Бүгүн улууска биир тыа баһаара баара бэлиэтэнэр

Ыксаллаах быһыы-майгы улуустааҕы хамыһыйатын эппиэттээх сэкирэтээрэ Николай Лугинов иһитиннэрбитинэн, ааспыт өрөбүллэргэ улуус үрдүнэн үс тыа баһаара баара, онуоха Бороҕон нэһилиэгэр турбут икки баһаар умуруоруллубут. 

Билигин II Байаҕантай Тиит Арыы бөһүөлэгиттэн 9,5 км тэйиччи сытар сиргэ 4,5 га (онтон 5,0 хонуу сир) иэннээх баһаар баара бэлиэтэнэр. Бүгүҥҥү туругунан, онно «Якутлесресурс» улуустааҕы филиалыттан 10 уонна «Авиалесохрана» тэрилтэ үлэһиттэриттэн 18, холбоон 28 киһи үлэлии сылдьар.

Улуус кииниттэн икки тыраахтыр айаннаабыт. Улууспутугар буруо Хабаровскай кыраай, Амурскай уобалас уонна Уус Маайа баһаардарыттан кэлэр.

Мария Аргунова

Читайте дальше