Бороҕон быйыл өрөспүүбүлүкэ күрэхтэһиилэрин сүрүн түһүлгэтинэн буолуоҕа

Саха сирин физкультурнай хамсааһынын төрүттээччи, биллиилээх общественнай-политическай деятель Николай Николаевич Тарскайга аналлаах сылга олус элбэх тэрээһин, үлэ-хамнас ыытыллара былаан быһыытынан саҕаланна.

Уус Алдан улууһун дьаһалтатын Василий Аммосов:

– Кулун тутарга научнай-практическай конференциялар ХИФУ базатыгар ыытыллыахтара. Маннык конференция Николай Тарскай төрөөбүт дойдутугар Баатаҕай оскуолатыгар эмиэ тэриллиэҕэ. Маны таһынан кылаас таһынааҕы педагогическай үөрэхтээһиннэр буолуохтара.

Олунньуга гимнастика көрүҥэр алын кылаас оҕолоругар күрэхтэһии, эмиэ ити ыйга улуус үөрэҕин тэрилтэлэрин икки ардыларыгар спартакиада ыытыллаллара былааҥҥа баар.

Николай Тарскай ааспыт үбүлүөйүгэр тахсыбыт кинигэ хаттаан бэчээттэниэҕэ, саҥа кинигэҕэ эбии ахтыылар киирэн биэриэхтэрэ. Бэчээт үбүлээһинэ СӨ Бырабыыталыстыбатыттан көрүллэр.

«Саха» НКИХ Николай Тарскай туһунан документальнай киинэни устан көрөөччүгэ таһаарыахтаах.

Баатаҕай нэһилиэгин спортивнай саалатын уонна оскуолатын капитальнай өрөмүөнүгэр үлэ ыытыллыаҕа. Мүрү уонна Баатаҕай нэһилиэктэригэр Николай Тарскай аатынан уулуссалар суолларын өрөмүөнүгэр эмиэ үлэ барыаҕа. Мүрү нэһилиэгэ бүддьүөтүн көрөн олорор. Тарскай аатынан спорт дыбарыаһын иннигэр пааматынньык оҥоһуллуоҕа, бу үбэ улуустан көрүллэн үлэ саҕаланыахтаах. Маны таһынан Дьокуускай куорат “Туймаада” стадионугар баар Тарскай пааматынньыгын кэннигэр биографическай стендэ тутуута олоххо киириэхтээх.

Николай Тарскай аатын алмаас тааска уонна Дьокуускай куорат биир уулуссатыгар иҥэриини Баатаҕай нэһилиэгэ туруорсар.

Былааннаммыт барыта олоххо киирэрэ киэҥ далааһыннаах үлэни ирдиир. Оттон бу соруктары, мин санаабар, бары кыттыһан үлэлээтэхпитинэ, ситиһиэхпит.

Леонид Спиридонов, СӨ спортка уонна физическэй культураҕа министирэ: «Бороҕон – өрөспүүбүлүкэ быйылгы күрэхтэһиилэрин сүрүн түһүлгэтинэн буолуоҕа«.

– Өрөспүүбүлүкэ бөдөҥ спортивнай диэйэтэлэ, тэрийээччитэ Николай Тарскай 100 сылынан улахан күрэхтэһиилэри Бороҕоҥҥо ыытарга быһаардыбыт.

Ол курдук бастакы күрэхтэһиибит көҥүл тустууга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ саҕаланна. Манна уопсайа 186 спортсмен, 25 судьуйа кэллилэр.

Волейболга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ эмиэ Бороҕоҥҥо ыытыллыаҕа. Итини тэҥэ «Азия оҕолоро» спортивнай оонньуулар волейболга сүүмэрдиир күрэхтэһиитэ буолуоҕа. Саҥа үлэҕэ киирбит спортивнай уораҕайга өрөспүүбүлүкэ мини футболга чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа. Чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтэ Бороҕон стадионугар буолуоҕа. Маны тэҥэ оҕолорго чэпчэки атлетикаҕа өрөспүүбүлүкэҕэ бастыыр иһин күрэхтэһии тэриллиэҕэ.

Онон быйыл Бороҕоҥҥо спортивнай тэрээһиннэринэн эмиэ умнуллубат сыл күүтэр.

Наталья Попова