Атырдьах ыйын 10 күнүгэр Емельян Ярославскай аатынан Хотугу сир норуоттарын историяларын уонна култуураларын судаарыстыбаннай холбоһуктаах түмэлигэр «Саха алааһын Иэйэхситэ» диэн Саха сирин норуодунай артыыһа, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Анастасия Варламова төрөөбүтэ 75 сылыгар аналлаах быыстапка аһылынна.
Норуот тапталлаах ырыаһытын үлэтин, олоҕун киэҥник көрдөрөр быыстапка «Мин дьолум – ылланар ырыабар…» салааҕа Анастасия Варламова мэтириэтэ дьон болҕомтотун тардар. Бу хартыынаны Лөгөй орто оскуолатыттан уруһуй учуутала Анастасия Колесова Анастасия Варламованы кытта истиҥник билсибит биир дойдулааҕа Зоя Тумусова көрдөһүүтүнэн уонча күн устата суруйбут. Хартыынаны «Норуот өйдөбүлэ» диэн Зоя Тумусова санааларын түмпүт суруга ситэрэн биэрэр.
«Худуоһунньук Анастасия Михайловна Колесова (Стрекаловская) Эдьиий Настаа уобараһын дириҥник таба тутан арыйбыт. Эдьиий Настаа харахтарыгар норуот өйдүүрүттэн, махтанарыттан үөрүү кыыма саҕыллар курдук. Кини күн курдук сырдык, хас биирдии киһини араҥаччылыы турар курдук айыллыбыт», – диэн Зоя Тумусова Анастасия Колесова үлэтигэр үрдүк сыанабылы биэрбит.
Улуус талааннаах учууталын Анастасия Колесова үлэтэ норуот ырыаһытыгар ытыктабыл бэлиэтэ буолан өрөспүүбүлүкэ түмэлигэр дьон көрүүтүгэр турда.
Елена Сыроватская, уопсас. кэрэсп.