Дьоллоох киһи олоҕу туойар

«Киһи аҕыс кырыылаах буолуохтаах,
Кылыстыы кылбаҥныы оонньуохтаах,
Аралыйар кустук дьэрэкээнин ылыахтаах,
Үйэлэри үрдүнэн хардыылаан иһиэхтээх» –
суруйааччы Сергей Борогонскай киһи дьиҥ кыаҕын туһунан хайдахтаах чаҕылхайдык эппитэй?! Бу айымньы бүгүҥҥү балаһабыт дьоруойун дьүһүйэн, киниэхэ анаммыт курдук иһиллэр. Биир дойдулаахпыт СӨ үөрэхтээһинин уонна култууратын туйгуна, физкультура уонна успуорт үтүөлээх үлэһитэ, СӨ бастакы бэрэсидьиэнэ М.Е.Николаев «Во славу и пользу Республики» пуондатын лауреата Семен Ильич Черноградскай бу ый 20 күнүгэр 75 сааһын томточчу туолла. Кини алгысчыт, олоҥхоһут, олоҥхону суруйааччы, «Аар дархан этээччи» ааттаах оһуохайдьыт, ырыа, хоһоон айааччы, уус, учуутал, тириэньэр, успуорт салайааччыта, спорт­смен уонна кэргэнэ Варвара Ивановналыын 50-тан тахса сыл бииргэ олорон, үс оҕону атаҕар туруоран, сиэрдээх ыал амарах аҕата буолар. Хаһыаппыт биир эрэл­лээх ааҕааччытын үбүлүөйдээх күнүнэн эҕэрдэлээн туран, кини айымньыларын сэргээн ааҕаргытыгар ыҥырабыт.

Доҕоруом, көрсүһүөх

Семен Черноградскай тыла уонна мелодията

Киҥкиниир киэҥ халлаан анныгар
Ханнык да дойдуга тиийдэрбин,
Эйигин суохтаабыт сүрэҕим
Эймэлгэн ырыатын түһэрэр.
Хос ырыата:
Аҕынным доҕоруом, аҕынным
Ахтылҕан ситимин араарыах!
Кэл, миэхэ, сэгэриэм, умсулҕан
Кулуһун уотугар умайыах!

Эдэр саас, ол дьоллоох күннэрин
Эн миэхэ бэлэхтээн ааспытыҥ,
Уостубат өйдөбүл буоланнар,
Угуйа-ыҥыра тураллар.
Хос ырыата:
Баҕардым, эн манна буолуоххун –
Сүрэхпэр ыксары кууһуохпун,
Баҕардым эн миигин ууруоххун –
Уоскуттан тапталы булуохпун.
Хос ырыата.

Саха киһитэ
(тойук)
Дьиэ-буо!
Хотугу сулус анныгар
Дьүкээбили оонньотон
Сэттэ уоннаах кыраадыс
Тымныы түһэр дойдута
Ол – мин, Сахам сирэ!
Хороҕор муостаах ынах сүөһүнү,
Сыспай сиэллээх сылгыны
Аһыыр-таҥнар туһугар
Аһатан-иитэн кэлбиттэрэ.
Үлэһит мин өбүгэлэрим!
Аҕыс ыйдаах кыһыны,
Тоҕус ыйдаах дьыбары
Туоруур туһугар охсуһан
Күөххэ үктэнэн үөрэллэрэ
Хорсун сахам дьоно.
Үүнэр саҥа үйэҕэ
Сайдыы суолун батыһан
Үлэ – үөрэх таһыма
Балысханнык сайынна.
Ханнык да эйгэҕэ
Саха киһитин ситиһиитин
Истэр-билэр буоллулар.
Аҕыйах даҕаны буолларбыт,
Атын омуктан хаалсыбат
Улахан сүрдээх
Улуу норуот буолабыт.
Саха киһитин туһугар
Саргы дьаалы салалыннын!
Урааҥхайбыт туһугар
Уруй-туску буолуохтун!
20.03.2016. Дьокуускай.

Атоска
Ытык дьон ыччата
Ырыа курдук кэлэн бардыҥ,
Орто дойду туонатыгар
Дьоһуннаахтык олордуҥ.

Ааттаах үтүө атаһым –
Кулаковскай Атоһум,
Арахсабыт күн бүгүн –
Аны хаһан көрсүөхпүтүй?

Дьону түмэр дьоҕургунан
Сатабыллаах салайааччы
Олох кэрчик кэмнэригэр
Боччумнардаах ситиһиилээххин.

Үөрэх буоллун, үлэ буоллун
Үлүмнэһэн түһүспүтүҥ,
Ханнык даҕаны эйгэҕэ
Холобурга сылдьыбытыҥ.

Урал, Сибиир хайатыттан
Кыайан-хотон эргиллэрбит,
Үөрүүбүтүн үллэстэн
Ырыа-тойук тардарбыт.

