Бүгүн улуус киинигэр Бороҕоҥҥо улуус баһылыгын отчуота турда. Улууспут киинэ араас улахан тутууларынан, хаарбах дьиэттэн көһөрүү бырагырааманан элбэх этээстээх дьиэлэринэн киэркэйэн иһэр – ити барыта толору хааччыллыылаах тутуулар, дьиэлэр. Ол аата убаҕас тобох кыһалҕата үөскээн тахсар. Дьэ, бу боппуруос отчуокка сүрүн ыйытыгынан турда.
Билиҥҥитэ күн аайы 400-тэн тахса куб убаҕас тобох тахсар эбит. Ону биир соҕотох «Спецсервис» тэрилтэ дьаһайар. Тэрилтэ салайааччыта Евгений Павлов соҕотох тэрилтэ кыаҕар олус киэптэтиилэҕинэн «улуустан көмө баар буолуо?» диэн ыйытыытыгар баһылык Василий Аммосов көмөлөһүөхпүт, сүбэлэһиэххэ диэн ыҥырда.
Маны тэҥэ сыбаалкаҕа тиийэр суол мөлтөҕө, саас, сайын аайы эрэйдиирэ ахтылынна. Онуоха бу суолу оҥорууга 4 мөл. 800 тыс. солк. көрүллүбүтүн эттилэр. Сыбаалкаҕа итинтэн да атын үлэлэр ыытыллыахтаахтара кэпсэннэ.
Киинтэн ититии боппуруоһа син биир көтөҕүлүннэ. Радиотумул уонна Бороҕон арҕаа өттүн ититии туһунан ыйыттылар. Онно тэҥинэн автономнай гаастааһын туһунан санааларын эттилэр.
Анал байыаннай дьайыыттан уоппускаҕа кэлэ сылдьар уолаттар араас кыһалҕаларын кэпсээтилэр. Маны улуус баһылыга Василий Аммосов болҕойон истэн баран олунньу 3 күнүгэр көрсөн быһаарарга ыҥырда.
Афанасий Сектяев