Социальнай ситим нөҥүө Бороҕон сэлиэнньэтигэр “Хаарбах туруктаах дьиэттэн көһөрүү” федеральнай программанан тутулла турар дьиэлэргэ мөлтөх тутуулаах, ирдэбилгэ эппиэттээбэт иэннээх квартиралар оҥоһулла сылдьалларын туһунан бу дьиэҕэ көһөн киириэхтээх олохтоох устан ыыппыт видеолара, хаартыскалара тарҕаммытын көрбүт буолуохтааххыт. Маннык аймалҕан кэнниттэн “Мүрү саһарҕата” хаһыат үлэһиттэрэ миэстэтигэр тиийэн, улуус дьаһалтатын тутууга уонна архитектураҕа управлениетын салайааччытын Максим Гуляевы уонна тутааччылары кытта сирэй көрсөн кэпсэттибит.
Кыра иэннээх квартира
“Киирии, олорор, суунар хостор бары экспертизаны ааспыт бырайыагынан тутуллаллар. Квартиралар иэннэрэ көһөн киириэхтээх хаһаайыттар билигин олорор дьиэлэрин иэнин кытта тэҥ. Саамай кыра иэннээх квартира – 28 кв.м. уонна 53 кв.м тиийэ бааллар. Видеоҕа этиллибит 13 кв.м. диэн биир хос иэнэ буолуон сөп”.
Ванна да баппат кыараҕаһа
“Суунар хоско ванна, унитаз, илии суунар раковина барыта батар. Ванналар кээмэйдэрэ – 140, 150 см. Ити булкуйан улахан кээмэйдээх ваннаны уурбуттарын түмүгэр баппакка турар. Уларытыллыахтаах. Оттон истиэнэҕэ хаһан кыбытыы син биир оҥоһуллар. Туох да куһаҕаны оҥорбот”.
Квартира ортотугар колонна
«Колонналаах квартира ханна баҕарар үгүстүк көстөр. Бу аадырыс иккис куорпуһугар маннык колонналаах икки квартира баар. Монолитнай дьиэ, ол аата бетона кутуллан оҥоһуллар. Оччоҕо свая атахтарынан колонналар үс-түөрт этээскэ диэри өрө тахсаллар. Ол икки ардынан бетон кутаннар блоктары ууран таһаараллар. Квартиралар иэннэрэ араастар. Ол иэннэри батыһаннар, бырайыактыыр тэрилтэ ылыммыт быһаарыныыта. Инник колонналардаах госэкспертизаны ылан тута сылдьаллар. Ити тутуу бырайыагынан хайаан да баар буолара ирдэниллэр.
Квартиралары курдаттыыр вентиляция ситимэ, кырааската мөлтөх
«Вентиляционнай шахта хаһыллыбыта барыта утеплителинэн уонна цеменинэн бүөлэнэр. Ол үлэ бара турара атын квартираларга көстөр. Итиэннэ ити турбаны эмиэ утеплителинэн бүрүйэн баран, гипсокартонунан бүрүллэр. Квартира иһэ барыта иккистээн кырааскаланар. Уот ситимэ тардыллан хаһыллыбыт истиэнэлэр эмиэ бүрүллэллэр, кырааскаланаллар».
Бу Бороҕон сэлиэнньэтин илин өттүгэр Пушкин аатынан уулусса 7 аадырыһыгар тутулла турар икки дьиэ (куорпус) тутуутун туһунан сиһилии билиһиннэрдибит. Тутар тэрилтэ — “ГарантРегион14” ХЭТ (дир. В.П. Находкин). Хас биирдии дьиэҕэ 30-туу квартира бу программанан дьиэлэнэр дьоҥҥо туһаайыллар. Итиэннэ бу икки дьиэнэн 14 квартира тулаайах оҕолорго ананар.
Билиҥҥи туругунан, эбийиэк уопсай үлэтэ 90%-на тутуллан турар диэххэ сөп. Мантан саас утары турар дьиэлэр икки ардыларынааҕы былаһаакка бетоннаныахтаах, оҕо оонньуур былаһаакката тутуллуохтаах. Эбийиэги ыам ыйын 25 күнүгэр туттарыахтаахтар. СӨ олорор дьиэни тутууга дирекциятын сакааһынан “ГарантРегион14” ХЭТ ылынан үлэлиир. Бырайыагын оҥотторууттан саҕалаан, тутуу үлэтин эмиэ бэйэтэ ыыта сылдьар. Бырайыак госэкспертизаны 2021 сыллаахха толору ааспыт. Ол аата хас биирдии хос эмиэ госэкспертизаны, көҥүлү ааспыта биллэр.
Уопсайынан тутуу бара турар кэмигэр киирэн өйдөөбөт быһыы-майгы тахсыбыта, тутуу бүтэ илигинэ, билбэт гынан баран, ыксалынан киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы түмүгэ диэн санааҕа кэлиэххэ сөп.