Биир дойдулаахпыт Владислав Бурцев уонна Петр Эляков «Күөх Боллох бэлэҕэ» скульптуралара кыайыылаах буолла

Республика бастыҥ скульптордара бетон скульптураны оҥорууга күөн көрсөн, биэс күн устата жеребьевка быһыытынан талан ылбыт темаларынан үлэлээтилэр. Бу куонкуруһу урбаанньыт Иван Борисов уонна Төҥүлү нэһилиэгин дьаһалта тэрийдилэр. 

Бэрт Ууһун нэһилиэгиттэн төрүттээх Владислав Бурцев уонна Петр Эляков 2020 сылтан алтыһан, үгүс скульптураны, пааматынньыгы оҥорбуттара биллэр. Ол курдук Уус Алдаҥҥа Майаҕатта Бэрт Хара пааматынньыга улуус киинигэр стадиоҥҥа, Лөгөй Тойон – Бороҕон киин болуоссатыгар, Николай Окоемов – Быччыылыкка, Василий Данилов пааматынньыга Бороҕоҥҥо байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын скверигэр уонна республика араас муннуктарыгар оҥорбут үлэлэрин сэргиибит, киэн туттабыт.

Төҥүлүгэ буолбут куонкуруска барыта 11 хамаанда тиийбититтэн кинилэр Дьокуускай куорат аатыттан «Дьоҕур» диэн хамаанданан кытыннылар. Скульптордарга «Күөх Боллох бэлэҕэ» тема түбэһэн, үс миэтэрэттэн ордук үрдүктээх кэрэ көстүүлээх бетон скульптураны чочуйдулар.

Собо бэлэхтээх Күөх Боллох уобараһын олус ис киирбэхтик, итэҕэтиилээхтик көрдөрөн, бары ирдэбилгэ сөп түбэһэр гына оҥорон дьүүллүүр сүбэ кутун-сүрүн туттулар, бастыахтарын бастаатылар.

Маныаха Владислав Александрович санаатын маннык үллэстэр:

– Маннык куонкуруска аан бастакыбытын кытынныбыт. Манна саха талааннаах, үөрэхтээх художниктара, муус, хаар, мас оҥоһукка аан дойду, Россия күрэстэрин кыайыылаахтара, призердара кытыннылар. Төҥүлү нэһилиэгин урбаанньыта Иван Борисов маннык куонкурустары нэһилиэк ис-тас көстүүтэ сайдарыгар анаан өрүү тэрийэр эбит. Тэрээһин олус үрдүк таһымҥа ааста. Гостиницаҕа олорууну, аһылыгы, скульптура матырыйаалын – барытын босхо хааччыйдылар. Туттар тэрилбитин эрэ бэйэбит киэнин илдьэ сырыттыбыт.

Куонкурус үөрүүлээх арыллыытыгар эстрада ырыаһыттара, түмүккэ «Туймаада» ансаамбыл, олохтоох ырыаһыттар кыттаннар тэрээһин таһымын өссө үрдэттилэр.

Үлэбитин эрдэ бүтэрэн үрдүк сыанабылы ылбыппытыгар олус үөрдүбүт, тэрийээччилэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит.

Дьүүллүүр сүбэҕэ Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ Николай Чоччасов, муус оҥоһукка аан дойду хас да төгүллээх чөмпүйүөнэ Егор Степанов, Россия худуоһунньуктарын сойууһун чилиэнэ, ювелир Александр Манчжурьев уонна олохтоох дьаһалта үлэлээтилэр.

Иккис миэстэни Ньурбаттан «Өҥөлдьө» хамаанда — Дмитрий Максимов, Герасим Максимов ылары ситистилэр.
Үһүс миэстэ Намтан «Сюрприз» хамаанда Анатолий Аргунов, Ньургуйаана Аргунова буоллулар.

Кыайыылаахтарга 250 000, иккискэ — 230 000, үһүскэ 200 000 солкуобай уу харчынан туттарылынна.

Бу 11 скульптура Төҥүлүгэ «Уют» кафе иннигэр оҥоһулунна. Кэлин бу сири тупсаран, кэҥэтэн сквер тутары былаанныыллар эбит. Оччоҕо айанньыттар, ыалдьыттар, олохтоохтор да кэрэхсии көрөр биир кэрэ-бэлиэ сирдэрэ буолуохтаах.