Чараҥҥа от ыйын 2 күнүгэр В.Н. Протодьяконов-Кулантай аатынан литературнай түмэлгэ (сал. Клара Крылова) биир уратылаах тэрээһин үрдүк таһымҥа буолан ааста. Ол курдук биллиилээх бэйиэт, үгэһит, тылбаасчыт, ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Степан Афанасьевич Саввин-Күн Дьирибинэ олоҕун уонна айар үлэтин туһунан «Степан Афанасьевич Саввин-Күн Дьирибинэ»диэн саҥа кинигэ тахсыбытын саха литературатын уонна суруйааччыны тус бэйэтин сэргээччилэр бэлиэтээтилэр.
Бу кинигэни Күн Дьирибинэ төрөөбүтэ 125 сылын көрсө кыыһа ССРС доруобуйатын харыстабылын туйгуна, быраас идэлээх Мария Саввина уонна балта Мария Вырдылина суруйан таһаарбыттар. Дьоро күн тэрээһинин өр сылларга саха тылын уонна литературатын учууталынан бэриниилээхтик үлэлээбит, билигин Чараҥнааҕы «Манчаары» устуудьуйа кыттыылааҕа Маргарита Крылова кыайа-хото тутан ыытта. Кини тэрээһин устата тоҕоостоох түгэннэргэ учуутал быһыытынан оҕолорго үгэлэри хайдах үөрэппитин, ону үөрэнээччилэрэ хайдах ылыммыттарын, үгэ суолтатын туһунан быһаарыылара, бэйэтэ үгэни быһа тардан ааҕыыта тэрээһини ураты тыыннаата.
Мария Дмитриевна кинигэ суруллубут историятын уонна кинилэр аймах туһунан кэрэхсэбиллээх билиһиннэриититтэн үгүһү биллибит. П.А. Ойуунускай кэргэнэ Акулина Николаевна Күн Дьирибинэ хаан-уруу балта, түөрт сааһыттан бииргэ иитиллибиттэр эбит. Мария Дмитриевна Акулина Николаевна хаан-уруу балта эбит.
Кинигэ ырытыытын С. Васильев-Борогонскай аатынан улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ кыраайы үөрэтэр салаатын сэбиэдиссэйэ Ольга Павлова олус интэриэһинэйдик ырыппытын, кинигэ ис тутулун арыйыытын биир бэйэм олус биһирээтим. Биһиги көлүөнэбит истэ улааппыт, аатырбыт «Биэстэ эстэр бинтиэпкэм» ырыаны көмүс күөмэйдээх ырыаһыппыт Николай Бурцев толорбутун астына иһиттибит. Умнулла быһыытыйбыт ырыа барыбытыгар даҕаны урукку эдэр саас кэрэ кэмнэрин санатан ыллаҕа…
Кыраайы үөрэтээччи, Клара Бурцева Күн Дьирибинэ кэргэнин Мария Митрофановна Бурцева уонна кини дьиэ-кэргэнин туһунан сырдатыытыгар киһини соһутар чахчылардааҕа олус сонуннук иһилиннэ. Күн Дьирибинэ Чараҥҥа аатырбыт оҕуруотчут Митэрэпээн Буурсап күтүөтэ эбитин сорохтор саҥа истэн соһуйуу улахана буолла. Чараҥ орто оскуолатын музыкаҕа учуутала, ырыа айааччы, кэрэ куоластаах Надежда Свинобоева «Чараҥ көмүс күһүнэ» диэн нарын ырыатын байаанын доҕуһуолунан ыллаан эҕэрдэтин тиэртэ.
Аймахтартан саамай эдэрдэрэ Максим Федосеев Күн Дьирибинэ ыскаабын туһунан чинчийбит үлэтин билиһиннэрдэ. Ити ыскаап билигин Чараҥҥа история кэрэһитэ буолан кинилэр дьиэлэригэр турар эбит. Салгыы 1-кы Хоро нэһилиэгин бэтэрээннэрин сүбэтин салайааччы Светлана Бочкарева улахан үлэнэн тахсыбыт кинигэ күн сирин көрбүтүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ.
Күн Дьирибинэ өссө 40-тан тахса айымньыны тылбаастаабыт улахан тылбаасчытынан биллэр. Кини тылбааһыттан аймахтара Людмила Аммосова уонна Марианна Крылова ааҕан иһитиннэрдилэр. Кинигэ тахсыытыгар сүрүн үлэтин толорбут ааптар Мария Степановна кэпсээнэ өссө интэриэһинэй буолла. Кини дьонун туһунан матырыйаалы 50 сыл устата муспутун, үс сыл чөкөппүтүн туһунан киһи иһиттэр-истэ олоруох курдук сэһэргээтэ. Оҕо сылдьан манна кэлэн сайылыырын, төрөппүттэрин, аймахтарын туһунан, Чараҥы күндүтүк саныырын истиҥник ахтан аһарда. Кини оҕо төрөөн төрөппүттэрин иннигэр ытык иэһин толорбутун долгуйа, үөрэ ылынныбыт. Кини өссө биир аймаҕа, күндү ыалдьыппыт Анна Павлова эмиэ кэрэ кэпсээннээх киһи буолан биэрдэ. Кини эрдэттэн кинигэҕэ үлэлэһэр уопуттаах киһи быһыытынан бу саҥа кинигэ суруллуутугар көмөтө элбэх эбит.
Үгэ – уустук жанр, ол иһин билигин үгэһит суоҕун кэриэтэ. Түмүккэ хоһоонньут, айар куттаах биир дойдулаахпыт Антонина Бурцева оҕолорго анаан суруйбут үгэлэрин ааҕан иһитиннэриитэ бүгүҥҥү дьоро күн соһуччу бэлэҕэ буолла. Онон бүгүҥҥү көлүөнэ дьон Күн Дьирибинэ диэн оҕо эрдэхпититтэн истэн, ааҕан улааппыт суруйааччыбыт туһунан наһаа элбэҕи кэпсиир-ипсиир дьоһун кинигэ күн сирин көрбүтүттэн бары үөрдүбүт-көттүбүт уонна ордук кэнчээри ыччакка туһалаах буолуо диэн эрэнэбит!
Светлана Бурцева, уопсас. кэрэсп.