Хайыһардьыт дьоммут
Харах уулаах муһуннулар,
Кутурҕаны биллэрэн
Төҥкөттүлэр төбөлөрүн.

Эрдээх сүрэх тэбэринэн
Эллэхтэстиҥ ыарыыгынаан –
Дэлэ киһи тулуйбат
Охсуһуутун туораатыҥ.

Аанай-туонай абаккабыан –
Арахсабыт күн бүгүн…
Араҥаччылыыр үгэскинэн
Килиэп сыбаан тоһуйаар…
Хоһоон 2018 с. ырыа буолбута.

Алта уон икки тыһыынча
(Монолог)

Барбыттара эбээт, сэриигэ
Ыраах Саха сириттэн
Алта уон икки тыһыынча
Саамай талыы дьоммут.

Саамай эдэр
Саамай чэгиэн,
Саамай туруу үлэһит
Эрэллэрбит, кэскиллэрбит –

Олоҕу олоро илик,
Оҕону төрөтө илик,
Удьуору ууһата илик
Дьолбутун толоруохтаах ыччаппыт…

Кистээн ытаһа хаалбыттара
Ийэлээх аҕалар сүрэхтэрэ,
Сайыһар курдук иһийбиттэрэ
Сайылыктарын хахыйахтара.

Хаһан эмит кинилэр көрүөхтэрэ дуо,
Хатыҥнардаах чараҥнарын, алаастарын?!
Тыыннаах кэлэн кууһуохтара дуо,
Көһүтэн бүппүт кыргыттарын?!

Уол оҕо уйана-хатана биллэр
Уот будулҕан үөһүгэр түспүттэрэ,
Хоту дойду хоһуун буойуннара
Сибиньиэс ардаҕы бүрүммүттэрэ.

Сүүрбэ аҕыс тыһыынча
хара сурук кэлбитэ,
Уон икки тыһыынча сураҕа суох сүппүтэ –
Үстэн иккитэ дууһатын толук уурбута,
Үстэн биирдэһэ аҥар атахтаах төннүбүтэ.

«Барыта кыайыы туһугар» диэн
Баардарын-суохтарын тэбээбиттэрэ.
Оттон тыылга бар дьонноро
Охтон түһүөххэ диэри үлэлээбиттэрэ.
Аҕалаах-ийэлэр олохторугар
Аччыктааһыны аҕалбыт
Амырыыннаах уот кураан
Ама хайаан умнуллуой?!

Аҕыйах ахсааннаах сахаттан
Аҥаарын кэриҥэ ордубута…
Кыһалҕалаах ол кэмнэр
Кырыыс курдук этилэр…

Сэттэ уон сыллар аастылар ол кэмтэн
Суостаах сэрии бүппүт күнүттэн –
Тыыннаахтар уонна өлбүттэр ахтыллар
Кэриэстэбил ытык иэһигэр куустаран.

Быйыл – Улуу кыайыы сыла!
Быйыл – Дириҥ кэриэстэбил сыла!
Тыыннаахтар уонна өлбүттэр көрсүһэр
Кутурҕан аҥаардаах Өрөгөй күннэрэ!
11. 03. 2015 с.

Оһуохайы аан бастаан

Оһуохайдыыр оһуохай
Эһиэхэйдиир эһиэхэй.
Учууталбын киллэрэн,
Устуоруйаны үөрэтэн,
Оһуохайы аан бастаан
Саха омук аатыттан
Хайалара эппитин
Хасыһан булан ылбытым –
Хотугу сулус анныттан,
Хоту дойду хонноҕуттан
Ыраахтааҕы иннигэр
Ыллаан-туойан биэрбит дии
Өһүргээйэп Тирэн диэн
Илин Хаҥалас киһитэ.
Арҕаа Хаҥалас кинээһэ
Маһары Бозиков баһылыктаах
Үс улуустар тойотторо
Төбөлөрүн холбооннор
Ыҥыыр атынан айаннаан,
Ыраахтааҕыга барбыттар.
Биэс уон хороҕор муостааҕы
Муннуларыттан сиэтэннэр,
Биэс уон сыспай сиэллээҕи
Кутуруктарыгар холбонон,
Алта үлэһит киһилээх,
Соҕотох хаһаак буойуннаах
Мухоплев Мэхээлэ диэн ааттаах
Тылбаасчыттаах барбыттар.
Ыһыах кэмиттэн саҕалаан
Ынах сылгы соһуулаах,
Самыыры хаарынан солбуйан
Саҥа дьылы көрсүһэ
Алта ыйынан алтахтаан
Москубаны булбуттар.
Тыһыынчалыыр алта сүүс
Сэттэ уон сэттис сылыгар,
Тохсунньулуур ыйдарбыт
Үстүүр саҥа сырдыгар
Мэхээлэ уола Өлөксөй
Ыраахтааҕы иннигэр
Икки Хаҥалас дьоно
Урааҥхайтан аан бастаан
Саха омук тойугун
Оһуохайдыыр үҥкүүтүн
Иһитиннэрбит эбиттэр.
Ап хомуһун күүстээҕин
Маһары Бозиков көрдөрбүт.
Саха тойугун, үҥкүүтүн
Тирэн Өһүргээйэп көрдөрбүт.
Намтан тиийбит кинээспит
Нохто Никин кыттыбатах.
Оннук эбит буоллаҕына,
Оһуохайдыыр үҥкүүбүт
Арассыыйа эбэ Хатын
Аҕа баһылык тойонугар
Үстүүр үйэ уорҕатыгар
Үҥкүүлэммит доҕоттоор!
Оһуохайдыыр оһуохай,
Эһиэхэйдиир эһиэхэй.

