Муус устар 4 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар сүдү кылаатын киллэрсэр, ийэ тылбытын өрө тута сылдьарбыт туһугар туруулаһан үлэлэһэр, биллиилээх судаарыстыбаннай уонна уопсастыбаннай диэйэтэл, Ил Түмэн Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Александр Николаевич Жирков аатынан уонна Арассыыйаҕа Дьиэ-кэргэн, өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларын чэрчитинэн үһүс төгүлүн «ДЬУЛҔАН УОЛАН» уоланнар күрэхтэрэ үс түһүмэҕинэн ыытылынна.
Күрэххэ Уус Алдан уонна Мэҥэ Хаҥалас улуустарыттан уопсайа 5 хамаанда кыттыыны ылла. Кыттааччыларынан 5-11 кылаас уоланнара буоллулар. Бастакы түһүмэххэ уоланнар «Тобул» өркөн өй күрэҕэр күөн көрүстүлэр. Манна саха сирин политикатыгар, культуратыгар, спордугар уонна саха тылын, литературатын программатыттан ыйытыылар киирдилэр. Түһүмэххэ: I м. — К.О. Гаврилов аатынан Бүтэйдээх орто оскуолатын уоланнарын хамаандата ылла (Мэҥэ Хаҥалас), II м. — Е.Д. Кычкин аатынан Матта орто оскуолата (Мэҥэ Хаҥалас), III м. — Суотту орто оскуолата ыллылар.
Иккис түһүмэххэ «Дойдум биллиилээх уопсастыбаннай деятеля» биирдиилээн араатардар күрэхтэрэ буолла. Кыттааччылар киэн туттар биир дойдулаахтарын, биллэр-көстөр ытык дьоннорун В. В. Никифоров — Күлүмнүүр, С. С. Васильев-Борогонскай, К. О. Гаврилов, Е. Д. Кычкин, Н. Н. Дегтярев тустарынан иһитиннэрии оҥордулар. Манна кыайыылааҕынан Мэҥэ Хаҥалас улууһун Бүтэйдээх орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэ Коля Стручков буолла.
Салгыы уоланнар «Уол оҕо – норуоппут кэскилэ» хамаанданан литературнай туруоруу күрэҕэр кытыннылар. Уопсай түмүккэ «Дьулҕан Уолан-2024» Кылаан Чыпчаал кыайыылаах аатын Бүтэйдээх орто оскуолатын уоланнарын хамаандата ылла. Бастакы миэстэни Суотту орто оскуолата, иккис миэстэни Матта орто оскуолата, үһүс миэстэни В.В. Алексеев аатынан Мүрүтээҕи уолаттар гимназияларын хамаандата ыллылар. Кыайыылаахтар дипломнарынан, харчынан, бириистэринэн наҕараадаланнылар.
Дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээтилэр: «Олоҥхо дьиэтэ» этнокультурнай киин специалиһа Матрена Герасимова,улуустааҕы үөрэх управлениетын иитэр үлэҕэ отделын салайааччыта Ирина Сивцева, оҕо ыччат ааҕар киинин сэбиэдиссэйэ Вера Портнягина үлэлээтилэр.
Тэрийээччилэр ааттарыттан Бэйдиҥэ орто оскуолатын дириэктэрэ Е. А. Дансарунова, кыттааччыларга, оҕолору бэлэмнээн кэлбит салайааччыларга, дьүүлүүр сүбэҕэ, тэрээһиҥҥэ көмөлөспүт бары тэрилтэлэргэ махталын тиэртэ, кыттааччыларга үйэлээҕи үксэтин, кэскиллээҕи кэрэһэлээн, уйгулааҕы уһансын диэн алгыс тылын анаата.
Ытыктыыр биир дойдулаахпыт Александр Николаевич Жирков уоланнары эҕэрдэлээтэ, бэлэмнээбит салайааччыларга махтал тылларын, инникитин бу тэрээһин тиһигин быспакка ыытылларыгар, уол оҕо сайдарыгар улахан суолталааҕын бэлиэтээн эттэ уонна сыллата бу тэрээһиҥҥэ хайаатар да кыттыыны ылыам диэн эрэннэрдэ.
Улуустааҕы үөрэх управлениетын салайааччыта Степан Моисеевич Литвинцев кыттааччылары эҕэрдэлээтэ, аны кэлэр сылларга күүстээх болҕомто ууран үлэлэһиэхпит диэн тэрээһини өйүүрүн биллэрдэ.
«Өлтөх нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин баһылыга Константин Анатольевич Алексеев бу тэрээһини биир бастакынан өйөөн сыллата кыайылаахтарга харчынан бириис олохтуур. Инникитин тэрээһин киэҥ далааһыннаахтык ыытылларыгар бииргэ түмсэн үлэлэһэргэ ыҥырда.
Бары билэрбит курдук, ханнык баҕарар омук инники кэскилэ ыччат, онтон норуоту хамсатар күүhүнэн уол оҕо буолар. Саха омуга омук буолан үйэлэр тухары салаллар, төлкөтүн түстүүр уол оҕо барахсан омукпут бүтүннүүтэ биир санааланан, ханнык да бэйэлээх эриирдэргэ-мускуурдарга өлөн-охтон биэрбэт, өссө эбии өрөйөн-чөрөйөн, өргөйөн, барҕарыы суолунан барарыгар сүдү эппиэтинэһи сүгэр. Онон бу кэскиллээх тэрээһин саргыта салалыннын, тускута туругурдун!