Бэрт Ууһун нэһилиэгин «Айылгы» сынньалаҥ киинигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Александр Иванов аата иҥэрилиннэ

Бэҕэһээ Сыырдаахха «Ырыа – мин дьылҕам» ахтыы киэһэтигэр СӨ култууратын туйгуна, Бэрт Ууһун нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, тамада, алгысчыт, тарбахха баттанар баянист Александр Иванов сырдык аатын үйэтитиигэ дьоһун тэрээһин ыытылынна. Тэрээһин кэмигэр Сыырдаахтааҕы «Айылгы» сынньалаҥ киинигэр Александр Иванов аата иҥэриллибитин туһунан баһылык Юрий Колодезников иһитиннэрэн, туоһу докумуону директор Лилия Бурцеваҕа туттарда.

Тэрээһиҥҥэ бэйэтэ түһэрбит хаартыскаларынан, үлэтинэн кини олоҕун, талаанын, дьоҕурун кэрэһэлиир киэҥ ис хоһоонноох “Айар талаан” быыстапка туран дьон-сэргэ биһирэбилин ылыан-ылла.

Ахтыы-кэнсиэр Александр Петрович олоҕун кэрчиктэринэн олус үчүгэйдик, чэпчэкитик, чугас дьонун, доҕотторун, бииргэ үлэлээбит дьонун ис дууһаттан ахтыыларынан, оҕолоро кыһаллан оҥорбут видеоларынан, хаартыскаларынан 4 чаас устата буолбута биллибэккэ, биир тыынынан, сорох түгэҥҥэ харах уулаах, ол быыһыгар Сааскабыт күлүүлээх тугэннэрин ахтыыга күлэн-үөрэн ылыылаах, истиҥ ырыа аргыстаах ааста.

Тэрээһиҥҥэ Бэрт Ууһун нэһилиэгин баһылыга Юрий Колодезников уонна Мөҥүрүөн нэһилиэгин баһылыга Юрий Александров, Александр Петрович дьиэ кэргэнэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, аймахтара, доҕотторо үгүстүк алтыспыт, бииргэ үлэлээбит коллегалара, Уус Алдан улууһун баянистара Николай Бурнашев – Чысхаан, Станислав Луковцев, Константин Иванов, Василий Петухов – Икки Баһылай, Будимир Крылов уонна Мэҥэ Хаҥалас улууһун баянистара Иван Прибылых, Яков Стручков кыттыыны ыллылар. Киэн туттар ырыаһыттарбыт Семен, Дмитрий Ченяновтар, сиэнэ Саша Иванов, Николай Андросов, Константин Слепцов – Дапсы, Лилия Петухова, «Иэйии», «Дьүһүй» вокальнай ансаамбыллар ыллатылар.

Дьоһун киэһэ саҥа үлэһит – хоровик Эрхан Слепцов салалтатынан Майаҕа хор коллективтарын көрүү өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар Александр Иванов салайааччылаах баран кыттан лауреат үрдүк аатын ылбыт Бэрт Ууһун хора “Дьикти киэһэ” (Павел Акимов матыыба) ырыаны а капелла уонна Сергей Мулло “Сахам сирэ” ырыатын толорон саҕалаата, хорга Уус Алдан, Мэҥэ Хаҥалас баянистара доҕуһуоллаатылар.

Николай Бурнашев-Чысхаан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин баянистарын, аккордеонистарын уонна гармонистарын сойууһун чилиэнэ» удостоверениены уонна түөскэ кэтиллэр бэлиэни Александр Петрович кэргэнигэр Маргарита Егоровнаҕа уонна Николай Протопоповка туттарда.

Оттон Александр Иванов дьиэ кэргэнэ бэйэлэрин ахтыыларын түмүгэр махтанан туран «Айылгы» сынньалаҥ киинигэр музыкальнай скамейканы бэлэх ууннулар.

Сыырдаахтааҕы «Айылгы» сынньалаҥ киинин саайтыттан

Читайте дальше