Сахабыт сирин тыатын сиригэр маһы таҥастааһын диэн өйдөбүл ойууртан киллэриллибит тииттэн, бэстэн хаптаһыны хайыттаран таһаарыы эрэ буолуон сөп. Онтон атыны оҥорор кыахпыт да суох буоллаҕа. Ол эрээри, киһи баҕа санаата тугу кыайбатаҕа баарай? Уус Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо олорор урбаанньыт Иван Васильевы дьиэ туттааччылар, уһанар дьон бары кэриэтэ билэллэр. Тыа сиригэр сайыҥҥы кэмҥэ үгэс курдук, өрөмүөн үлэтин үгэнэ буолааччы. Онон тутуу матырыйаала ханна баарын чуо билэн тиийиллэр.

Иван Васильевы мин урбаанньыт быһыытынан билбитим хаһыс да сыла буолла. Бэйэтэ этэринэн, урбаанынан 2009 сылтан дьарыктаммыт эбит. Бастаан эмиэ тыаттан мас кэрдэн киллэрэн, ол тииттэн хаптаһын, буруус, лафет оҥорон атыылыыра. Кини биир уратытынан – наар хаачыстыба туһугар үлэлээбитэ. Ол курдук, маһын урукку улахан пилорамаларга буолбакка, билигин тэнийбит ленточнай эрбиилээх тэттик пилорамалары туруоран хайыттарара. Оннук пилорамаҕа хайыттарыллыбыт хаптаһын, устуруустаммыт курдук, килэркэй буоларынан биһирэппитэ. Ол иһин кини оҥорбут бородууксуйата хамаҕатык барар буолбута.

Ити эрээри, оҥорон таһаарыы урбаан биир ураты көрүҥэ. Туһанааччы ирдэбилэ улаатан, олох тупсан истэҕин аайы тэҥҥэ сайдан барсан иһиэхтээх. Иван ону олус бэркэ өйдүүр. Ол туһунан маннык кэпсиир: ”Мин бу сыллар тухары маһы наар тыаттан кэрдэн киллэрэн хаптаһын, лафет, буруус эрэ оҥорон кэллим. Дьиэ туттарга ити хара үлэтигэр эрэ барыан сөп. Аны хаптаһыны хайдах да ыпсар, хаһан эрэ син биир атар. Ол эрээри, маһы өссө атыннык таҥастыахха сөп ээ диэн санаабын иитиэхтээн олоххо дьэ киллэрэн эрэбин. Холобур, муоста хаптаһынын паркет курдук ыпсарыылаах оҥоробун. Бэлэм устуруустаммыт буолан, дьиэҕэ киллэрэн таҥан эрэ кэбиһэҕин. Саамай сүрүнэ диэн – итинник муоста хаһан да атан тэйэн хаалбат. Атыыласпыт дьон биһирээн эрэллэр”.

Ыра санаа олоххо киирдэ

Иван Васильев сыаҕар тиий­бит киһи маһы таҥастаа­һын промышленнай ньымата маннык эбит ээ диэн итэҕэ­йэр. Холобур, инчэҕэй хаптаһын кэл­лэҕинэ анаан куур­дуллан баран, араас эпэ­рээссийэни оҥорор станоктарга анньыллан, бүтэһик кэрдииһиттэн тахсыытыгар атыылаһааччы ылла да, туттубутунан барар гына бэлэм буолар. Онон чахчы табыгас­таах. Холобур, көннөрү хаптаһыны эрэ ыллаххына, ону устуруустуургар эмиэ күн-дьыл бараныа буоллаҕа. Мин хаптаһыны бурууска майгынныырдыы оҥорон таһаарарын ордук сэргээтим. Ол курдук, 3 см кэриҥэ халыҥнаах (2,7 см), 3 м уһуннаах хаптаһыны ылан, анал уйатыгар уган таҥан кэбистэххинэ, таһыттан көрдөххүнэ, буруус бэрэбинэнэн тутуллубут курдук көстөр. Таҥыллан иһэр буолан, туораттан көмөтө суох соҕотох да киһи уһаныан сөп.

Иван маһы хайдах баҕарар таҥастыахха сөп диир. Онно сөптөөх станок быһахтара эрэ наадалар эбит. Холобур, таҥыллыбыт хаптаһыны таһыттан көрүүгэ төгүрүк бэрэбинэнэн тутуллубут дьиэ курдук көстөр. Ырыынак кэҥээн бардаҕына оннукка да тиийиэм диэн бөҕөх санаалаах. Дьон билигин дьиэлэрин ураты көстүүлээри Иван оҥорор хаптаһыннарын курдугу тастан кэлэри ыарахан сыанаҕа ылаллар. Аны киин уобаластарга ырыынага киэҥэ бэрт буолан, араас ньыманан маска майгынныыр матыры­йаалы оҥороллоро элбэх. Ол иһин тастан кэлэри барытын дьиҥнээх тиит, бэс хаптаһын  диэн “ыраас мууска” уурары саарбахтыыбын. Онон бэйэҥ дьиэҥ таһыгар, эн хараҕыҥ далыгар оҥоһуллубуту ылар быдан эрэллээх.

Маһы маннык таҥастаан таһаарар сыаҕы илин эҥээргэ ханна да көрүөххүт суоҕа, Иван Васильев оннугунан дьарыктанар соҕотох урбаанньыт эбит. Арай Дьокуускай куоракка “Алмас” диэн хампаанньа баар. Аны сыаналарын тэҥнээн көрөр буоллахха, араастаһыыта суох. Холобур, Иван оҥорон таһаарар бурууска майгынныыр хаптаһына 1 кв.м. 1450 солк. буолар. Куораттан эмиэ оннук сыанаҕа ылыахха сөп эрээри, таһаҕастааһынын сыаната эбиллэн, балачча сыаналаах хаптаһын буолан тахсар.

