Алтынньы 27 күнүгэр суоппардар идэлээх күннэрэ бэлиэтэнэр. Онон сибээстээн, биир туруу үлэһит киһи – СӨ суол хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ Леонид Саввин туһунан сырдатыам. Кини күн бүгүҥҥэ диэри 30 сыл тухары үтүмэн үлэни көрсөн, тимир көлөнү миинэн, олоҕун айаҥҥа, тиэхиньикэни кытта эрэдьиэстэһиигэ анаан, улууспутугар төһөлөөх тыын боппуруоһу быһааран кэлбитэ буолуой?!

II Байаҕантай нэһилиэгиттэн төрүттээх Леонид Саввин 1975 сыл ыам ыйын 27 күнүгэр 10 оҕолоох ыалга саамай кыра оҕонон күн сирин көрбүтэ. Леонид бииргэ төрөөбүт убайыгар – Герой Егоров ­аатынан соп­хуос бастыҥ чемпион суоппара Петр Иванович Саввиҥҥа оҕо сааһыттан көмөлөһөн, уһуйуллан улаап­пыта.
Онон тиэхиньикэҕэ сыс­таҕас уол 1994 сыллаахха Намнааҕы профессиональнай училищены бүтэрэн, суоппар идэтин ылан баҕа са­наатын сиппитэ.

Ити сыл улууһугар кэлэн, сүүрбэккэ турбут «ГАЗ-53» массыынаны өрөмүөннээн, үүт таһыытыгар үлэлиир. Онтон «Байаҕантай» тэрилтэҕэ «Урал», «ЗиЛ», онтон ДьУоКХ тэрилтэтигэр уу таһар, кэлин «КамАЗ», «Урал» массыынанан чоҕу, убаҕас уматыгы нэһилиэктэргэ тиэрдиигэ үгүс сыратын уурар.

Леонид Иванович 2007 сылтан урбаанньыт буолар. Итинтэн ыла улууспут араас тэрилтэлэрин кытта дуогабардаһан, чоҕу, оттук, тутуу маһын, суол өрөмүөнүгэр араас матырыйаалы таһан үлэ үөһүгэр сылдьар. Кэнники сылларга «СУ-77» тэрилтэни кытта дуогабардаһан, погрузчик ты­раахтарынан суолга үлэлиир, быыһыгар «КамАЗ» массыынатынан суол өрөмүөнүгэр буор, щебенка таһар.

Леонид Иванович кэргэннээх, үс оҕолоох, биир сиэннээх, Мүрү нэһилиэгэр алаһа дьиэ тэринэн олороллор. Кини үлэтигэр дьиҥ билиилээх, ис иһиттэн бэриниилээх, тиэхиньикэ өрөмүөнүгэр сатабыллаах, баай уопуттаах буолан, үгүс эдэр суоп­пары уһуйан таһаарбыта саарбаҕа суох. Кинини киһи барыта билэр: үлэ буолла да, Леха Саабын дэ­һэллэрин үгүстүк истэбит.

Леонид Иванович – дьиҥнээх патриот киһи. Ол да иһин, улуус туһа диэн үлэтигэр ис санаатыттан бэриниилээх, кыһамньылаах буоллаҕа. Төрөөбүт дойдутугар – Тиит Арыы бөһүөлэгэр таһаҕас тиэйиитэ, субуотунньуктар кинитэ суох ааспаттар. Ону тэҥэ бэйэтэ ис санаатыттан дойдутун суолун күттэрэн, кэлэ-бара тэҥнээн ааһар үгэстээх. Тиит Арыы бөһүөлэгэр олохтоохтор көҕүлээһиннэрин өйүүр программанан бөһүөлэк иһигэр түөрт уулуссаны оҥордо.

Оттон быйыл Танда, Тиит Арыы, Бээрийэ икки ардыларыгар өр сылларга үрэхтэр, үрүйэлэр сүүрүгүрэр ууларыгар мындыр өйүнэн-сатабылынан сыралаһан улахан турбалары угаттаан, дьоҥҥо холобур буолар үлэни оҥордо. Онон дойдутун дьоно кинини куруук улахан махталынан, убаастаан, киэн тутта ааттыыллар.

Мария АРГУНОВА