ-көтө сылдьара. “Маннык барытыгар көхтөөх буола сатыыбын, таах олорон хаалыахпын баҕарбаппын, күрэхтэһиилэри тэрийэбин, тэрийсэбин”, – диэн үөрэ-көтө кэпсии көрсүбүтэ. Бэйэтэ 75-с хаарыгар сылдьар, билигин да тэтиэнэх, “бүгүн түөрт көрүҥҥэ күрэхтэһэбин” диэбитэ. Онон тэрээһин быыһыгар көрсөн, биир киһи бүтүн олоҕун төһө кыайарбытынан кэпсэппиппитин ааҕан билсиҥ.
Физкультура учуутала барытыгар дэгиттэр буолуохтаах
– Оскуолаҕа сылдьан атах онньууларыгар Бүлүү куоратыгар чөмпүйүөннүүрүм, өрөспүүбүлүкэҕэ миэстэлэһэрим, онон физкультура учуутала буолар баҕам мээнэҕэ буолбатах этэ. Онтон Бүлүү педучилищетыгар мин идэлэригэр чахчы бэриниилээх дьоҥҥо, чулуу тириэньэрдэргэ Прокопий Абрамовка, психолог Иван Чабыевка, курсовод Николай Степановка түбэспитим. Николай Степанов күүстээх гимнаст этэ. Кинилэр такайыыларынан спорт бары көрүҥнэринэн дьарыктаммытым. Оччоттон да учуутал буолар киһи барытыгар дэгиттэр буолуохтаах диэммин спорт биир да көрүҥүн анаан ойуччу тутан дьарыктамматаҕым. Ол да иһин ханнык да спорт көрүҥэр маастар нуорматын толорбутум диэн суох. Үөрэҕим кэнниттэн Ньурбаҕа, Найахыга олоро сылдьыбыппыт, онтон Баатаҕайга үлэ миэстэтэ көстөн, манна олохсуйан үлэлээн кэллим.
Оҕону сайыннарыыга өбүгэ оонньууларын биир бастакынан киллэрбиппит
– Үлэбин саҥа саҕалаабыт киһи “оҕо хамсанар дьоҕурун хайдах сайыннарыахха сөбүй?” диэн толкуйга түспүтүм. Үөһээ эппитим курдук, спорт бары көрүҥнэрин тэҥҥэ тутан, оҕону эт-хаан өттүнэн сайыннарыыга үлэлээн барбытым. Ордук өбүгэ оонньуулара биһиэхэ чугастар диэммин, 90-с сылларга үөрэхтээһиҥҥэ национальнай концепция киириитигэр анал бырагыраама суруйан, онон күүскэ үлэлээн барбыппыт. Тутум эргиирэ, көтөх ынаҕы туруоруу, хороҥ оту үрдүнэн ыстаныы, кириэс тэбии, кырынаастааһын, хабылык, хаамыска, о.д.а. көрүҥнэри киллэрбиппит. Манна оҕо былчыҥа барыта үлэлиир уонна өйө, толкуйдуур дьоҕура тэҥҥэ сайдар. Билигин бу көрүҥнэр киэҥник тарҕаннылар, Өбүгэ оонньууларын фестивала өрөспүүбүлүкэҕэ быйыл 14-с төгүлүн ыытыллар. Бу күрэххэ баатаҕайдар 8 сыл бастакы миэстэҕэ сылдьыбыппыт. Үлэлээбит сылларбар эрчийбит оҕолорум Чурапчы, Үөһээ Бүлүү, Горнай улуустарыгар ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар ситиһиилээхтик кытыннылар. Сэттэ спорт маастара, түөрт спорт маастарыгар кандидат үүнэн таҕыста. Олор истэригэр бастакы үөрэнээччим Николай Охлопков атах онньууларыгар маастар, СӨ үтүөлээх тириэньэрэ, Альберт Готовцев мас тардыһыытыгар спорт маастара, Арассыыйа чөмпүйүөнэ, Евгения Адамова-Гоголева саха дьахталларыттан аан бастаан многоборьеҕа маастар нуорматын толорбута. Остуол оонньуутугар спорт маастара Ян , билигин дойдутугар Баатаҕайга кэлэн миигин солбуйан, үлэҕэ киирдэ. Ольга Аманатова пулевойга кандидаты толорбута, Арассыыйа призера. Икки сыл Баатаҕай нэһилиэгэ “Саха НКИХ” ханаалыгар өбүгэ оонньууларын түһүлгэтигэр ситиһиилээхтик кыттыбыта. Онон бэйэм үлэлэспит бырагыраамам көдьүүһэ көстөн, өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник тарҕанан, дьон-сэргэ, ыччат сайдыытыгар биир сүрүн үктэл буоларынан улаханнык үөрэбин.
Спортка баҕа уонна сүрэх эрэ наада
– Мин хаһан даҕаны улугурар, олорор диэни билбэппин, билиммэппин даҕаны диэххэ сөп. Төһө күүһүм-уоҕум кыайарынан үлэ үөһүгэр, дьон-сэргэ ортотугар буолан, чөл олоҕу тутуһан, араас күрэхтэһиилэргэ сылдьан, тэрийсэн, көҕүлээн кэллим. Маныаха дьиэм, тыылым үчүгэй, кэргэним өйүүр, түөлбэм дьоно-сэргэтэ күүс-көмө буолар буолан күн бүгүнүгэр диэри бу күрэхтэһэ сылдьабын диэн кэргэммэр, дьоммор махталым улахан.