Тииттээх хатыҥым
(Дьүһүйүү)

Биэс уонча сыллааҕыта Уус Алдаҥҥа тииттээх хатыҥ биир төҥүргэстэн үүнэн, куустуһан турбуттара. Барахсаттар, аата дьиктитин, уоллаах кыыс курдуктар дии – тоҕо баҕас кэрэлэрэй, эдэрдэрэй, күүстээхтэрэй! Хайдах тус-тус­па дьон булсуспуттара буолуой? – диэн санаа оччотооҕу мин уйан дууһабын үүйэ-хаайа туппута. Тыа саҕата буолан арҕааттан үрэр тыал хатыҥ сиэмэтин аҕалан түһэрбитэ буолуо дуо? Эбэтэр холорук обургу эрийэн истэҕинэ үрэх тоҕойугар бииргэ түһэннэр үүммүттэрэ буолуо дуо? Ол хайдаҕын мин кыайан быһаарбатаҕым. Сир ийэ барахсан бэйэтин кистэлэҥин миэхэ арыйбатаҕа. Ону таайарга дьоҕурум, билиим да тиийбэтэҕэ. Кэлин улаатан, оту-маһы кытта тэҥҥэ тустар тыа эр киһитин быһыытынан аттыларынан элбэхтик кэлэн ааспытым, харахпын хатыырым. Эрэйдээх да сиргэ тураллар эбит диэх санаа элэҥнээбитэ. Суол үрэҕи батыһан эргийэ барыытыгар үтэн киирбит тумус тыа анныгар харабыл буолан турбуттара. Арҕааттан тохтообокко үрэр сиккиэр тыал хатыҥ хойуу лабааларын күүскэ илибирэтэрэ. Сыллар ааһан истэхтэрин аайы хатыҥ эрэйдээх илин диэки нөрүйэн, кини аттыгар икки үнүгэстэрэ көбүс-көнөтүк дьылыгыраһан тахсыбыттара. Онтон…
Сүүрбэччэ сыл буолан баран, дойдубар эргиллэн кэлэн, эмиэ ол үрэх устун хас да сыл кэлбитим-барбытым. Хатыҥ эрэйдээх ыалдьыбыт этэ… Хаһан эрэ силигирээн тураахтаабыт бэйэтэ сорох лабаалара хагдарыйан, доҕорун диэки дьулуһаахтыыра. Хоту диэкиттэн көрдөххө, икки лабааларынан тиити кууһа сатаан: «Өр барбат буоллум, оҕолорбун көрө сылдьаар», – диир курдуга. Ону туох истиэ-билиэ баарай?!
«Олус үчүгэй кадр буолуо этэ, бараҥҥын хаар­тыскаҕа түһэрбэккин ээ», – диэн икки- хас киһиэхэ этэн көрбүтүм ээ, ону баара 2-3 биэ­рэстэни хаамалларын ыарырҕатан буолумматахтара. Арай быйыл ити кэпсээммин сэҥээрэн, куораттан 70 саастаах фотограф Е.С. Кириллина тахсан хаартыскаҕа түһэрдэ. Онтубут баара… Хойутаан хаалбыппыт. Хатыҥ эрэйдээх тыалы утары дьүккүйэн тиийэн тиитигэр анньыллыбыт. Хаҥас лабаата күн сырдыгын батыһан үөһэ таласпыт. Уҥа лабаата тииккэ аалыллан-­аалыллан баран тостон түһээхтээбит. Тиит буоллаҕына туох да буол­батаҕын курдук халлааҥҥа харбаспыт. Онон киһи хаартысканан сатаан быһаарбат хартыыната буолбут.
Аар тайҕа барахсан ийэ буоруттан тирэх анньынан үүммүт тииттээх хатыҥым дьылҕалара итинник буолбутуттан ха­раастан, аргыһым көрбөтүгэр, хараҕым уутун сотуннум.