Чэриктэйдэр оҕуруот олордооччулары көҕүлээтилэр

Чэриктэйдээҕи “Сандалы” сынньалаҥ киинэ нэһилиэккэ “КҮҺҮН БЭЛЭҔЭ» диэн атыы-тутуу дьаарбаҥкатын бэрт сэргэхтик ыыттылар. Нэһилиэк оҕуруоччуттара кэлэн кыттыыны ыллылар, оҕуруот аһа, бурдук ас, тууһаммыт хаһааныылар, бэйэ аһа-үөлэ дэлэйдик атыыланна. “Дьүөгэ” дьахталлар сэбиэттэрин түмсүүтэ (сал. Л.В. Дмитриева) ыалдьыттары оҕуруот аһыттан бэйэ борщтаах итии миининэн, соккуойунан күндүлээтилэр.

Биирдиилээн көрүҥ түмүгүнэн: “БААҺЫНА БООТУРА” саамай улахан хортуоска хаһаайынынан М.Г. Босикова, “СААМАЙ УЛАХАН КАБАЧОКТААХ” С.С. Сивцев, А.Н. Горохова, “СААМАЙ УЛАХАН СҮБҮӨКҮЛЭЛЭЭХ” М.Г. Босикова, “СААМАЙ УЛАХАН МОРКУОПТААХ” С.С. Сивцев буоллулар. Маны сэргэ “АЙЫЛҔА ДЬИКТИТЭ” күрэххэ Семен Сивцев кыайда. Оттон айылҕа, оҕуруот аһыттан композицияны оҥорууга кыайыылааҕынан А.Н. Горохова буолла.