Билиҥҥи үйэҕэ киһи чэгиэн буоларыгар, спордунан дьарыктанарыгар бааза, усулуобуйа барыта баар, баҕа, сүрэх эрэ наада. Дьон-сэргэ билигин эмиэ чөл олоххо, спортка олус тардыһан эрэр. Онон хас биирдии төрөппүт бэйэтэ уонна оҕото эт-хаан өттүнэн сайдыылаах буоларыгар спордунан утумнаахтык дьарыктаныахтааҕын үчүгэйдик өйдүүр. Оттон төрөппүт өйүүр, сөптөөх үлэ ыытыллар, тириэньэр такайыыта баар буоллаҕына, эдэр көлүөнэ спортсменнар өрүү тахса, үүнэ туруохтара.
Манна даҕатан эттэххэ, бэтэрээннэр улуустааҕы спартакиадаларыгар Николай Адамович хабылык, хаамыска көрүҥэр бастакы миэстэ, оттон уопсай түмүккэ Баатаҕай нэһилиэгин бэтэрээннэрэ үһүс бочуоттаах миэстэ буолбуттар. Онон баатаҕайдар эмиэ кыайыы көтөллөнөн, улуус биир спортивнай бөһүөлэгэ буолалларын өссө төгүл бигэргэтэн бардылар. Онон Николай Адамович Николаев курдук үлэлэригэр бэриниилээх бастыҥ дьоммут холобурдарынан нэһилиэктэн саҕалаан бүтүн дойдубут кэскилэ, инникитэ үүнэ-сайда туруоҕа.
Екатерина ЗАХАРОВА.
Холобур буолар үтүө учууталым
Мин Николай Адамовичка үөрэммитим. Спорт бары көрүҥнэринэн утумнаахтык эрчийбитэ. Онон хайыһар, волейбол буоллун, тустуу, мас тардыһыыта да буоллун биһиги көлүөнэ оҕолоро, дьон сиэринэн, барытын сатыыр буола улааппыппыт.
Улахан кылаастарга биир тэҥнээхтэрин курдук сыһыаннаһара, оҕолору кытары биир тылы олус булара, табара. Биһиги саҕана өбүгэ оонньууларын кини аан бастаан тэрийэн ыыппыта, мин онно кыттан турардаахпын. Онон өбүгэ оонньуутун өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастакынан киллэрбитэ, киэҥ араҥаҕа тарҕаппыта диэтэхпинэ сыыспатым буолуо. Бу хайысханан Бороҕоннооҕу оҕо спортивнай оскуолатын филиалын арыйан, кэнники сылларга ситиһиилээхтик, хорутуулаахтык үлэлээтэ. Билигин төһө да оскуолаттан тохтоон бочуоттаах сынньалаҥҥа олордор, бөһүөлэк олоҕор биир саамай актыыбынай кыттааччыбыт, тэрийээччибит буолар. Спорт инструкторы кытары тэҥҥэ үлэлиир, бары күрэхтэһиилэргэ көмөлөһөр, улахан тэрээһиннэрбитигэр солбуллубат кылаабынай судьуйабытынан буолар. Маны тэҥэ култуурунай тэрээһиннэргэ ыллыыр, кэнсиэри ыытааччы да буолар, үлэ субуотунньуктарыгар биир бастакын кэлэн, дьону үлэҕэ көҕүлүүр. Ол курдук бэтэрээннэр улуустааҕы спартакиадаларыгар дьону көҕүлээн сүүмэрдиир күрэхтэһии ыытан, ситиһиилээхтик кыттан кэллилэр. Бу күннэргэ “Күөн күрэс” нэһилиэктэр икки ардыларынааҕы өрөспүүбүлүкэтээҕи этнофестивальга олохтоох ыччат, эмиэ Николай Адамович үөрэнээччилэрэ кыттан, түөрт көрүҥҥэ миэстэлэстилэр. Учууталым кэргэнинээн Людмила Михайловналыын олус үлэһит дьон. Куруук сарсыарда эрдэлээн, киэһэ хойутаан үлэ үөһүгэр сылдьаллар. Людмила Михайловна иистэнньэҥ, бастыҥ оҕуруотчут. Тиэргэннэрин иһэ тупсаҕайа барыбытыгар холобур буолар.
Бу курдук өрүү үлэни өрө тутан Николай Адамович күн солото суох. Эһиилги сылга киэн туттар биир дойдулаахпыт Николай Тарскай төрөөбүтэ 100 сылын бэлиэтиир тэрээһин хамыыһыйабытыгар биир бастакынан киирэн, сүбэ-ама, күүс-көмө буолуоҕа диэн киниэхэ эрэлбит, баҕабыт улахан.
Михаил Белолюбскай, Баатаҕай нэһилиэгин дьаһалтатын баһылыга.