Иван Васильев өр сылларга иитиэхтии сылдьыбыт ыра санаатын олоххо киллэрдэ. Ол эрээри, билиҥҥи кэмҥэ ханнык да улахан да, кыра да урбаан өйөбүлэ суох өнүйбэт. Иван бу үлэлээбитин устатыгар урбаан министиэристибэтиттэн биирдэ эрэ көмө ылбыт. Аны промышленнай ньымаҕа тахсыбыт урбаанньыкка улуус өттүттэн эмиэ көмө наада.

Бороҕоҥҥо эмиэ пеллеты оҥоруохха сөп

Билигин айылҕабыт айгыраан иһэр диир кэммитигэр пеллет диэн оттук онно саамай буортуну  оҥорботунан сураҕырар. Итинник оттук биир ньымата биһиги дьиэ үрдүгэр эбэтэр кунуска эрэ кутар мас көөбүлүттэн (эпиилкэ) оҥоһуллар. Маны тэҥэ торфаттан уонна кытаа­нах умнас­таах үүнээйиттэн оҥоһуллуон сөп. Оттон эпиилкэ би­һиэхэ маһы туттарбыт тухары баар буоллаҕа.

Пеллет оттук көннөрү мас хардаҕастааҕар икки төгүл сылааһы биэрэр. Оҥоһуллар ньымата кураанах эпиил­кэни анал агрегакка кутан, бур­дук курдук мэлийтэрэн, пресстээн 5 см кэриҥэ уһун­наах, 8 мм кэриҥэ диаметрдаах гранула оҥорон таһаарар. Онон харайарга да табыгастаах.

Дьэ, маннык ураты оттугу Иван Васильев оҥорор баҕа­лаах. Кини билигин кубус ку­раа­нах эпиилкэни куул­лаан эрэ атыылыыр. Онтон ол пеллет оҥо­рорго бэлэм сырье итинник наадыйааччыга эрэ бара турдаҕа. Сороҕор таах тоҕуллара да буолуо. Ол иһин Иван биһиэхэ Бороҕоҥҥо даҕаны тобоҕо суох оҥорон таһаарыы баар буоларыгар дьулуһар. Аҕыйах сыллааҕыта Бороҕоҥҥо ыаллар пеллетынан оттуллар оһоҕу атыылаһан тутта сылдьыбыттарын истибиттээҕим. Ону бэркэ биһирээбиттэр эбит эрээри, оннук оттук Саха сиригэр оҥоһуллубат буолан, ону аҕалыы олус ороскуоттааҕынан тохтообуттар этэ. Маннык оттугунан үлэ­лиир хочуолунай былырыын Арыы Тиит бөһүөлэгэр тутуллан киирбитэ. Ону үлэлэтэр тэрилтэ пеллетын аҕалыыга эмиэ балачча ыарахаттары көрсөр буолуохтаах. Ол иһин Иван Васильев баҕа санаата олоххо киирэригэр улуус салалтатын өттүттэн эмиэ өйөбүл наада. Мин оннук агрегат төһө сыаналаах буолар эбитий диэн Ивантан ыйыппыппар: ”Билиҥҥи сыаната 1 мөл. 200 тыһ. солк. курдук”, – диэн хоруйдаабыта. Итинник харчыны улуус уйунуон сөп курдук ээ. Дьон олоҕо-дьаһаҕа чэпчэки, табыгастаах буоларыгар дьулуһар урбаанньыт Иван Васильев өйөбүл ыллаҕына, оҥорон таһаарыыта өссө кэҥиэ этэ.

Кини маһы маннык таҥас­таан таһаарыынан былырыын кыһыҥҥыттан эрэ дьарыктанан эрэр. Ол да буоллар, кини оҥорон таһаарар бородууксу­йатын Мэҥэттэн, Чурапчыттан да кэлэн атыылаһаллар эбит. Хаптаһыны маннык оҥо­рон таһаарыыга дьон биһи­риэн сөп өҥөтүн эмиэ оҥорор эбит. Ол эбэтэр бэйэ хаптаһынын аҕалан бэйэҥ баҕарар көрүҥнээх бородууксуйаҕын оҥотторон ылыаххын сөп. Оччоҕо өҥө эрэ иһин төлүүгүн.

Иван Васильев тыа сиригэр урбаан олох саҥа көрүҥүн киллэрэ сатыыр. Саҕалааһына баар, кэрэхсэнэригэр да эрэл баар. Билигин дьиэ иһин, таһын тупсарыыга араастаан үчүгэй көстүүлээхтик оҥоһуллубут хаптаһыны туттар буолан эрэллэр. Ону биллэн турар тастан ыарахан сыанаҕа кэл­бити ылаллар. Оттон оннук хаптаһыннары бэйэбит аттыбытыгар оҥороллорун таба көрөн, сэҥээрэн өйүүр наадалаах. Өссө табылыннаҕына, Бороҕоҥҥо тобоҕо суох промышленнай оҥорон таһаарыы  баар буолуо.

Саҥалыы көрүүлээх, билиҥҥи кэм урбаанньыта Иван Васильев өссө да үүнэн, сайдан ис. Санаабыт санааҕын олоххо киллэриигин ситэрэргэр көмө баар буолуо диэн эрэнэбин. Киһи барахсан кэрэни кэрэхсиир аналлаах буоллаҕа. Эн дьарыгыҥ оннуктарга киир­сэрэ буолуо дии саныыбын. Бороҕон тупсаҕай көстүүлэнэригэр үлэлэһэн эрэргинэн астынааччы элбээн иһэригэр эрэлим улахан.

Афанасий Копырин.